«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 14

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ киэргэтэ сылдьыбыта. Ханнык баҕарар тиэмэни арыйарга ис хоһоону өссө дириҥэтэн, сытыырҕатан биэрэр тэттик иһитиннэриилэр баар буолаллар. Ону бэйэҥ тылгар холбуу сатыы олоруохтааҕар сөптөөх көстүүлэринэн тиэрдэр көрөөччү өйүгэр-санаатыгар быдан ырылхайдык киирэр буоллаҕа. Холобур, харчы тиэмэтигэр анаабыт биэриибитигэр хаһан, ханна, хайдах харчылар баар буола сылдьыбыттарын тустарынан киһи эрэ соһуйа истиэх түгэннэрин «Ноо!» рубрика кэпсээн кэбиһэр. Сэрии туһунан биэриибитигэр нуучча «Ураа!» хаһыыта Петр I ыраахтааҕы дьаһалынан, кини калмык сэриитэ кимэн киирэригэр туттар «Ураай!» хаһыытын сөбүлээбититтэн үөскээбитин уонна калмыктар ураайдара биһиги уруйбутунуун уруулууларын туһунан эмиэ «Ноо!» рубрикаҕа табыллан кэпсиигин: экраҥҥа бастаан Аҕа дойду сэриитигэр атаакаҕа киирэн иһэр саллааттар көстүүлэрэ, онтон былыргы калмыктар аттаах сэриилэрин ойуута, Петр I мэтириэтэ, былыргы нуучча аармыйата, онтон саха боотурдарын үҥкүүтэ бу кэпсээн икки мүнүүтэтин саптаҕына дьайыыта ордук күүстээх буолар.

      Бу рубрикаҕа биһиги көр-күлүү театрын артыыстарын кытта бэркэ тапсан үлэлээбиппит. Кинилэр диэтэх дьон, сценарийы кэпсээтиҥ да, айан-оонньоон, киһи эрэ айаҕын атан олорон көрүөх түгэннэрин туруора охсон кэбиһэллэрэ. Мурун туһунан биэриигэ мунна хаһыҥырыыр эрин кытта эрэйи көрөн утуйа сатыыр дьахтары, о.д.а. «Ералашка» маарынныыр устуулары сорох көрөөччүлэр умнубатах буолуохтаахтар.

      6. ТАБА ТАЙАНЫЫЛАР. ТИЭМЭЛЭР

      «Хайа, толкуйдаабыт рубрикалара үксэ аара суолга көөрөттөн түһэн испит холоон да биэрии эбит», – дии саныаххыт, баҕар. Ол эрээри «Кэпсиэ» дьону тардыбыт сүрүн ньымата – кэпсэтэр тиэмэни, биэрии тосхолун таба тайанан булуута эбит. Холобур, ити «мурун туһунан биэрии» диэтим дии. Ити тиэмэ биһиэхэ лор-быраас сүрүн ыалдьыт буола кэлэриттэн сылтаан толкуйдаммыта. Төһө да хаптаҕай буоллар, бу тыыннаран-тыбыырдан сылдьар муннубут барахсан туһунан, түөрэ хаһан кэпсээн бардахха, бараммат сэһэн буолуох курдуга…

      Олохпут эгэлгэ көстүүлэригэр, айылҕаҕа, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, дьоҕурга-талааҥҥа, тэрилтэлэр үлэлэригэр, тылга-өскө, хамныыр-харамайга, философия өйдөбүллэригэр, айымньыларга… туохха-туохха анаабатахпытый, биһиги биэриибит ис хоһоонун?!

      Ол эрээри саха дьонун саамай долгутар, кинилэр сүрэхтэрин ыппытынан киирэр тиэмэлэр бааллар эбит этэ.

      Устуудьуйаҕа олорон, мэктиэтигэр, көрөөччүлэртэн дирдиргэс сүүрээн субу тиийэн кэлэрин билэргэ дылы этим. Оннук буолбута, биһиги аІаардас сылдьар, олох устун бииргэ хаамсар доҕордорун булбатах дьон кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиини тэрийбиппитигэр. Оннук буолбута, түөрт устуруока күпүлүөтү суруйууга бүнүікүл бириистээх сааскы кус булдун туһунан биэриибитигэр; оннук буолбута, Дьокуускай куоракка саха тыллаах оҕо саада, оскуола элбиирин туруорсар төрөппүттэр бөлөхтөрүн таһаарар биэриибитигэр; оннук буолбута, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаевка анаммыт таһаарыыбытыгар; СКАЧАТЬ