СКАЧАТЬ
кэпсии турар оҕону да сүрдээх болҕомтолоохтук устуохтааххын. Хомойуох иһин, Орто дойду олоҕо оҕоҕо эрэ барытыгар былыта суох ыраас халлааны, ойор-тэбэр орой-мэник күннэри түстээбэт. Мин хаста да балыыһаҕа сылдьан, ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолор тустарынан устан турардаахпын. Кинилэри кытта суруналыыс хайдах кэпсэтиэн сөбүй? Туох да буолбатаҕыныы, оҕо сарсын ойон туран сүүрэн хаалыахтааҕыныы өрө көтөҕүллэн кэпсэтии – табыгаһа суох. Кини эйигин итэҕэйиэ суоҕа. Аһыммыттыы – сатаммат. Онон, оҕо хайдах быһыыга-майгыга баарын иһиттэн билэн, кини дьылҕатын, ыарыытын тэҥҥэ сүксэн олорон, инникигэ эрэли саҕар хабааннаах кэпсэтэриҥ сөптөөх быһыылаах. Мин оҕо сылдьан биирдэ сыл аҥаара курдук балыыһаҕа эмтэнэн турардаахпын. Онно мин «бастакы хоһоонум» диир хоһооммун суруйбутум. Ону таһынан балыыһа уһун күннэригэр тугу гыныахпытый, илиибитинэн ону-маны оҥорор, оҥорорго үөрэнэр, уруһуйдуур этибит. Онон, суруналыыс быһыытынан оҕо балыыһатыгар сылдьарбар «хайа, тугу дьарыгыраҕын? Тугу эмэ уруһуйдууруҥ, оҥороруҥ буолуо?» диэнтэн кэпсэтиибин саҕалыыбын. Оччоҕо оҕо хайаан да туумбатын аһан тугу эмэ, бэйэтин оҥоһугун хостоон көрдөрөр. «Бу кимиэхэ анаабыккыный? Маны оҥорорго ким үөрэппитэй? Хайыы, бу хайаларай?» – диэн ыйытыыттан-сэҥээрииттэн кэпсэтии аана аһыллан барар, оҕо эйигин кытта кэпсэтэриттэн толлубат курдук буолар.