Название: Атырдьах сэргэ
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-4521-1
isbn:
Мэхээлэ хараҕа ууланан, иннигэр кэчигирээн турар саллааттар кэккэлэрэ күөгэҥнээн, мэктиэтигэр тыына хаайтарыах курдук буолан барбыта. Ол кэмҥэ дивизия командира кэлэн илиитин ыга туппута, санныттан кууспута уонна:
– Держись, солдат! – диэн баран чиэс биэрбитэ. Мэхээлэ эмиэ уҥа илиитин чанчыгар тиэрдибитигэр эйэҕэстик мичээрдээн баран, санныттан таптайан ылаат эргиллэ түһэн тэйэ хаампыта. Ити кэмҥэ тарҕаһарга бирикээстээбиттэрэ. Мэхээлэни эҕэрдэлээри саллааттар иилии эргийэн кэбиспиттэрэ, онтон көтөҕөн ылан салгыҥҥа өрүтэ быраҕан хачайдаабыттара. Кинилэр үөрбүт-көппүт сирэйдэрин көрөн Мэхээлэ таҥнарыахсыт диэн сааттаах дьаралык уһуллубутун, дьэ, итэҕэйбитэ.
Оччолорго Мэхээлэ балтараа сыл устата ити ааты сүгэ сылдьыбыта кэлин кини олоҕор улахан мэһэйдэри үөскэтиэҕин, саллаат, буойун быһыытынан оҥорбут хорсун быһыылара буруйа суоҕар буруйдаммытын сууйуу толуга буолан, туох да наҕараадаҕа түспэккэ хаалбыт кыһыыта-абата үйэтин тухары ааспат-арахпат атаҕастабыл кэриэтэ кэрбии сылдьыаҕын туһунан сэрэйэн да көрбөтөҕө. Эгэ, кэлин сорох дьон кэнниттэн «штрафник», «власовец» диэн хомуруйардыы саҥаралларын, үөҕэллэрин истэр төһөлөөх ыарахан буолуоҕун туһунан санаа киириэ дуо?! Кини бу күн чахчы дьоллоох этэ. Күн аайы өлөр өлүүнү утары көрсөр саллаат доҕотторо хабан ылан өрүтэ быраҕаттыыр кэмнэригэр, кини мэктиэтигэр дьолуттан көтөр кынаттаммыт курдуга.
Ини-биилэр
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар – абаҕаларбар Аргунов Иннокентий Ивановичка,
Аргунов Петр Ивановичка уонна аҕабар Макеев Николай Власьевичка аныыбын
Сэриигэ аттаныы
Тыа саҕатыгар сэлэлии үүммүт хатыҥнар лабаалара онон-манан саһарбыта ыраахтан ала-чуо сырдаан көстөр буолбуттар. Бүөтүр ону көрө-көрө, сайын наһаа түргэнник ааһан эрэр ээ, дии санаата. Хайыай, күн-дьыл да ыраатта. Бүгүн атырдьах ыйын 12 күнэ үүннэ. Сэрии буолбута номнуо иккис ыйыгар баран эрэр. Ньиэмэстэр бэрт киэҥ сиринэн тайаан дойду киинин – Москва, Ленинград диэки дьулуһалларын туһунан суостаах иһитиннэриилэр хаһыакка тахсаллар, нэһилиэк сэбиэтигэр сотору-сотору кэлэллэр. Бүгүн Уус Алдан оройуонун II Байаҕантай нэһилиэгин дьоно ол ыраах ньиргийэр сэриигэ бастакы ыҥырыыга хабыллыбыт уон аҕыс киһини атаардылар. «Пятилетка», «Бөлөхтөһүү», «Тыраҕатталаах» холкуостартан Нуучча алааһыгар түмүллэн баран, бу айаннаан иһэллэр. Төһө да үлэ-хамнас үгэнэ буоллар сэриигэ барааччылары атаара холкуос аайыттан балачча киһи мустубут этэ. Атаарааччылар үгүстэрэ хайдах эрэ дөйөн, талбааран хаалбыт курдуктара. Кистии-саба ытаһааччылар да бааллара.
Бүөтүр СКАЧАТЬ