Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Автор: Наталья Михалева-Сайа
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-5219-6
isbn:
Тарбахов «Амтаҥҥа» табыллан ыыппыт уруоктарын ааҕан сиппэккин. Ол эрээри мин идэһэ кэмигэр анаабыт биэриибитин ситэрбит-хоторбут түгэнин умнубаппын: онно кини хааны кутарга, быары тууһаан тоҥорорго, хаһаны, хартаны харайарга эҥин үөрэппитэ. Быыһыгар мөҕүтэлээн ылар: «Саха ыала туох да толкуйа суох быары көһөҥө тоҥорон кэбиһэр. Киллэрэн кытыытыттан кыһан ылан сиир уонна эмиэ таһырдьа таһаарар. Ол аайы бу быар хаачыстыбата түһэн иһэр диэни өйдөөбөт. Тоҕо сатамматый, бу курдук порциянан, кыра-кыралаан салапааҥҥа эрийэн тоҥорор? Уурарга, харайарга да, киллэрэн остуолга уурарга да табыгастаах…»
«Онтон дьэ тиэстэҕин охсоҕун», – диэн бурдугун кутан эрдэҕинэ далбаатааммын тохтотобун. «Хас кыраам бурдугуй, ону этиий! Көрөөччү эппэтилэр диэ дии!» – «Оо дьэ! Оттон 500 кыраам ини…» – илдьэн ыйаан көрөр. Ыйааһын чопчу 500 кыраамы көрдөрөр: «Эппэтэҕим дуо…» – диир.
«Тиэстэ 20 мүнүүтэ сынньаныахтаах», – тиэстэтин сотторунан сабан баран таптайа түһэр. «Оо, оттон ону кэтэстэхпитинэ устар кэммит бүтэр дии. Биир чааһынан оператор атын биэриини уста барар.». Иннокентий тарбахтарынан тиэстэтин өрө-таҥнары суруйан көрөр: «Чэ, эһиги ыксыыргытын иһиттэ быһыылаах. Тута дыгдас гынна. Саҕалыыбыт.». Хайдах үлэлээбиппитин ити курдук кэпсии турдахха бэйэтэ бүтүн кинигэ тахсар кыахтаах…
«Былаас вертикала» диэн күүһүрэр кэмигэр үлэлээбиппит. Киинтэн Нехорошев диэн киһи Саха тэлэбиидэнньэтин үлэтин көрө-истэ кэлбит диэн буолла. Үлэбитин-хамнаспытын өр кэтээбит, онтон: «Биир эрэ биэриини тиһэҕэр тиийэ көрдүм, тылын өйдөөбөт да буолларбын («Кэпсиэни» эппит). Итинник биэриилэр тоҕо нууччалыы тылынан тахсыбаттарый? Онно өссө билэр киһим, повар Тарбахов, астаан көрдөрөрө баар. Кини национальнай бүлүүдэлэрин нууччалыы тыллаахтар тоҕо көрүө-билиэ суохтаахтарый?» – диэн хабааннаах түмүк оҥорбут.
Үөһэттэн этилиннэ да, биһиэхэ чиэс биэрэ түһэллэр, «иһиттиэм-истибэтиэм» диэх курдук буолар. Тарбахов биэриитин нууччалыы гыныахха – ол аата «Кэпсиэттэн» таһаарыахха диэн сүпсүлгэн саҕаланна. Мин аһыйа санаабытым эрээри, Иннокентий Иннокентьевич экраҥҥа тахсар кэмэ биэс мүнүүтэттэн уһуохтааҕын, кини былаана, баҕата өссө да элбэҕин өйдүүр буоламмын, алгыһынан атаарбытым. Уонна ити кэмҥэ «Кэпсиэ» күүһүн ылан, ханнык да рубрикалара суох бардаҕына даҕаны, көрөөччүтүн сүтэрбэт таһымҥа тахсыбыт этэ. Тарбахов туспа биэриилэнэрэ үөһэттэн дьаһаллыбыт буолан, «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ устуудьуйа-куукуна оҥоһуллубута, тустаах редактор анаммыта, асчыппытыгар кэмниэ-кэнэҕэс, дуогабарынан кыра хамнас төлөнөр буолбута. Кинилэр биэриилэрин биир бастакы ыалдьытынан миигин ыҥырбыттарыгар үөрбүтүм. Тарбахов онно: «Сайа миигин тэлэбиидэнньэҕэ аҕалбыта» – диэн көрөөччүлэригэр туһаайан эппитэ. Ол саҕаланарыгар биэрии нууччалыы барар этэ, онтон ити ирдэбилтэн сыыйа уонна саамай сөпкө туораабыттара: «Тарбаахаптыын СКАЧАТЬ