«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык. Наталья Михалева-Сайа
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык - Наталья Михалева-Сайа страница 18

Название: «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Автор: Наталья Михалева-Сайа

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5219-6

isbn:

СКАЧАТЬ астаабыт алаадьытын кэһии ыыппыппыт. 2015 сыллаахха Санкт-Петербурга сылдьан кинини көрсүбүтүм. Эмиэ кэпсэтэн «Саха санаата» диэн биэриибэр устубутум. Саха тылын олох умнубатах этэ уонна, үөрүөм иһин, ол кэһии алаадьыны өйдүү сылдьар эбит этэ.

      «Ураты дьоҕурдаах дьон». Биирдэ Бааһынай ырыынагар сылдьаммын сахалыы харысхал бэлиэлэрин уонна туох эрэ оттору эҥин буруолатан-тараалатан атыылыы турар уһун баттахтаах хара бараан киһини көрбүтүм.

      Бу атыыһытым кини остуолугар чугаһаабыт, тугу эрэ саҥарбыт дьону улахан баҕайытык мөҕөр эбит: «Тоҕо баһыыба диигин?! Махтал диэ!» «Тоҕо дорообо диигин?! Ити нууччалыы саҥардыҥ!» Мин испэр күлэ да, сөҕө да санаатым: «Эчии, оттон атыыластыннар эрэ этэ, тоҕо да кинилэр хайдах саҥаралларыгар кыһалынна?» Чугаһаан көрбүтүм, сахалыы сөптөөхтүк саҥарарга (кини санаатыгар) таблицалары оҥортообут, онтун үөрэх пособиетын курдук быаҕа ыйаталаабыт уонна, кырдьык, атыытыгар буолбакка, ордук кинилиин кэпсэтэр дьон тылларыгар иҥнэ, болҕомтотун уура турар эбит. Мин чочумча ону кэтээн көрөн бараммын, хайдах эрэ бу киһини ытыктыах санаам кэллэ: «Көр, саха тылын туһугар көлөһүн-балаһын алла бу кыһалла турдаҕын! Киниэхэ маны гын диэн ким да сорудахтаабатах, бэйэтэ ис санаатыттан ытык иэһин курдук саха тылын соҕотоҕун да буоллар, туругурдарга туруммут!» Аны сир шарын уруһуйдаабыт, онно материктар үүт-үкчү киһи турарын курдук көрдөрүллүбүттэр. Төбөтө – хотугу полюс. Иһигэр – Кытай түбэһэр. Эр киһи ууһатар уоргана – Индия акыйааҥҥа үтэн киирбит тумус арыыта. Илиилээх, атахтаах. Саха сирэ буоллаҕына – бу сир киһи сүрэҕэ эбит!

      – Киһи илиитэ-атаҕа суох олоруон сөп. Оттон сүрэҕэ тохтоото да – бүтэр! Онон аан дойду барыта биһиги Сахабыт сирэ чөл буоларыгар кыһаныахтаах. Биһиги Өлүөнэ өрүспүт – сүрэх хорук тымыра. Кини киртийэрэ, сүһүрэрэ, бохсуллара сүрэххэ хаан эргиирин бохсубукка тэҥнээх! – Харатаала ким эрэ кинини утары мөккүһэрин курдук, кыйыттан кэлэ-кэлэ, дорҕоонноохтук саҥарар.

      – Бу этэ-саҥара тураргын тэлэбииһэргэ тахсан кэпсиэҥ этэ дуу? – мин өр соҕус тугу эрэ көрдөҕө буолан туран иһиллээн бараммын, атыыһыттан ыйытабын.

      – Ээ… Ону ханна?

      – Оттон мин ыҥырыахпын сөп ээ, тэлэбииһэргэ.

      Итинник Харатааланы кытта билсэн турабын. Кини, Нам Хамаҕаттатыттан кэлэн атыылыыр, ырыынактарга көһө сылдьан турааччыбын, хаһан баҕарар булуоххутун сөп диэбитэ.

      Мин хас да ый кини тахсыан сөптөөх биэриитигэр дьүөрэлэһэр кэпсээннэри хомуйдум. Кэбээйиттэн этитиилээх батас туһунан дьикти номохтоох дьон кэлэ сырыттылар, ол батас хаартыскатын аҕалбыттар. Кинилэри (учуутал уонна үөрэнээччилэр этэ) сюжекка уһуллубут. Батас туһунан суруйан, үөрэнээччилэр ханнык эрэ конференцияҕа кыттыбыттар. Бу батас туһуттан элбэх киһи суорума суолламмыт эбит. Аны батаһы батары анньыллан турар тиититтэн сыҕарытан, атын сиргэ уурдахтарына, ол турбут сиригэр төннөн хаалбыт буолар үһү. Дьэ, киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕун курдук. Ол СКАЧАТЬ