Название: Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Автор: Егор Неймохов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-4095-7
isbn:
– Кими да уорбалаабаккын дуо?
– Давыдовтан ураты суох… кими да…
– Чэ, оччоҕо, Капитолина Семеновна, маны аах уонна илиитэ баттаа, – бэчээттээбитин машинкаттан төлөрүтэн дьахтарга уунна.
Александрова «тугун официальнайай» диирдии ботугураата уонна бэчээттэммити түргэн баҕайытык ааҕан элэгэлдьиттэ, илии баттаан эрилиттэ.
Захар Захарович паапканы сейфэҕэ хатаата уонна килбэлдьигэс хара тирии сонун Капитолина кэтэригэр көмөлөһө туран ыйытта:
– Капитолина, балтыҥ соно эмиэ маннык ээ, бииргэ ылбыккыт дуу?
– Мин ылбытым. Универмакка атыыланарыгар түбэһэн – иккини…
– Тугу эмэ биллэххинэ, Капитолина, кэлэ сылдьаар.
– Таҥара быыһаатын! – дьахтар саҥа аллайа түстэ уонна килбигийбиттии мичээрдээтэ. – Эһиги хонтуораҕытыгар киһи көнө сүнньүнэн үктэммэт дойдута буолуо ээ, хата, биһиэхэ сырыт – сынньана, аһыы, үҥкүүлүү.
Захар Захарович сонньуйан кэбистэ:
– Ыҥырыыҥ иһин махтанабын, ол эрээри эн балтыҥ туһунан туох эмэ сонуну биллэххинэ, биллэриэҥ этэ.
– Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Биллэн турар, биллэн турар…
ТЕЛЕФОНОГРАММА
Саха АССР прокуратурата, силиэдэбэтэл Элиэнэпкэ. Гражданка Александрова Г.С. кыбартыыратыгар сэтинньи 8 күнэ буолар түүнүгэр бэчээти алдьатан киһи киирэ сылдьыбыт. Буруйдааҕы буларга бары миэрэлэр ылылыннылар.
Салдын куорат прокуратуратын силиэдэбэтэлэ Васюков
«Олох – бу түүл»
Телеграмманы ылаат, Захар Захарович дьыаланы уталыппакка, киэһэ Салдынныырга быһаарынна. Сөмөлүөккэ билиэт үлэстэ, эбиэт кэмигэр буфекка биир ыстакаан кофены кытта бэрэски сиэн аһаабыта буолла, ол кэнниттэн кабинетыгар киирэн, Александрова дьыалатын саҥаттан арыйан барда: «Билиҥҥитэ инники хардыы, кыра да ситиһии суох… Өлөрүөхсүт Давыдов буолбатаҕа эрэ дьэҥкэрдэ. Оччоҕо кимий? Өлөрүөхсүт, сабаҕалаатахха, бииринэн, Александроваттан тыс көрдөөн баран аккаастаппыт, кинини абааһы көрөр, өстүйэр дьон буолуохтарын сөп. Онон тэрилтэтин үлэһиттэрин, табаарыстарын кытта үчүгэйдик кэпсэтиэххэ. Ким кимиэхэ хайдах сыһыаннаһарын билиэххэ. Иккиһинэн, өлөр күнүгэр сарсыарда киниэхэ төлөпүөннээбит киһи. Гелена Александрова билсэр дьонун, эйгэтин чуолкайдыахха. Кинилэр истэригэр сууттаммыт, хаайыллыбыт, буруйу оҥоруон сөптөөх киһи биир эмэ баар дуо? Үсүһүнэн, күөлгэ түбэһиэх көрсүбүт күлүгээттэри бэлиэҕэ ылыахха. Туоһулар наадалар. Тулатынааҕы ыаллары кэрийиэххэ, баҕар, ити киэһэ Александрованы көрбүттэр баар буолаайаллар? Өлүөхсүт Давыдовтан тоҕус саҕана барбыт, оччоҕо түүн үөһэ өлүөр диэри ханна, СКАЧАТЬ