«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 9

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ сылын тухары уларыйбакка сылдьыспыта, олохсуйбута. Кэлин баар буолбут быһа эфиргэ барар биэриилэр бу ньыманы тумнубакка туһаналлар. Манна камера объективыгар түбэһиэх хабыллыбыт киһи айаҕа аһыллан кэпсэтэригэр ыйытыылар сөптөөхтүк толкуйдаммыт, туруоруллубут буолуохтаахтар. Саха дьоно ыйытыы доппуруос курдук буолбакка, кэпсэтии курдук бардаҕына ордук аһыллан кэпсииллэр быһыылаах. Холобур, «эн санааҕар киин куораппыт төһө сайдар?» диэн туруору ыйытыыга, ыйытыллааччы «суох, оннук быһыылаах, оттон сайдар дии» диэбит курдук судургу уонна дириҥ ис хоһооно суох түбэһиэх хоруйдары биэриэ. Оттон суруналыыс бу киһиттэн: «Ким диэн, хайа диэкиттэн төрүттээх-уустаах киһигиний? Куоракка хаһааҥҥыттан олороҕунуй? Дьиэҥ-уотуҥ ханан турарый? Эн санааҕар, киин куораппытын сайыннарарга туох үлэ барда?» диэн кэпсэттэҕинэ (ыйыттаҕына буолбатах – кэпсэттэҕинэ) куорат олохтооҕо ыйытыы тосхолунан тугу саныырын тоҕо кутан биэриэн сөп. Биллэн турар, маннык кэпсэтиини аттарыы хара үлэтэ уһун, ньаҕай соҕус буолар (уһуннук уулуссаҕа устуу, ону талыы, быһыы-отуу үлэтэ), ол эрээри түмүгэ – көрөөччүнү бүгүҥҥү кэпсэтиигэ тардар, кини эмиэ ити ыйытыыларга туох эмэ диэн хоруйдуон сөп эбитин толкуйдатар.

      Санаабар эбитэ дуу, кэнники дьон тыла-өһө өссө аһыллан кэпсэтэр курдук буолбута, өссө бу маннык «опроска» хабыллыбыт киһи диэн соруйан бэлэмнэммит, көмөлөһөөччүлэрим мэлдьи сылдьар маҕаһыыннарыгар, киһилээх сирдэригэр анаан кэлэр да дьоҥҥо түбэһэр буолбуппут. Дьиҥэ, миигин сэрэппиттэрэ ээ: «Уулуссаҕа сахалар хаһан да астык хоруйу биэрбэттэр, сатаан саҥарбаттар, арыллыбаттар», – диэн…

      Ол бастакы, тымныы туһунан биэриибэр мин тус бэйэм сылдьан уулуссаттан уонна маҕаһыыннарга киирэн: «Эн маннык тымныы сиргэ олороргунан киэн туттаҕын дуу эбэтэр арыый атын сиргэ өбүгэлэрбит олохсуйбуттара буоллар диэн ардыгар саныыгын дуу?» – диэммин эрийэн-моһуйан ыйыталаспытым. Бары биир киһи курдук «киэн туттабыт» диэбэтэхтэрэ, эгэлгэ санаа дьоҥҥо баара биллибитэ: «хотторон, үтүрүллэн кэлбит сир туох аанньа буолуой», «иккиһин төрүүрүм буоллар Италия эҥин курдук кэрэ айылҕалаах дойдуларга талаһан көрүөм этэ», «Африкаҕа, бука сатаан олоруо суох этим, төрөөбүт сир тымныыта да күндү», «биһиги тымныыбытын туһаныахтаах, онон аан дойдуга аатырыахтаах этибит», о.д.а. Ыйытыылары ыла сылдьан нэдиэлэ аайы биир күнүм аІаардас маннык үлэҕэ ананнаҕына кыаныа суохпун билиммитим.

      Миэхэ опрос ыытан аҕалар эбии кэрэспэдьиэни көрбөттөрө биллэр, онон арай устудьуоннары туһаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Саха тылыгар уонна суруналыыстыкаҕа үөрэнэр устудьуоннарга маннык үлэҕэ кыттыы төһөлөөх үөрүйэҕи, идэҕэ дьиҥ уһуйуллууну түстүөй? Ити санаабытым туолбута: ис санааларыттан үлэһит курдук кэлэн көмөлөһөр эдэр доҕоттордоммутум. Кинилэр тустарынан өссө сиһилии кэпсиэхпит.

      «Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» биэриим бэлэмнээһинин сиэрэ-силигэ ситэн-хотон барбыта. Биир сюжеппыт «Саха сирэ – бу баараҕай холодильник» диир университет СКАЧАТЬ