Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 63

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ харбаан турбахтыы түһэн баран, оронун аннынааҕы хаптаһын холбукатыттан нуорма килиэбин тобоҕун, аҕырбыт арыы тооромоһун ылан, аа-дьуо аһаата уонна күнү-дьылы ыыппакка утуйардыы тэриннэ. Кини аанньа утуйбатаҕа хас да хонно. Дьэ уутугар-хаарыгар киирэн кытаанахтык утуйан эрдэҕинэ “Тур!.. Түргэнник!..” диэн буолааччы. Тойон буолуо баара дуо, өссө да силимнэһэ сылдьар хараҕын ньылбы анньынаат, тиэтэл үлүгэринэн таҥнан, куорат хайа эмэ муннугар хараҕа тэстэринэн тэбинэригэр тиийэр. Мааҕын Ойуурап “бар, утуй, сынньан” диэбитэ да, кини субу да түүн тилэри утуйарын саарбахтыы-саарбахтыы, оронун оҥоһунна.

      Томмот, төбөтүн сыттыкка тириэртэр эрэ таастыы барар бэйэтэ, бу киэһэ уута кэлэн быстыбата. Халтаһатын саптар эрэ үөхсэн сидьиҥ тылларынан ыһыахтанар Валерий Аргыылап, ол кэннигэр арыт күлэн мичилийэр, арыт ыгылыйан атаҕын тумсун одуулаан турар Кыыча өйүгэр көстө түһэллэр. Эргичийэ-урбачыйа, сонунан саба бүрүнэ сатаата да, туох да туһалаабата. Итиэннэ сатаатар арахсыахтара баара дуу! Аҥаардас Кыычаны көрөн, кистээн санаатыгар кыратык сылаанньыйа түһэн ылыан эмиэ сөп этэ (үлэни мэһэйдэппэккэ, бэйэ иһигэр санаан аһарбыкка ама куһаҕан баар буолуо дуо?). Биитэр Валерийы соҕотохтуу көрөн, өстөөххө өһү-сааһы өйдөөн, санааны түмүктээн, утуйан хаалыахха эмиэ син этэ. Ону баара биирдэһэ биирдэһиттэн арахсыа үһү дуо: Кыычаны өйдөөтөр эрэ субу Валерий көстөн бүөлүү түһэр, Валерийы санаатаҕына аны Кыыча тумарык быыһыттан субу дьэҥкэрэн тахсан тиийэн кэлэр. Кырдьык даҕаны, силлибэт гына ситимнэспит убайдаах балыстыы быһыылаахтар.

      Көлөһүннээччи кылаастар пролетарскай революция хаан өстөөхтөрө буолалларын Томмот бэркэ билэрэ. Кини оннук дьону, тыа баайдарын, куорат эргиэмсиктэрин, үгүстүк көрбүтэ. Кинилэр, төһө да сытыары-сымнаҕас курдук көстө сатаан, тыҥырахтарын кумунан кистии туттан сылдьыбыттарын иһин, сөптөөх түгэн кэллэр эрэ, сэбиэскэй былааска хаһан баҕарар үҥүүнэн өтөрү түһэр баҕалаахтарын уол өйдүүрэ. Ол эрээри Ойуурап хоһугар киирэн эрэ кини кубулунар мааскатын киэр быраҕыммыт, харсыттан тахсан ис санаатын аһаҕастык этэр өстөөҕү субу сирэй сирэйгэ көрсүбүтэ. Дакылаакка, лекцияҕа кэпсэнэр, лозуҥҥа этиллэр, плакакка ойууланар өстөөҕү буолбатах, субу иннигэр турар дьиҥнээх тыыннаах өстөөҕү. Көрбүтэ уонна иэгэйэр икки атахтаахха төһөлөөх үлүгэр хара санаа муҥура суох дириҥ дьуоҕата, өһөгөйдөөх өс алдьархайдаах сүлүһүнэ баарын өйдөөн сөрү диэн сөхпүтэ, бэри диэн бэркиһээбитэ. Өскөтүн кыахтааҕа буоллар, Аргыылап бу кинилэри – Ойуурабы даҕаны, Томмоту даҕаны – кыратык да саарбахтаабатын ааһан, хайдах курдук үөрэн-дуоһуйан туран анараа дойдуга атаартыа этэй. Коммунистарга, комсомолецтарга – ким да буоллун – барыларыгар хайдахтаах үлүгэр харысхала суох дьэбир өс-саас баарый Аргыылап ити өһөҕүрэ дьэбидийбит хараҕар, сидьиҥ-быртах тылыгар?

      Томмот кылаассабай өстөөҕү урут дьиҥэ хайдах эрэ абстрактнай соҕустук өйдүүр эбит. Онтуката бу аҕыйах хонук иһигэр эттэнэн-хааннанан, тустаах дьүһүннэнэн-бодолонон кэллэ. Маннык өстөөххө үтүө тылы, ыллыктаах СКАЧАТЬ