Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атырдьах сэргэ - Данил Макеев страница 3

Название: Атырдьах сэргэ

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-4521-1

isbn:

СКАЧАТЬ олус ыараан, Власов курдук улахан чыыннаах киһи ньиэмэстэргэ таҥнаран, Сталин 1942 сыл от ыйын 28 күнүгэр 227-с нүөмэрдээх, биир да хаамыыны кэннинэн чугуйбат туһунан кытаанах бирикээһи таһаарбыта. Ол бирикээскэ олоҕуран уолуйууну тардааччылар, бойобуой позицияларын бирикээһэ суох хаалларбыттар, куттаҕастар сонно миэстэтигэр ытыллан иһиэхтээхтэрэ. Сэрии ыардарыттан ииримтийбит, кыайтарыы кыһыытыттан абарбыт-сатарбыт командирдар тыһыынчанан киһини туох да суута, силиэстийэтэ суох ыттыы ытыалаан кэбиһиилэрэ саҕаламмыта.

      Ону таһынан хас биирдии армияҕа биэстэн уоҥҥа тиийэ штрафной роталары тэрийэргэ, онно буруйдаммыт саллааттары уонна алын командирдары мунньан Ийэ дойдуларын иннигэр ыар буруйдарын кыргыһыы хонуутун саамай ыар учаастагар кыа хааннарынан сууйалларыгар бирикээстэммитэ. Оттон үрдүкү команднай састааптан буруйдаммыт дьону фронт аайы тэриллибит штрафной батальоннарга ыытар буолбуттара.

      Быһыы-майгы итинник тыҥаан турар кэмигэр 2-с Ударнай армия кыракый бөлөҕүн кытары ыйтан ордук ойууру, маары кэтэн баран, биир саха саллаата, төгүрүктээһинтэн төлө көтөн тахсаары, бүтэһик атаакаҕа туруммута…

* * *

      Сиэрэй синиэллээх, бас сыгынньах, муҥур тиит саҕа ньиэмэс саллаата Железнов өтөрү түспүт ыстыыгыттан халбарыс гынан аһаран биэрээт, күөнүнэн баттыы түспүтэ. Саппыкытын оһуттан кынчаалын ылан далайан эрдэҕинэ Мэхээлэ туора-маары охто сытар өлүктэри үрдүнэн ойоору туруйалаан иһэн, өрүһүнэн, өстөөҕү ыстыыгынан хонноҕун аннынан саайбыта. Ыстыык соломо чуучуланы аспыт кэриэтэ «кирк» гына түспүтэ.

      – Һуу! Сидьиҥ баара. Сии сыста дии, – диэн сибилигин аҕай үрүҥ тыынын быһа сыспыт күтүрү туора хаһыйаат, Железнов саатын көрдөөн тула өттүн харбыаласпыта.

      – Бардыбыт. Дьоммут анараа траншеяҕа тиийэн эрэллэр, – Мэхээлэ өлөөрү үрүҥүнэн-харанан көрө сытар өстөөҕү үрдүнэн ойон, ааһа сүүрэ турбута. Өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн бүтэһик ситимин мүччү көтөн, чугас лүҥкүрэн көстөр тыа диэки сырсан истэхтэринэ ойоҕосторуттан пулемет ытыалаан күпсүйбүтэ. Тула өттүлэригэр буулдьа тыаһа үөр чыычаах кэриэтэ чыбыгырыы түспүтэ. Инники испит дьон сорохторо өлөрдүү таптаран, атыттара сибиниэс тобурахтан быыһанаары умса баран түспүттэрэ. Мэхээлэ эмиэ умса хоруйа түспүтэ. Ыы муннугар ким эрэ саппыкытын тоһоҕолоро умсаах кус хараҕыныы саһара дьэрэлийэн көстүбүтэ.

      Халлаан ити икки ардыгар күнүскүлүү сырдыы охсубут этэ. Пулемет уҥа диэкиттэн ытыалаан күпсүйэрэ. Мэхээлэ хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ баара-суоҕа отучча саһааннаах сиртэн уота кытыастан олороро. Ити кэмҥэ инники испиттэр ойон туран сырыстылар быһыылааҕа. Пулемет бөтө бэрдэрээт, аны ол диэки хайыһан, өлөр өлүү ардаҕын куппутунан барбыта. Онон туһанан Мэхээлэ үҥкүрүс гынан ытарга тоҕоостоох сири булаат, күн уотугар килэбэчийэн көстөр каска аннын диэки кыҥаан ытан хабылыннарбыта. Өс киирбэх пулемет ах барбыта. Ол кэмҥэ, били, дьэрэлиспит тоһоҕолордоох саппыкылаах СКАЧАТЬ