Название: Атырдьах сэргэ
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-4521-1
isbn:
Соһуйуу бөҕөнү соһуйан, атын муус анныттан хостуу тардан таһаарыахтыы муоһатын мэтэйэ-мэтэйэ тардыбытыгар – «пис» гынар тыас иһиллибитэ да, тиэрэ таһылла түспүтэ…
Тоҥуу хаары оймоон, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн дьиэтигэр нэһиилэ сыһыллан тиийбитэ. Тиэргэҥҥэ киирэн иһэн эргиллэ түһээт, Сөдүөт оҕонньордооххо ааспыта.
– Айыы таҥарам! – Маарыйа эмээхсин Мэхээлэ кэпсээнин истэн баран кириэстэнэн ылбыта. Сөдүөт, сэҥийэтигэр абына-табына үүммүт бытыгын имэринэ-имэринэ, балачча өр саҥата суох олорбута. Онтон:
– Өйөмҥө түстэҕэ дии, – диэбитэ уонна сорох дьыл эбэҕэ бытархан тымныыга да тоҥмот сиикэйдэр хаарынан бүрүллэн сытан хаалааччылар диэн кэпсээн соһуппута.
– Эн эрэ буолбатах. Кыс ортото атын ууга былдьаппыт дьон туһунан хаста да истибитим. Былыр оҕонньоттор итинниги эбэ ылаары ыллаҕа дииллэрэ. Үс хонон баран биирдэ хостууллара үһү. Онон эн да аккын үс хонон баран хостуур инибит.
Үһүс күнүгэр хаһыа да буолан ууга түспүт аты хостообуттара. Оһолго өлбүтүн туһунан аахталаан баран, этин холкуостаахтарга түҥэппиттэрэ. Ити түбэлтэ Мэхээлэҕэ өй укпута. Ону Сөдүөт оҕонньорго эппитигэр маҥнай саба саҥарбыта. Биир ырыган ат этэ төһө өр бараахтыай?.. Сотору дьон эмиэ хоргуйар куттала суоһаабыта. Мэхээлэ эмиэ Сөдүөккэ тиийбитэ. Сүбэлэһэн баран түүн хотоҥҥо тахсан биир сүөһүнү өлөрбүттэрэ. Сарсыҥҥытыгар аһыы оту сиэн өлбүт диэн аахталаабыттара. Этин дьоҥҥо түҥэппиттэрэ. Ол да өр барбатаҕа.
Аҕыйах хонугунан Сөдүөт Мэхээлэни дьиэтиттэн ыҥыран таһааран, мас кыска тиийэн дүлүҥҥэ олорбута.Саҥата суох кураанах хамсатын уобан олорбохтуу түһэн баран:
– Дьэ, тукаам, эмиэ ынырыктаах кураан сайын үүнэр буолла. Күн-дьыл туруга оннук. Киһи сиэмэни буорга түһэрэн туһаммата буолуо оҥоробун. Онон маннык санааҕа кэллим… Ыһыы сиэмэтин үс гыммыт биирин ордоруохха, атынын чып кистэлэҥинэн ыалларынан түҥэтиэххэ. Эн эдэриҥ бэрт… Ити дьаһалы барытын мин оҥоруом. Түбэһэр да буоллахха, буруйа миэхэ, олоруохпун олорбут киһиэхэ буолуоҕа, – диэбитэ.
Сөдүөт оҕонньор эппитин курдук дьаһаммыттара. Ыһыы сиэмэтин сороҕун маҥхааһай муостатын анныгар кистээбиттэрэ. Ону бадьыылаҕа тартаран сайын окко үлэлиир дьоннорун аһатар санаалаахтара.
Муус устар ортотун диэки уполминзаг начальнига Дмитриев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Онно Үрүмэччи Өрүүнэ диэн бэрт элбэх саҥалаах ыанньыксыт дьахтар эт, бурдук үллэстибиттэрин туһунан айахтатан кэбиспит этэ. Дьэ, доҕоор, силиэстийэ бөҕө буолбат дуо?! Буруйу барытын Сөдүөт оҕонньор бэйэтигэр ылыммыта. Ол үрдүнэн райком бюротугар Мэхээлэни дьүүллээн баран, дьыала тэрийэргэ диэн быһаарбыттара. Арай, итини НКВД начальнига Яковлев утарбыта. Кини: «Тарабукин эдэр киһи, киниэхэ холкуос бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэриллибит боруонньатын устан фроҥҥа ыытыахха диэн этиилээхпин. Дойдуга эдэр дьон наадалар. Илиитигэр саа-саадах тутан дойдутун көмүскээтин.
Оттон СКАЧАТЬ