Название: Киһи биирдэ олорор
Автор: Софрон Данилов
Издательство: Бичик
isbn: 978-5-7696-2349-7
isbn:
Чаркааскай табах аһыы буруота күдээрийдэ.
– Туга-ханныга биллэ иликкэ бэйэни наһаа буруйданар табыллыбат, – ол буруо ортотуттан Ойуурап хааҕынас соҕус саҥата иһилиннэ. – Кыычаҥ, кырдьык, бэйэтэ баҕатынан күрээбит да буоллун. Оччоҕо эн буруйуҥ туохханый? Итэҕэйбиккэр. Ити эрээри киһини итэҕэйэр куһаҕана суох суол. Өскөтө итэҕэйбит киһиҥ ол итэҕэлинэн туһанан улахан алдьархайы оҥорботоҕуна, буруйуҥ халымыр соҕус буолуон сөп. Оттон кыыһыҥ бэйэтин баҕатынан барбатах буоллаҕына, мин эйигин соччо буруйдуом да суох этэ. Кыратык сэмэлиэм эрэ этэ. Итэҕэлиҥ иһин буолбатах. Бииргэ үөрэнэр табаарыскын иэдээҥҥэ соҕотохтуу хаалларбытыҥ, киниэхэ кэмигэр кыайан көмөлөспөтөҕүҥ иһин. Киһини үтүөҕэ угуйа, үчүгэйгэ кытыара сатыыр, мин санаабар, буруй буолбатах. Үтүөттэн матарар, үчүгэйтэн тэйитэр – ол буруй…
Ойуурап хамсатын остуолга туора уурда, табаҕын буруотун киэр сапсыйбахтаат, сойбут чэйин ыймахтаата. Итиэннэ кураанахтыйбыт куруускатын сөмүйэтигэр иилэн биэрэҥнэтэ олордо. Билиитэ суоһа мөлтөөтө, кырыарбыт муннуктартан, халҕан быыһыттан сөрүүн үргүөр биллэн барда.
– Күрүүр санаалаах киһиэхэ өссө көмөлөһүөхтээх эбиппин дии? – Томмот абатыйан саҥа аллайда. – Тугар? Күрүүрүгэр дуо?
– Көмөлөһүөхтээх этиҥ. Күрээбэт санааланарыгар. Киһини кэлэтэн тэйитэр дөбөҥ. Киһиттэн алҕаһаатаҕына аккаастанар чэпчэки. Киһи туһугар, киһини киһи оҥорор туһугар туруулаһар – ол ыарахан. Эдэр эрдэхпинэ мин бэйэм эмиэ итинниккэ хабааннаах суолга түбэһэн турардаахпын. Тапталтан сылтаан. Ол иһин этэбин, – Ойуурап сымнаабыт хараҕынан уол санньыйбыт төбөтүн одуулаан олорбохтоото, үөһэ тыынна. – Чэ кэпсээнтэн кэпсээн. Оччотооҕуга…
Томмот киһитин диэки дьиктиргээбиттии өрө көрдө.
Ойуурап ах бара түстэ.
– Итэҕэйбэккин дуо? Бу оҕонньор эрэйдээх хаһан эмиэ таптаабыт үһү дии саныыгын дуо?
– Э-эс… Көннөрү… Миигин уоскута сатыыр наадата суох…
– Эчи суох, доҕор! Кыыс оҕо буолбуккун дии – уоскуттара сатыыр! “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт” диэн өс хоһооно баар дии. Ол иһин кэпсээри гыммытым: биһиги, кырдьаҕастар, алҕаспытын эдэрдэр хатылаабатыннар диэн. Итэҕэйбэт буоллаххына, кэбис. Кэпсээнньиккэ сыҥаланар санаам суох.
– Итэҕэйэбин… – Томмот ботугураата. – Кэпсээ…
– Һы, итэҕэйэн абырыыгын дуо?.. – Ойуурап начааскыга хоргуппут оҕоҕо маарыннаан ылла. Көрүөх бэтэрээ өттүнэ онтуката сүтэ оҕуста, туран хоһун иһигэр хаампахтаан иһэн төттөрү олордо. – Чэ, истэр буоллаххына, кэпсиим даҕаны. Истэҥҥин, баҕар, тугу эмэ туһанаайаҕын. Өйгөр өй эбиллээрэй… Дьэ маннык. Мин оччотооҕуга, бу эн курдук, уоһугар уоһаҕа куурбатах уон тоҕустаах уолчаан этим. Тыа оскуолатыгар бииргэ үөрэммит кыыһым баара. Аҕабыыппыт кыыһа. Биһиги бэйэ-бэйэбитин СКАЧАТЬ