Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 54

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ Үөрэниэм… Доҕотторбор… Абыраа, төннүөх… Суон…таа!..

      Суонда төбөтүн илгиһиннэ.

      – Суонтаа, төннүөххэниий!.. Аһын даа!..

      Суонда өссө күүскэ илгиһиннэ.

      Аккаас. Булгуччулаах аккаас. Суонда хаһан даҕаны эппит тылын кэспэтин Кыыча билэр. Кини тойонугар Аргыылапка кыыскын таһаарыам диэн эрэннэрбит буоллун да, ону толорор. Тылын толорбокко хаалларыан кэриэтин өлүө. Ону ааһан кыыс кини хараҕар өссө атын санааны аахта: “Эн кыраҕын. Эйиэхэ туох үчүгэйин бэйэҥ да билбэккин. Ону аҕаҥ билэр. Эн куоракка хааларыҥ куһаҕан, дьиэҕэр тахсарыҥ ордук. Эн миигин мөҕөҕүн эрээри, мин эйиэхэ үтүөнү баҕарабын”. Хайдах да элэ-была тылы этэн Суонда санаатын төттөрү хайыһыннарар кыах суох.

      Ол да буоллар Кыыча, суолунан төттөрү сүүрэргэ сананан, сыарҕаттан ыстанан түстэ. Суонда, баҕар, бэркиһиэ, кыыс тылын быһа гыныа суоҕа… Кыыча, көһүйбүт атаҕар кыайан уйуттубакка тэмтээкэйдээн баран, саҥардыы иннин диэки үнүөхтээн эрдэҕинэ, Суонда бобо харбаан ылан бобуоска иһигэр аста.

      – Ыы-ыы-ы! – диэтэ кини дьиэк биэрбэттик.

      Дьэ ити… Ити аата киниттэн мүччү туттарбаккын…

      Суонда сыарҕатыгар олордо, атын соруйда.

      – Суон-да-а-а!.. Көр…дөһө…бүн!.. Аат…та…һабын!..

      Суонда эргиллибэтэ. Арай көхсө эбии нүксүйдэ.

      Кыыча тобуктаан кинини моонньуттан кууһан ылла:

      – Суон-да-а!.. Оо, өйдөөбөтүҥ тугун сүрэй!.. Истиий даа!..

      Суонда бөгдьөллүбүт көхсө дьигиҥнээтэ. Кыыча марылаабытынан ол көҕүскэ умса түстэ.

      Хаардаах хара тыа дьиппиэрэн, боруоран барда.

10

      Сурах туохтан үөскүүрүй? Сороҕор чахчы суолга олоҕурар, ону ким эрэ кэпсээбититтэн тарҕанар. Сороҕор туохтан төрүттэммитэ, кимтэн саҕаламмыта биллибэт буолар. Ии кэриэтэ төрдө-төбөтө, уһуга-муҥура көстүбэт идэлээх. Арай айан тыала айаарбытыттан, сиккиэр тыал сибигинэйбититтэн үөскээбит бэйэтэ дуу диэх айылаах буолар…

      Кыыча үөрэҕэр кэлбэтэх маҥнайгы күнэ айдаана суох ааста. Студентка кыратык ыарытыйан эбэтэр ыксал кыһалҕаланан уруогун көтүтэрэ манан дуо? Онон паартаҕа кыыс миэстэтэ кураанах аҥайан турарын ким да соччо аахайбата. Арай Томмот хараҕа сотору-сотору ол кураанах паартаҕа иҥнэр уонна староста уол таабылыгар кыыс араспаанньатын туһугар көҕүһэтии бэлиэтин субуччу тарта.

      Иккис күн улахан биримиэнэ саҕана соһумар сурах техникуму саба сүүрдэ: Аргыылаба үрүҥнэргэ күрээбит үһү. Дойдутугар да буолбатах, дьонугар да буолбатах – үрүҥнэргэ. Бэл Кыыча сыарҕаҕа кэлгиллэн сытан наар куһаҕанын талан санаатаҕына даҕаны итинник диэхтэрэ диэн санаа өйүгэр киирбэт этэ. Ити сураҕы бастаан кыргыттар биллилэр. Кыыс аймах биллэ да, өр буолсу дуо – хараҥаччытааҕар түргэнник кылаас кылааһы тилийэ көттө.

      Томмот, ити сураҕы истээт, соһуйан, дөйөн, мээнэнэн көрөн турбахтаата. Кини өйүгэр батаран өйдүөн хайдах да сатамньыта суоҕа. “Үрүҥнэргэ күрээбит”. Ким? Кыыча! СКАЧАТЬ