«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 8

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ эмиэ «матырыйаал» көрдүүр курдукпун. Ким эрэ тугунан эрэ кэрэхсэттэҕинэ, киһи да күлэр, «ымсыыран» киирэн барабын уонна бэйэм тиийэммин билсэн, эмиэ биэриибэр ыҥырааччыбын.

      Хомойуох иһин, «Кэпсиэҕэ» үлэлиирим тухары ол түмсүүлээх түһүлгэлэргэ түбэһэрим, сөбүлэһэн тиийэрим биирдэ эмэ буолааччы. Тоҕо диэтэххэ, үксүн өрөбүлэ суох үлэлээбитим: чэппиэргэ, бээтинсэҕэ сюжеттарбытын устабыт, бу киэһэлэргэ уһуллан кэлбити мин тута көрөн, монтажка бэлэмниибин, куорат хойукку уулуссатынан сүүрэ-хаама былаастаах үлэм – дьиэм–үлэм – дьиэм маршрутунан баран иһэн сюжеттар сценарийдарын толкуйдуубун; режиссербунаан субуота, өрөбүл киэһэлэри монтажка аныыбыт, онон элбэх ыҥырыылартан, көрсүһүүлэртэн, айаннартан булгунарга күһэллэрим. Оннооҕор чугас аймаҕым үбүлүөйүгэр тиийбэккэ, улаханнык сэмэлэнэн турардаахпын. Бэнидиэнньиккэ устуудьуйаҕа «олоруубар» бэлэмнэнэбин (ол күн буолар планерка-мунньахха биирин үксүн ол иһин тиийинэн сылдьыбат этим), тылбын-өспүн чочуйабын, ыалдьыттарбын кытта кэпсэтэбин, кэлэр нэдиэлэтээҕи биэриибин толкуйдуубун, тэрээһин үлэтин үмүрүтэбин. Дьахтар үксэ өрөбүл күн суунар-тараанар, оҥостор буоллаҕына, мин ону бэнидиэнньиккэ гынабын. Оптуорунньук сарсыарда сэриигэ баран эрэр киһи курдук хомунан дьиэбиттэн тахсабын. Күнүс генеральнай репетиция курдук ыытааччыбыт. Бу тэрээһин бастаан саҕалыыр сахха олус көмөлөөх буолар эбит этэ. Дьэ уонна киэһэ 21.00 чаастан быһа эфиргэ тахсабыт, сарсыныгар, сэрэдэҕэ, кыратык өрүүбүн.

      «Кэпсиэ» аан бастакы биэриитин хайдах бэлэмнээбиппитин субу баар курдук өйдүүбүн. Ол биэрии саҕаланыытын үөскэҕэ «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа үлэлиир кэммэр силис тарпыт эбит. Биирдэ университет медицинскэй институтун преподавателлэрэ Бүлүү куоратыгар дьону көрө-истэ (таарыйа быыбарга үлэлииллэр быһыылаах) аттанар буолбуттара, ону сырдатарга биһиги устуудьуйаттан кэрэспэдьиэн барсыахтааҕа. Мин, айаны-сырыыны таптыыр киһи, тылланан кэриэтэ онно барыстым.

      Бүлүүгэ диэри университет олус нэс айаннаах оптуобуһунан айаннаан иһэбит. Бары бэйэ-бэйэлэрин өртөн ыла билсэр, бииргэ үлэлии сылдьар дьон кэпсээннэрэ диэн элбэх, элэктэрэ-хаадьылара оргуйан олорор. Онно хирург Рево Захарович Алексеев: «Дьиҥэ, киһи үлүйэн өлбөт. Сатаан ириэрэр буоллар, үлүйэн өлбүт киһи чөлүгэр түһүөн, быһаччы эттэххэ, тиллиэн сөп. Холобур, тайаҕы бааһырдан баран хараҥарыар диэри кыайан сиппэккэ отуугар төннөн баран, сарсыныгар сарсыарда суоллаан тиийдэххинэ, өлөн адаарыйан сытар, хайыы-үйэҕэ хам тоҥмут буолар дии. Ол тоҥ эти эттээн сүрэҕэр тиийдэххэ, сүрэҕэ тэбэн битиргии сытар буолааччы. Ол аата – кини таһыттан көрдөххө эрэ өлбүт, дьиҥэ тоҥмут, үлүйбүт эрэ буоллаҕа. Ону ити дакаастыы сатыыбын. Халлаан тымныйда да Ожоговай кииҥҥэ илиилэрэ-атахтара үлүйэн киирэр дьону эмтиирбэр саҥа ньымалары киллэрээри уопут оҥорорго үп көрдүү сатыыбын да, онтум өйөммөт. Билигин ама киһи үлүйбэт, ол буомжалар, алкоголиктар үлүйэн өлөр буоллахтарына өллүннэр даҕаны диэх курдуктар. СКАЧАТЬ