Название: Кытылга кыыс ытыыра
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-2135-8
isbn:
Биһиги буруйбут буолуо дуо, хойутаан көрсүбүппүт?! Оо, олорбут сылларбытын төттөрү эргиппит киһи баар ини! Бачча булсан баран саатар 10-ча сыл бииргэ олорор дьолбут суох буоллаҕа. Суох буолаахтаатаҕа, барбыт эргийбэт, өлбүт тиллибэт…
Доҕорум оҕото, итэҕэй дуу… Эн буолаҕын мин сүрэхпин сүүйбүт, дууһабын долгуппут, тапталбын, иэйиибин иккистээн тыыннаабыт, хаһан да ааспат-арахпат, сүппэт-симэлийбэт мин улахан тапталым.
Мин эйигин, күндү киһибин, хаһан да умнуом суоҕа. Тыыннааҕым тухары түүлбэр көрсүөм, санаабар кэпсэтиэм. Ааспыт олоҕум оспот бааһа, сэниэбин эһэн, санаабын самнаран, хараҕым уутунан сууннаран барбытыҥ наһаа да абалаах, кыһыылаах. Олус ыарахан. Быраһаай.
Үнүр биир киэһэ бу суруктары Асяҕа көрдөрө олорон эмиэ ытаан-соҥоон барбыта.
– Ася, олох тоҕо олус уустугуй? Тоҕо сатамматый биһиги, хойутаан көрсүбүт дьон, арыый да уһуннук олоро түһэрбит?! Тоҕо дьылҕа хаан түөрт эрэ сыллаах дьолу быктаран баран былдьаан ыларый?
– Инна, олох оҥоһуута, ыйааххыт буоллаҕа. Хайдаҕын да иһин эн дьиҥнээх тапталы, улахан тапталы биллэҕиҥ. Мин урут да эппитим дии, оннооҕор биһиги, чугас дьүөгэлэриҥ, эйиэхэ кэлэн ааспыт дьолунан дьоллонон олоробут. Бу орто дойдуга таптал баар эбит ээ дэһэбит. Дьиҥнээхтик таптаабыт эр киһини илэ биллэхпит, ол тапталтан эн хайдахтаах курдук кыыс оҕолуу иккистээн тыллыбыккын, тупсуоххунан тупсубуккун көрдөхпүт. Билигин биһиги эмиэ эрэллээхтик, улаханнык таптал баар дэһэбит, – диэбитэ Ася.
Инна, дириҥник үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, альбомун түөһүгэр хам кууһан оттуллубут оһох иннигэр олорунан кэбистэ. Таһырдьа эмиэ күһүҥҥү ардах түһэн сабыгыратан барда…
Кыыс кырдалыгар
Оо, дойдум барахсан, күндүгүн даҕаны! Салгынныын, сыттыын-сымардыын сүрэҕи-быары ортотунан киирэн тоҕо баҕас үчүгэйэй! Уулусса тоҕойун аайы тохтоон кэпсэтэр биир дойдулаахтарым, били оруобуна Исай Брызгалов ырыатыгар ылланарыныы, ийэ, аҕа курдук чугаскыт. Сыл-хонук баттаан эһиги кырдьыбыккытынан көрдөххө, күн-дьыл да барбыт, ол аата саас да ырааппыт буоллаҕа».
Светлана Николаевна өрүс кытылын устун аргыый хааман иһэн ыскамыайкаҕа кэлэн олордо. Ыскамыайка эрэйдээх эмиэ кырдьаахтаабыт. Эмиэ бэйэтэ туспа олох кэрэһитэ турдаҕа эбээт. Төһөлөөх эдэр паараны олордон, көрсүһүннэрэн, арааран ааспыта буолуой? Светлана Николаевна ыскамыайкаҕа олорон эбэтин саҥа көрөр киһилии одуулаата. Кырдьык, уруккута буолбатах, хайдах эрэ бүүс-бүтүннүү өлбөөдүйбүт, соҥуорбут көрүҥнэммит. Урут… оо, кэрэ да көстүүлээх этэ… Светлана Николаевна хараҕын симэн ылла. Эбэ уута ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир буолара, мэктиэтигэр уу түгэҕэр уста сылдьар балыктар курдаттыы көстөллөрө. Биэрэгэр чыычаах арааһа мустан ыллыыра, үп-үрүҥ хоптолор уу кырсын үрдүнэн талбаара көтөллөрө. Оттон киэһэ чуумпуга налыйан-наскыйан, аргыый мөлбөйө устан эмиэ киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ көстүүлэнэрэ. Светлана оҕо сылдьан уу баһа киирэн баран күөххэ сууламмыт СКАЧАТЬ