«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 4

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ чэ, хайыахпыный» дии санаан аһарбыттааҕым. Онтум баара, режиссерум сахалыы өйдүүрүн ааһан, саха литературатын билэринэн, сахалыы ааҕарынан-суруйарынан тэҥнээҕэ суох киһи буолан соһуппута. Кини куоракка тоҥ нуучча эйгэтигэр да олорон, сахалыы куту сүтэриэ суохха сөп эбитин чаҕылхай холобура буолан миигин үөрдүбүтэ.

      Биһиги бастакы тахсыыларбытыттан көрөөччүлэр болҕомтолорун киинигэр киирбиппит. Интернет форумнар саҥа тэриллэн эрэллэрэ, онно моһуок саҥа-иҥэ эмиэ тахсара да, куорат олохтоохторо үгүстэрэ сэҥээрбит этилэр. Кинилэр: «Айыбыын, «сахаларбыт» хайа бу туох буолан турдулар диэн соһуйдубут ээ. Олох омук тэлэбиидэнньэтин көрөр курдук сананныбыт», – диэн хайгыыр тылларын тиэрдэр буолан барбыттара.

      Ол эрээри сотору кэминэн ол саҥа ханаалбыт туох эрэ докумуона биитэр үбэ-харчыта кыаллыбакка, сабыллан хаалбыта.

      Мин 2003 сыллааҕы күһүн үлэ саҥа дьыла (сезона) саҕаланарыгар, «Кэпсиэ» бырайыагын өссө төгүл илдьиритэн толкуйдаан баран, дириэктэрбэр киирбитим. Николай Иннокентьевич «соҕотоҕун кыайыах буоллаххына» диэн туран, илиибэр былаах туттаран кэбиспитэ. Куорат иһигэр «12-с ханаал» саҕалаан испитин өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар «Кэпсиэ» салгыыр буолбута.

      НВК-ҕа «инициатива наказуема» диэн бэрдэ суох өйдөбүл дириҥ силистэнэн-мутуктанан сириэдийбит дойдута. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Ылсыбыт буоллаххына – редактор барыта бэйэҥ дьулуургар. Кыайбат буоллаххына – тохтоо. Ким да эйигин итини оҥор диэн күһэйбэтэҕэ… Салалта итинник аһаҕастык этэр. Оттон сорохтор кэтииллэр: көрөн иһиэхпит… Оттон экран кэннигэр дьиҥ үлэни толорон түбүгүрэ сылдьааччы үгүс үлэһиттэр ханаал үлэтэ тупсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар уонна биэриини оҥорон таһаарар үлэ кыһалҕаларын өйдүүр-билэр буолан, саҥа саҕалааһыннары сэргиир уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхтэр.

      Ол эрээри: «Өйдөөрүүй, Наташа, куорат олус кыараҕас ээ, биһиги аҕыйах биллэр дьон баарын эргитэ сылдьан көрдөрө сатыыбыт. Оттон эн биир биэриигэ дьоҥҥо сэргэтиэх хастыы эмэ киһини хайдах, хантан булан ыҥырыаххыный? Нереально, эн тыаттан кэлбит буолан өйдөөбөккүн…» – диэбит үөлээннээҕим эмиэ баара. Мин итинник этиигэ хоруйум бэлэм этэ: «Сыл аҥаара үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, биэрии ыалдьыттарын бэйэм көрдүүрүм тохтуоҕа, төттөрү кинилэр миигин көрдүүр буолуохтара. Уонна биэрии ситиһиитэ биллэр-көстөр эрэ киһини таһаарартан буолбакка, биллибэт-көстүбэт да дьонтон кэрэхсэбиллээҕи булан оҥорортон тутулуктаах буолуохтаах…»

      «Тоҕо «Кэпсээ» буолбакка, «Кэпсиэ» диэн ааттааҕый?» – диэн бастаан ыйытар этилэр. Мин оҕо сааспар дьиэбит аана хайаан да «Кэпсиэ, туох сонун баар?», ардыгар «Туох кэпсиэ?» диэн истиҥ тылларынан аһыллара. Ону кытта тэҥҥэ дьиэ иһигэр туох эрэ олус иһирэх, туох эрэ кэрэ, киэҥ киирсэн кэлэр курдуга. Саха дьоно барахсаттар: «Миэхэ суох, оттон эйиэхэ туох баар?» – дэһэн, кэпсээннээхтэрин, сонуннаахтарын кыккыраччы мэлдьэһэн баран СКАЧАТЬ