Кытылга кыыс ытыыра. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытылга кыыс ытыыра - Галина Нельбисова страница 9

Название: Кытылга кыыс ытыыра

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2135-8

isbn:

СКАЧАТЬ кыргыттарыттан икки кыыс ыал буолбуттара. Биир кыыстара оскуолатааҕы табаарыһыгар, иккистэрэ атын факультет уолугар кэргэн тахсыбыттара. Доҕотторо сэмээр Светалаах Гриша быһаарыныыларын күүтэллэрэ. Дьүөгэлэрэ: «Света сөбүлэспэккэ ити уолу иэдэтэрэ буолуо», – диэн дьиксинэллэрэ. Ол эрээри кыыстара кинилэр күүппэтэх өттүлэриттэн түргэнник быһаарынан, бүтэрэр саастарыгар Гришатыгар кэргэн тахсан, түргэн үлүгэрдик сыбаайбалыы охсон соһуталаабыта. Биллэн турар, Гриша саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Гриша хирург, Света терапевт идэтин ылан хоту үлэлии барбыттара. Билигин ол дойдуларыттан куоракка көһөн кэлэн олороллор. Кыыстара студентка, омук тылын факультетыгар үөрэнэр, уоллара быйыл 8 кылааска үөрэнэ киириэхтээх.

      Светланалаах Лариса хахха сири булан чэйдиирдии тэринэн бардылар. Лариса дьиэлээх, тыа киһитин сиэринэн аһа-үөлэ дэлэй. Бастаан үгэстэринэн биир кылааска үөрэммит оҕолорун, ким ханна баарын, хас оҕоломмуттарын, хайдах олороллорун ырытыстылар. Биллэн турар, араас кэпсээннэр, бииртэн биир бэйэ-бэйэлэригэр майгыласпат дьылҕалар тахсан кэллилэр.

      – Лариса, өйдүүгүн, онуһу бүтэрэн баран кыргыттар эрэ буолан бу Кыыс Кырдалыгар кэлэн барбыппытын? – Света, ол кэмнээҕи эдэр сааһын олус күүскэ санаан олорор киһи быһыытынан, дириҥник үөһэ тыынна.

      – Баар быһыылааҕа, уопсай поход кэнниттэн уолаттартан кистээн кэлбиппит. Виссарион кэлсэ сатаан бөҕө буолбутун өйдүүбүн.

      – Даа, онно бары күн кыһалҕата суох, саҥаран көрө-көрө күлэр омуннаах кыргыттар этибит. Оттон билигин хайдах курдук атын хартыынаный… Араас да олохтоох дьон буолбуппут, – Светлана эмиэ өрө тыыммытын өйдөөбөккө да хаалла.

      – Эн наһаа ностальжилыыр эбиккин дии. Мин тоҕо эрэ оннук айылаах эдэр сааспын ахтыбаппын. Романтичнайым суох быһыылаах, – Лариса дьүөгэтин, дьэ саҥа өйдөөн көрбүт киһи курдук, одуулаан ылла.

      – Лариса, эн Виссариоҥҥун таптыыгын дуо? Чэ, уопсайынан бу сиргэ таптал диэн баар дуо? Туох дии саныыгын? – Светлана ону эрэ күүппэтэх дьүөгэтигэр боппуруос бөҕөтүн кутан кэбистэ.

      – Таптал? Оттон баар ини. Сөбүлэһэн, түөрт оҕолонон бачча олорон кэллэхпит. Ол туһунан эчи санаабыт да суох. Сөбүлэспэппит буоллар, арахсыбыт буолуо этибит. Оттон эн бэйэҥ туох дии саныыгын?

      – Таптал, таптал… Мин бу сотору эбээ буолар сааспар тиийиэхпэр диэри ити боппуруоска эппиэт була илик курдукпун. Дьүөгэлэрбин кытта арыт эмиэ бу темаҕа бөлүһүөктээн ылабыт да, мөккүһэн-мөккүһэн баран тарҕаһабыт. Мин көрдөхпүнэ, тоҕо эрэ бары «оттон, арааһа, баар быһыылаах» диэн соччо быһаарыыта суох түмүккэ кэлэбит. Сорохтор ити барыта өй-санаа фантазията, үйэлээх таптал диэн суох дииллэр, иннилэрин биэрбэттэр.

      – Хотуой, Света, оттон эн Гришаҕын таптаан ыал буолан олорор инигит? Сааһырыаххытыгар диэри «эйигин таптыыбын» дэһэ сылдьыбатаххыт иһин, эдэр сааскыт иэйиитинэн холбостоххут дии.

      – Лариса, СКАЧАТЬ