Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сайсары күөлгэ түбэлтэ - Егор Неймохов страница 6

Название: Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Автор: Егор Неймохов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-4095-7

isbn:

СКАЧАТЬ бэйэтэ сулбу ыстанан тахсар финскэй быһаҕын көрдөрбүтэ, хайдах «уларсалларын» өйдөөн алларастаспыттара, онтон хотоойутук туттан дьиэлэрин анныттан тахсаат, маҥнай түбэһэ түспүт соломо сэлээппэлээх оҕонньору быһаҕынан тирээбиттэрэ:

      – Фантомастар Дьокуускайга кэллибит. Биэс харчыта аҕал!

      Оҕонньор олус куттаммыта:

      – Биэриэм, биэриэм, – дии-дии уолугун сиэбиттэн үс солкуобайы салыбырас илиитинэн хостообута.

      Оҕонньор куттаммытыттан эрдийэн, кини атын сиэптэрин туппахтаан көрбүттэрэ да – тугу даҕаны булбатахтара. Халаабыт киһилэриттэн тэйэн, арыгы маҕаһыынын туһаайан барбыттара, маҕаһыыҥҥа адьас чугаһаан эрдэхтэринэ, эмискэ аттыларыгар туормас тыаһа кыычыгыраабыта.

      – Куотуҥ! – Леха өлөр хаһыыта иһиллибитэ.

      Федя эргиллибитэ уонна айаҕын аллаччы аппытынан биир сиргэ хамсаабакка турбута. Күөх дьураалаах араҕас массыынаттан милииссийэлэр ыстанан түспүттэрэ, кэннилэриттэн били соломо сэлээппэлээх оҕонньордоро ойон тахсыбыта уонна уҥуох-тирии тарбаҕынан ыйа-ыйа, хаһыытаан чаҥкынаппыта:

      – Тутуҥ, тутуҥ! Кинилэр! Фантомастар!

      Үһүөннэрин быччаччы тутан ылбыттара. Силиэстийэҕэ саппыкыһыт будкатын алдьаппыттара эмиэ арыллыбыта.

      Давыдов хас да сыл буолан баран хаайыыттан төннүбүтэ. Көннөрү илии-атах хара үлэттэн үлэҕэ көһөн, ким түбэһиэҕи кытта арыгылаан булкулла-тэккиллэ сылдьан Геленаны көрсүбүтэ. Бары «иһээччигин, арыгыһыккын!» диир кэмнэригэр кини «эн алкоголик буолбатаххын ээ, тоҕо күн аайы иһэҕин, туттунуоххун» диэн кыыс ис сүрэҕиттэн этэрэ ыраас халлааҥҥа ньиргийбит этиҥнии соһуппута уонна ханнык эрэ инникигэ эрэл кыымын умаппыта. Геленалыын билистэҕин утаа Федор арыгыттан кэм тардыммыта, өҥөйбөтөҕө ырааппыт театрыгар оннооҕор иккитэ-хаста сылдьыбыта, үлэтигэр да борогууллуура аччаабыта. Сарсыарда Геленаны санаабытынан уһуктар, киэһэ кинини өйдөөбүтүнэн утуйар дьикти кэрдиис кэм кыһалҕата суох оҕо сааһын дьоллоох-соргулаах күннэригэр маарынныыра. Ити эрээри кэнникинэн улам-улам кыыс ылбат-биэрбэт сыһыана кыйахыыр буолбута, биирдэ итирэн баран «иккиттэн биирин бүгүн быһаарыахха» диэн бугуһуйбут бэйэтэ эр хаанын ылынан Геленаҕа тиийбитэ. Улаханнык ииристилэр быһыылааҕа, ыһыы-хаһыы баарын өйдүүр, дьиэтигэр хайдах тиийбитин өйдөөбөт. Сарсыарда төбөтө хайа ыстаныах айылаах ыалдьан уһуктубута. Арай сып-сымнаҕас илиилэр баттаҕын имэрийэллэрэ, халтаһатын атыппыта – үрдүгэр Гелена нөрүйэн ытыы олороро.

      – Хайа, Гелена? – уол кыыһы илиититтэн харбаан эрдэҕинэ, кыыс илиитин куоттарбыта уонна уу-хаар баспыт хараҕынан олус хомойо, курутуйа кинини одууласпыта.

      – Бөлүүн тугу дьаабыламмыккын билэҕин дуо?

      Федор сүрэҕэ ытырбахтаабыта:

      – Суох…

      – Истэххинэ ынырык да буолар эбиккин, эдьиийбин Капаны кырбаары тиистиҥ, «миигиттэн атыҥҥа тахсыаҥ да, өлөрүөм», – СКАЧАТЬ