Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сайсары күөлгэ түбэлтэ - Егор Неймохов страница 8

Название: Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Автор: Егор Неймохов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-4095-7

isbn:

СКАЧАТЬ санныгар саба быраҕыммыт истээх сонун кичэйэ-кичэйэ бүрүнэ тардынар.

      Киһитэ боппуруос соһуччута бэрдиттэн мух-мах буолла, онтон:

      – Ээ, – диэтэ.

      – Мин эмиэ эдэрбэр таптыырым. Республикаҕа уолаттарга киирэн оонньоон турардаахпын – оскуолаҕа сылдьан.

      – Ээй, – Хамсеев сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэргэ дылы буолла. – Хаһыс разрядтаах этигиний?

      – Бастакы. Эн оонньууруҥ дуо?

      – Ханнык эмэтик, биһиги саҕана сайдыы да суоҕа бэрдэ, үгэннээн үһүс разряды толороллоро…

      – Оннук буолумуна. Дьэ, дьыалабытыгар киириэххэ, эн миэхэ, баһаалыста, алтынньы 31 күнүгэр Давыдовтыын хайдах аһаабыккын, тугу кэпсэппиккин сиһилии кэпсээ эрэ.

      Хамсеев таптыыр боппуруоһуттан курус кэпсэтиигэ төннөн өрө тыынна уонна Давыдов силиэстийэҕэ көрдөрбүтүн үүт-үкчү кэпсээтэ.

      – Александрова киниэхэ урут сылдьарын билэриҥ дуо?

      – Суох.

      – Кинини ити күн аан маҥнай көрдөҕүҥ дии?

      – Ээ.

      – Александровалаах Давыдов кыыһырсар этилэр дуо? Уопсайынан, тугу кэпсэппиттэрэй, сиһилии сэһэргээ.

      – Кыыһырсыы суоҕа. Кини кэлбитигэр Федька… ээй… Давыдов кыбыстыбыт курдуга, «хаһан кэллиҥ?» диирэ. Кыыс хаһан эрэ диэбитэ да, өйдөөбөппүн. Мин ыалдьыкка диэн арыгы куппутум, ону охсуһуннарбыта эрээри, испэтэҕэ. Онтон кинилэр барбыттара, мин дьиэбэр тахсыбытым.

      – Төһөҕө этэй?

      – Өйдөөбөппүн.

      – Уонна тугу кэпсэппиккитий?

      – Умнубуппун, итирик этим.

      – Давыдов дьиэтигэр ханнык быһахтардааҕын билэҕин дуо?

      – Килиэп быһаҕа баара, хара уктаах. Ээ, уонна саха быһаҕа, дойдум ааттаах ууһа охсубута диэн кэпсиир буолара.

      – Александрованы атаарарыгар Давыдов быһах уктубутун көрбөтөҕүҥ дуо?

      – Эс, суох, тоҕо уктуой? Автобус тохтобулугар диэри эрэ атаарбыт буолуохтаах.

      – Тоҕо инньэ диигин.

      – Бинсээгинэн эрэ барбыта, миигин өссө «кэлиэм, күүт» диэбитэ да, эмээхсиммиттэн куттанан…

      «Кырдьык да, төһөҕө тарҕаспыттарын Хамсеев кэргэниттэн ыйытыахха баар». Силиэдэбэтэл түгэх хоһу өҥөйдө, орон үрдүгэр сурунаал ойуута – Мона Лиза элэктиирдии мичээрдии олорор: «өлөрүөхсүтү мин билэбин, эн булуо суоххун, булуо суоххун» диирдии.

      Элиэнэп көхсүн этиттэ, киһитигэр төттөрү эргилиннэ уонна дьаадьайбыт остуолу ыйда:

      – Бу остуолга аһаатаххыт дии?

      – Ээ.

      – Александрова кэлбитин кэннэ ким эмэ түгэх хоско киирэ сылдьыбыта дуо?

      – Өйдөөбөппүн, арааһа, суох. Бэйэм чааһым киирбэтэҕим.

      – Давыдов атаҕын таҥаһа туох этэй?

      – Хайдах?

      – Оттон тугу кэтэ сылдьарай – хаатыҥка дуу, бачыыҥка дуу?

      – Ээ, – Хамсеев өйдүү сатаан сүүһүн түрдэһиннэрдэ. – Ээй, өйдөөтүм, СКАЧАТЬ