Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 57

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ сорудахтаах тахсыбыта. Өр ханна баарын биллэрбэтэҕэ. Сүтэн хаалбыта. Биһиги ону дьиктиргээбэтэхпит. Чэкиис сибээһэ быстан хаалара сонун буолбатах. Күнтэн күн биллэрии ыытыа диэн күүппүппүт. Онтубут бэҕэһээ киһибит тоҥ өлүгүн тиэйэн киллэрдилэр. Аммалыыр суол кытыытыгар хаарга көмүллэн сытарыгар хаһан аһыы сылдьар сылгы үөрэ түбэспит. Ким, тоҕо, хаһан өлөрбүтэ биллибэт. Биллибэт да, биллиэ. Билиэхтээхпит. “Билиҥ” диэн баартыйа биһигини бу үлэҕэ ыыппыта. Билбэккэ хаалларар бырааппыт суох…

      Ойуурап үөрэнэн хаалбычча, арааһа, бэйэтэ да билбэтинэн сиэбиттэн хамсатын ылла, онтукатын айаҕар илдьэн иһэн ситэ тиэрдибэккэ, ол курдук илиитигэр туппутунан хоһун иһигэр түргэн-түргэнник төттөрү-таары хаамта. Хас хардыытын аахтара сахсайбыт муоста маһа үөһэ-аллара түһэн хаачырҕаата. Оннук тиргиллимэхтээт, Ойуурап арыый уоскуйда быһыылаах, хаамара улам бытааран барда. Бытаардар бытааран, кини аһыыр иһити кытары ол-бу кумааҕы, мал-сал күөрэ-лаҥкы кыстаммыт остуолун аттыгар тохтоото уонна таһа суох халыҥ кинигэ илдьиркэйин, эргэ хаһыат анныттан күөх тастаах чараас кинигэни ылла.

      – Аахпытыҥ дуо маны, “Саха саҥатын”? Революция иннинээҕи саха литературатын сурунаалын? – Ойуурап, ол чараас кинигэни өрө уунан, Томмокко көрдөрдө. – Суох?.. Дьэ сити. Мин эмиэ бэрт өрдөөҕүтэ көрөн аһарбытым. Уонна умнубуппун. Үнүрүүн Мэхээс аҕалбытыгар эрэ өйдөөбүтүм. Итиэннэ дьэ төрөөбүт норуоккут остуоруйатын, култууратын билбэккит диэтэхтэринэ, өһүргэниэхпит турар. Өссө сахалыы култуураны аанньа билбэт эрээри, ол култуура хайдах сайдыахтааҕын туһунан куолулуохпут ээ. Кыһыыта баар: киһи билиитэ төһө татым, чычаас даҕаны, соччонон ордук куолуһут, билээҕимсик буолар идэлээх. Оттон Мэхээс Урчуусап, бэйэтин саастыыларыттан барыларыттан киэҥ, дириҥ билиилээх эрээри, барыларынааҕар сэмэйдик, килбиктик туттан сылдьара. Арай хоһоон аахтаҕына эрэ уларыйара. Хараҕа уоттанара, тыла-өһө сытыырхайара. Үнүр, илин тахсыан иннинэ, манна сылдьан Алампадьыыс Соппуруонап “Төрөөбүт дойду” диэн суруйуутун аахта ээ. Бу сурунаалга бэчээттэммити. Бу баар… – Ойуурап сурунаал лиистэрин арыйталаата уонна тохтуу түстэ. – Көр, бу… “Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук, мин төрөөбүт аан ийэ дойдум халыҥ хаарынан саҥата суох сабыллан сытар… Сүүрүктээх үрэҕим сүүнэ үлүгэр мууһунан сөллүбэт гына сүгэһэрдэнэн турар… Хара тыам халыҥ үлүгэр хаар бэргэһэнэн хаппахтанан турар… Буруолаах балаҕаҥҥа, модун тымныы бохсон, боростуой дьон бука бары бокуйан сыталлар… Өй күүһэ мөлтөөн, хараҥа балаҕаҥҥа харахтарын уута, хара былыт курдук, хаайа хаампыт. Ырыа ыллыахха дуу? Ким ыллыай? Ыллаабыт да иһин, ырыа ынчык буолан ынырыктанан иһиллэр!..” Бу 1912 сыллаахха суруллубут айымньы. Ити Соппуруонап ыраахтааҕы саҕанааҕы Саха сирин ойуулуур. “Үөрэҕэ суох, дьүһүнүнэн мөкү, үтүө быһыыга тиксибэтэх, этэ ыалдьарын ынчыгынан ырыҥалыыр ыччат дьонноох Ийэ дойдуом! Тиллиэҥ! Көҥүллэниэҥ! Күүһүрүөҥ!..” Кэбис, букатын сатаан аахпаппын. Мэхээс үнүрүүн адьас ис-иһиттэн имэҥирэн аахпыта. Бу түмүк строкалары: “Ким урут турбут, улаханнык дьоллоох олох туһун туойуҥ, үйэ тухары үктүөн турбут үлүгэри үргүтүҥ!” – диэн ааҕан хабылыннаран СКАЧАТЬ