Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сайсары күөлгэ түбэлтэ - Егор Неймохов страница 9

Название: Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Автор: Егор Неймохов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-4095-7

isbn:

СКАЧАТЬ сатана ол Биэткэлиин иннэлээх сап курдук суксуруһаллар. Этэ сатаа – тыал тыаһыныы истэллэр. Хата, ол араатардыырбыттан салҕан, бэйэм кулгааҕым сылайда. Куоракка атын сиргэ көһүөххэ баар этэ да, син биир туһа суоҕа биллэ-ээр, анараа да дойдуга баҕайылар куустуспутунан бараллар ини…

      – Оҕонньоруҥ ол киэһэ төһөҕө дьиэтигэр киирбитэй?

      – Ки-ким? – дьахтар саҥаран күлүмэхтэнэ туран харан ылла, онтон дьэ өрүһүнэн кутта-симнэ. – Аа, Хамсыайап дуо? Тойон аһа иннинэн-кэннинэн кэлэр гына тотон, муостаҕа таба тирэммэт киһи тоҕус диэки киирбитэ…

      – Эмээхсин, түксү эрэ… – диэн Хамсеев хаана-сиинэ ыаһыран, күргүйдээн эрдэҕинэ, Элиэнэп быһа түстэ:

      – Оттон Давыдов ол киэһэ төһөҕө төннүбүтүн көрбүтүҥ буолаарай?

      – Тыый, көрүмүнэ. Тахса сылдьыбытым ээ, эчи, куттала да бэрт – итирик киһи дьиэтигэр уоту да түһэриэн, хотуотугар да чачайыан сөп. Эҥин-дьүһүн буолар ыраахтан үһүө?! Дьиэҕэ киирбитим. Лаампалар бары умайан күндээрии – туох ааттаах үөрүүтүн-көтүүтүн бэлиэтээн дэлбэрийбиттэрэ буолла… Дабыыдап уол оронугар кууллуу охтубут да, утуйан, муннун тыаһа бап-баччыгынас. Уотун бүтүннүү умулларан, аанын таһыттан баттатан барбытым. Сарсыарда аҕыс саҕана уолу нэһиилэ уһугуннарбытым.

      – Оттон баттыгыҥ?

      – Ханна барыай – атахтамматаҕына. Ол Дабыыдап уол дьиэтигэр бытыттан ордук туох кэлиэ диэн ордугургуохтарай, уоруйахтарыҥ да, бэйи, быкка-былахыга улаханнык наадыйбаттар ини…

      – Киэһэ хас саҕана Давыдовка тахса сылдьыбыккын өйдүүгүн дуо?

      – Бээрэ… – дьахтар толкуйдаан, мотоҕоно курдук тарбахтарын мускунна. – Ии, манна төннөн киириибэр, били, «Бириэмэ» кэнниттэн көстүбүт киинэ бүтэн эрэрэ, ол аата уон саҕана эбит…

      Биологическай экспертиза түмүгэ

      «Черноградскай Ананий Алексеевич хаанын бөлөҕө – В альфа (III). Өлүөхсүт Александрова хаанын бөлөҕөр сөп түбэһэр…»

      Сайыҥҥы муора ахтылҕана

      Захар Захарович кыһыҥҥы тымтар тымныыга тоҥон-хатан, аан туманынан будулуйар куорат уулуссатынан харбыалаһан иһэн, ардыгар сайыҥҥы муораны ахтан-санаан кэлэрэ. Пляж кырылас кумаҕар тобус-толору мустубут сөтүөлээччилэр ньамалаһаллара, күлүү-салыы, аат эрэ харата эппэҥниир күөх муора урсунугар харбыыһыттар төбөлөрө хараарыҥнаһаллара, оттон үөһэ – мэктиэтигэр, түгэҕиттэн толбоннура-толбоннура сыдьаайар киҥкиниир киэҥ халлаантан кыһыл көмүс сардаҥа охторун күлүбүрэччи саккыратар күн уотун күлүмэх сырдыга, итиэннэ сүрэҕи сүүдьүтэр, дууһаны долгутар истииҥ-истиҥ иэйиинэн таһымныыр таптал тырымнас тыллардаах ырыата кутуллар.

      Кабинетын ааныгар күлүк элэс гыммытын хараҕын кырыытынан көрөөт, силиэдэбэтэл эргиллэ оҕуста – тоҥсуйуон дуу эбэтэр аһаҕас аанынан көннөрү киириэн дуу саараҥнаабыттыы, Капитолина тэпсэҥнии турар эбит, кинини көрөн мичээрдээтэ уонна иһирдьэ атыллаата:

      – Дорообо, аны эн үлэҕэр көрсүһэр буоллахпыт. Биһиги үлэбитигэр дьон баҕа өттүлэринэн үөрэ-көтө сынньана кэлэллэр, оттон эйиэнигэр бу… – Капитолина сонньуйа-сонньуйа СКАЧАТЬ