Кытылга кыыс ытыыра. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытылга кыыс ытыыра - Галина Нельбисова страница 3

Название: Кытылга кыыс ытыыра

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2135-8

isbn:

СКАЧАТЬ эрэ санаата түспүтүн, туга эрэ тиийбэт курдугун өйдөөн сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымнаҕас көрүүтүн, эйэҕэс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.

      Биир күн дьиэтигэр үлэлии сылдьар дьон Иннаны эмиэ куоракка «командировкалаабыттара». Итэҕэс-быһаҕас син көстүбүтэ. Инна куораттыан иннинээҕи киэһэттэн ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн, киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолбутуттан бэйэтин мөҕүттэ санаабыта. Сарсыныгар өтөрүнэн киэргэммэтэҕин киэргэнэн, оҥостон-туттан куоракка киирбитэ. Маҕаһыыҥҥа киирэригэр атыыһыт уолаттар бааллара. Инна, наадалаах табаарын ыйыта-ыйыта, хараҕа хонтуора хос диэки этэ, сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээн олороро. Сотору биир атыыһыт уол хонтуора диэки элэс гыммыта уонна тута төттөрү тахсан сүр ыксаабыт куолаһынан:

      – Инна Тимофеевна, Дмитрий Николаевиһы хайаан да күүтэр үһүгүн. Базаттан айаннаан кэлэн иһэр. Эйиэхэ олус наадыйар үһү, – диэбитэ.

      Инна соһуйан, үөрэн да хаалбыта. Сотору Дмитрий Николаевич ыксаан ахан киирэн кэлбитэ.

      – Оо, маладьыас, күүппүккүн дии. Кэл эрэ, кабинеппын көрдөрүүм, – диэн хоһугар батыһыннарбыта.

      Бу күнү Инналаах Дмитрий куоракка бииргэ атаарбыттара. Куорат биир чөкө ресторанын булан бэйэ-бэйэлэрин олохторун бүүс-бүтүннүү тоҕо тэбээн кэпсэппиттэрэ.

      – Инна, миигин кыратык чэпчээн, холуочуйан этэр диэмэ. Эйигин көрсүөхпүттэн туох эрэ буоллум. Эр киһи элээмэтэ бэйэм туох эрэ дьаһалы ыллахпына сатанар дии сырыттахпына, ити уолаттар сотовайбар эн кэлбитиҥ туһунан биллэрдилэр. Уол оҕо курдук долгуйан, оннооҕор улахан суолталаах дьыалабыай кэпсэтиини быраҕан сүүрүүнэн кэллим. Кэргэммин кытта сыһыаммыт тымныйбыта ыраатта эрээри, туора хаамар туһунан толкуй суоҕа, – дии-дии, Дмитрий элбэҕи этиммитэ.

      Инна, бүүс-бүтүннүү ыга куустарбыт дьикти иэйиититтэн иэдэйэн да олордор, кытаанахтык, кыһаллыбатах курдук тутта сатаабыта. Дьиэтигэр төннөн баран эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Дмитрий киниэхэ нэдиэлэни быһа төлөппүөннээбитэ. Инна кистээн ытыы-ытыы, оҕолорунан «Инна Тимофеевна тыаҕа барбыта, хас да хонон баран кэлэр» дэттэрэ-дэттэрэ, сыппыта. Нэдиэлэ бүтүүтэ Дмитрий Николаевич бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Бу кэнниттэн кинилэр арахсыбатахтара, үөскээн хаалбыт күүстээх иэйиини саба баттыыр күүһү хайалара да кыайан булбатаҕа.

      Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллааҕыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал олоҕун алдьатаары тииһэр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал аҕатын, киһи кэргэнин «уоран», кистэлэҥ тапталтан дьоллоно сырыттаҕа. Оскуолаҕа учууталлыыра, сиэри-майгыны тутуһуннарар аналлаах идэлээҕэ суобас суутун өссө сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэҕэ көстөр, ырыаҕа-тойукка холбонор, кинигэҕэ кэпсэнэр дьиҥнээх тапталга, арааһа, дьэ кырдьык СКАЧАТЬ