Название: Атырдьах сэргэ
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-4521-1
isbn:
Мэхээлэ Железновтуун траншея түгэҕэр кэккэлэһэ олорон наҕылыччы табахтаабыттара. Билээгэттэн тымныы ууну омурдан ыла-ыла сухой паектарын сиэбиттэрэ. Ньиэмэстэр сотору-сотору ракетанан сырдаталлара, сэрэх хоту пулеметунан ытыалыыллара. Биһиги дьоммут эмиэ хам-дьаа хардарсаллара. Халлаан сырдыыта иннилэригэр улахан куорат тайаан сытара көстүбүтэ. Билэр дьон Новгород диэбиттэрэ. Сотору взводтарын командира кэрийэ сылдьан атаакаҕа киирэргэ бэлэмнэнэргэ эппитэ. Кинилэр роталара сытар сирин туһаайыытынан, биэрэстэ аҥаарыттан ордук сиргэ оройугар абына-табына талахтардаах, уҥа өттө сыыйа намтыыр уһун соҕус үрдэл көстөрө. Онно сытар ньиэмэстэри төттөрү охсорго бирикээстээбиттэр. Мэхээлэ сэрэнэн траншея чанчыгар ыттан, томтор аннынан сааскы уу сүүрүгүрдэр кыракый хотооло кинилэртэн хадьы соҕус ааһарын көрбүтэ. Балтараа сүүсчэкэ миэтэрэни сүүрбүт киһи онно тиийиэ эбит. Остуол ньуурунуу көнө хонууга итинтэн атын хахха суоҕа. Железновун ыҥыран:
– Онно диэри сүүрэн тиийбит киһи, – диэбитигэр киһитэ атын туох да хахха суоҕун көрөн үөхсэн субуруппахтаан баран, бииргэ тутуһа сылдьыахпыт диэбитэ.
Сотору соҕус кэтэх өттүлэригэр пушкалар эстэн ньиргиспиттэрэ. Били томторго снарядтар эстэн бурҕаҥнаспыттара. Ол эрээри өр ытыалаабатахтара. Сотору соҕус, туох эрэ алдьархайы кэтэспиттии, уу чуумпу сатыылаабыта. Ол кэмҥэ роталарын командира траншеяттан ойон тахсан сыгынньах бэстилиэтинэн далбаатыы-далбаатыы:
– Ийэ дойду иһин! Сталин иһин! Атаакаҕа! Ураа! – диэн хаһыытаабыта. Онтон-мантан саллааттар ойон туран «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы иннилэрин диэки сырсыбыттара. Мэхээлэ эмиэ ойон туран били хотоолугар тиийэр санаалаах иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Траншеяларыттан отучча саһаан тэйиэхтэригэр диэри ньиэмэстэр ытыалаабатахтара. Сүүһүнэн киһи «Ураа!» хаһыытыыра биир кэлим «Уу-аа-аа-а!» диэн эрэ сатараан иһиллэрэ. Дьэ, онтон томтор сирэйэ уотунан күлүмнүү, автомат, пулемет тыаһынан өрө бирилии түспүтэ. Үрдүлэринэн баһаам үгүс үөрдээх чооруос чыычаах ааһарыныы буулдьа тыаһа чубугуруу түспүтэ. Мэхээлэ иннигэр, ойоҕоһугар сүүрэн иһэр дьон табыллан охтуталаабыттара. «Уу-уу-аа-а!» диэн хаһыы кэхтэрэ түһээт, атын ыһыынан-хаһыынан, ынчыгынан солбуллубута. Рота барыта ыраас хонууга хаптайарга күһэллибитэ.
Кэтэхтэригэр СКАЧАТЬ