СКАЧАТЬ
түөскэ астым. Дьахтарым, харса суох түһүөлүү-түһүөлүү, хаһыыта диибин диэн: “Миигин эмиэ ыт! Дьэ ол кэнниттэн мин Бааскам эһигини оһоҕоскутун субуйа оонньуо! Ситиһиэ!” Чэкиис эмиэ киһи. Мин хобуурабын харбаммыппын билбэккэ хааллым. Бэстилиэтим тымныы угун тутан эрэ баран өйдөннүм. “Тохтоо! Манна аҕатын аһыйан өйүттэн тахсыбыт дьахтары кытта сэриилэһээри гынныҥ дуо? Уоскуй”, – диэтим бэйэбэр. Дьэ онно үчүгэйдик болҕойон көрдүм дьахтары: баттаҕа ыһыллыбыт, хараҕа өс-саас уотунан өһөҕүрбүт. Көннөрү, аһыытыттан ииригирбит харах буолбатах, чахчы хаан өстөөх хараҕа. Ол курдук көрсүһэн турабын маҥнайгы тапталбын кытта. Аны кэлэн кини өйө-санаата уларыйарыгар, өһө өһүллэригэр соччо эрэммэппин. Өссө үсүһүн көрсүөм диэн дьиксинэбин. Түрмэҕэ. Биитэр түрүбүнээл хоһугар. Таҥара биэрбэтин ону, – Ойуурап төбөтүн илгиһиннэ, сүүһүгэр саба түспүт баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата. – Омос санаатахха, барытыгар дьахтар буруйдаах курдук. Кэлин, уоскуйан, барытын эргитэ санаан баран, мин бэйэбин буруйдаммытым. Өскөтүн кыыһым таҥнарда диэн уолҕамдьытык өһүргэммэтэҕим буоллар, тапталым иһин туруулаһан охсуспутум буоллар, кини дьылҕата атыннык салаллыан даҕаны сөп этэ. Сэбиэскэй былаас өстөөҕүн оннугар сэбиэскэй былаас актыыбынай үлэһитэ буолуон да сөп этэ. Кинини биһиги кэккэбититтэн тэйиппит, өстөөхтөр илиилэригэр үтэйбит – мин. Атыттар миигин, баҕар, буруйдуохтара суоҕа. Ол эрээри туохтан да кытаанах, мүччүргэнэ суох дьүүл баар – суобас дьүүлэ. Өрөбөлүссүөннэй суобаһыҥ дьүүлүттэн хайдах да албыннанан куоппаккын. Ол курдук…
Томмот Ойуурап кэпсээнин бэркэ болҕойон иһиттэ уонна киһитэ кинини кытта күлэн-элэктээн сэһэргэспэтин итэҕэйдэ. Ону ааһан бу кэпсээн кэнниттэн санаатаҕына, кини буруйа арыый аччыырга дылы гынна. Итиэннэ Кыычаны чахчы күүстэринэн кэлгийэн таһаарбыт буоллахтарына, Ойуурап этэрин курдук, кини кыыһы иэдээҥҥэ соҕотохтуу хаалларбытыгар тахсар. Алдьархай быатыгар, комсомольскай мунньах кэнниттэн кини Кыычалыын биирдэ да үчүгэйдик кэпсэппэтэҕэ ээ. Кыыһа сөбүлээбэтин аанньа тэйэ тутта сылдьыбыта. Кыыс тылын истибэккэ, уруккуларыныы сылдьыбыттара буоллар, бу иэдээннээх суолу, баҕар, моһойсуо хааллаҕа…
– Хайа, төрүт аһаабатах эбиккин дии. Мин кэпсээмминэн аралдьытан кэбистим дуу, тугуй?
Томмот тымныйбыт чэйин тобоҕун ыймахтаата.
– Суох. Топпун. Дьиэлиим, табаарыс Ойуурап.
– Бу да киһи, доҕор, – Ойуурап сонньуйда. – Дьиэбэр-уоппар ыалдьыттыы олорон баҕас ааппынан ааттыаххын. Мин эмиэ ааттаахпын ээ: Дороппуун диэн. Баһылай уола Дороппуун диэн.
– Чэ мин барыым, Дороппуун Баһылайабыс.
– Бэйи, хаһан үлэҕэ кэлэҕин?
– Билбэтим ээ…
– Тугу билэ сатаатаххыный, – Ойуурап уол тылын атыннык өйдөөтө. – Обкуому, обкомуолу кытта кэпсэтиллэн турар. Хайдах күн-дьыл кэлбитин бэйэҥ билэҕин. Наҕылыйа сатыыр кэм буолбатах. Үөрэххин кэлин ситэриэҥ.
СКАЧАТЬ