Название: Атырдьах сэргэ
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-4521-1
isbn:
Ити күн өлбүт дьонтон уһуллубут, буулдьа, оскуолак дьөлүтэ көппүт суола чөҥөрүйэ сылдьар, ситэ да сууллубатах таҥаһы кэтэрдэн баран, икки өттүлэриттэн автоматтаах дьон арыаллаан илин диэки илпиттэрэ. Ыкса киэһэ уруккута ханнык эрэ улахан холкуос көнньүүһүнэтигэр аҕалан олохтообуттара. Манна уонча хонук устата эмиэ кинилэр курдук дьылҕаламмыт дьону мунньан икки сүүс биэс уонча байыастаах штрафной ротаны тэрийбиттэрэ. Мэхээлэ Железновтуун тутуһа сылдьан биир взводка түбэспитэ. Роталарын командира, сааһырбыт лейтенант Мэхээлэлээх Железнов биир взводка барыахтарын баҕаралларын утарбатаҕа. Ас-үөл олус кэмчи этэ. Хаппыыстанан хойуннарыллыбыт уу судураан миин, биир быһыы килиэп сыыһынан күҥҥэ иккитэ аһаталлара.
Биир күн кинилэр взводтарын түптэ түрүлүөн үрдүгэр түһэрэн, массыыналарга тиэйэн ханна эрэ илдьэ барбыттара. Балачча өр айаннаан тимир суол станциятыгар тиийэн кэлбиттэрэ. Тэйиччиттэн сааһыт харабыллардаах сылдьан вагоннартан таһаҕас сүөкээбиттэрэ. Ыксатыы, ыгыы-түүрүү кытаанаҕа этэ. Дьэс манньыат курдук, кып-кыһыл сирэйдээх капитан биир кэм:
– Быстрее! Быстрее! Как сонные мухи еле двигаетесь, – дии-дии, төттөрү-таары кэлэрэ-барара. Араас дьааһыктары, кууллары тэлиэгэлээх аттарга, массыыналарга тиэйэ-тиэйэ ыытан иһэллэрэ. Мэхээлэ хараҕар киирэн аһытар көлөһүнүн соттор да бокуойа суох сылдьан, уҥа-хаҥас өттүн көрдөҕүнэ сүүһүнэн киһи сүүрэ-хаама былаастаан үлэлии сылдьаллара.
Ити сырыттахтарына эмискэ сирена тыаһа улуйа түспүтэ. Зениткэлэр үлэлээн тибийбиттэрэ. Онтон былыт быыһыттан ньиэмэс самолеттара, киһи уйулҕатын көтүтүөх, ыйылаан-уйулаан таҥнары халаахтаһан түспүттэрэ. Өлөр өлүү дүбдүргэнэ биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Мэхээлэ туора сүүрэн истэҕинэ, харабылга турбут саллаат сытан эрэ үрдүнэн ытыалаан бирилэппитэ. Сонно умса баран түспүтэ. Тулатыгар буомбалар эстэн, сир мэктиэтигэр өрүтэ эккирээн ылара. Үрдүгэр бытархай таас, буор курулаччы кутуллара. Өйө көтөн, хаһытыы-хаһытыы сирэйин хоту сыыллан иһэн буомба тоҕо тэппит аҥхайыгар төкүнүйбүтэ. Онтон тахсаары тарбачыЇһан иЇһэн көрбүтэ биир самолет адьас кинини эрэ туһаайбытынан ытыалаан, уотунан кытыаста-кытыаста таҥнары сурулаан иһэрэ. Онтон быыһаныахтыы тиэрэ баран түһээт, хоһооно суох хаһытыы-хаһытыы илиитинэн далбаатана, атаҕынан тэбиэлэнэ сатаабыта. Самолета кини туһугар кэлээт өрө мэтэрийэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн аны иккис самолет таҥнары халаахтаан эрэрэ. Ыксаан эмиэ үөһэ тарбачыһан истэҕинэ ким эрэ атаҕыттан төттөрү соһон ылбыта. Ап-аһыы хабархай сыттаах сииктээх буорга төбөтүн умса баттаабыта. Онуоха, сири дьөлө хаһан киириэхтии, икки илиитинэн бокуойа суох буору тарбыы сыппыта. Төһө кэм ааспыта буолла, ким эрэ эргитэ тарпытыгар өйдөммүтэ уу-чуумпу буолбут этэ.
– Вставай! СКАЧАТЬ