Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 52

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ диэн ааттыырбыт дьиҥэр түбэлтэ ааттамматтара, хайаан да мүччүрүйбэккэ буолуохтаах суоллар эбиттэрэ дуу? Чэ хайата да син биир…

      Саас этэ. Бүтүн курсунан Кэҥкэмэлиир суолунан тахсыбыттара. Хаар харааран, мутукча саҥардыы тыллан турара. Дириҥ аппалар түгэхтэригэр эрэ хаар тобоҕо, куобах тириитин тырыта тыытан ыһан кэбиспиттии, онно-манна туртайара. Кыыдааннаах кыһын кэнниттэн куораттан саҥа таҕыстахха, хара тыа төбөнү туймаардар дыргыл сыта сытыытын, минньигэһин, үчүгэйин эриэхсит! Итиэннэ куораты тулалыыр бэс чагдаҕа холуйдахха, тиит ойуур эчи сымнаҕаһын, эчи намылхайын!

      Саһаан кэрдиитигэр араарсыыга Кыыча эмиэ били бөлөх уолаттары, кыргыттары кытта түбэспитэ. Кырбанналлар, “комсомол барышнята” диэн хомуруйдаллар даҕаны, ол уолаттар кыыһы бэйэлэриттэн араарыахтарын баҕарбаттар этэ. Итиэннэ төһө да “барышнята” аатырдар, Томмоттоох Кыыча икки ардылара ырааҕын харахтаах дьон ама көрөллөр буоллаҕа дии. Дьэ ол курдук кыыс кинилэри кытта үлэлэһэ сырыппыта. Аттыларыгар Томмоттоох үлэлииллэрэ. Кыычалаах биир сүрдээх баараҕай тиити охторорго быһаарбыттара. Икки уол эрбээбитэ. Кыыс үс уоллуун тугу эрэ суолтата суоҕу сэлэһэ турбуттара. Тиит эрбэнэн охтуо ыраахха дылыта. Онтон… ыарахана бэрдиттэн иҥнэри баттаан эрдэлээбитэ дуу, эрбээччи уолаттар эмискэ: “Тиит суулла-а!” – диэн хайа барбыттара. Кыыча аттыгар турбут уолаттар көрүөх бэтэрээ өттүнэ туора ыстаммыттара. Кыыс, соһуйан буолуо, даллайан туран хаалбыта. Үрдүгэр халлааны күлүктүүр аарыма тиит иэҕэйэн эрэрин көрдөр да, атаҕа сиргэ хам сыстыбыкка дылыта. “Бүттүм…” – диэн оччо чуолкайа суох, үдүк-бадык санаа төбөтүгэр кылам гыммыта. Көмүскэннэҕэ буолан, хараҕын быһа симмитэ. Онтон биирдэ өйдөнөн кэлбитэ: сирэйинэн отон угар умса түһэн сытар этэ. Хайдах буолан манна сытарын, хаһан манна охтубутун билбэтэ. Тиит сиргэ барчаланар тыаһын даҕаны истибэтэҕэ. “Хайдах хайдаҕый?” – диэн дьиктиргээн кэннин хайыспыта. Тиит сууллан мутуктара адаарыйан сытара. Кыыс кэнниттэн мутуктар быыстарыттан Томмот туран эрэрэ. Аҥаар атаҕынан үктэнэн иһэн сирэйин куһаҕаннык туттан ылбыта.

      – Хайа, хайдаххыный? – диэбитэ кини кыыс аттыгар кэлэн, өрө тардаары илиитин уунан туран.

      – Хайдах да буолбатахпын…

      Кыыча тоҕо эрэ илиитин биэрбэтэҕэ: урукку охсурҕаланар үгэһинэн эбитэ дуу?

      Уол саҥата суох үлэлиир сирин диэки доҕолоҥнуу турбута.

      Кыргыттар саба сырсан кэлбиттэрэ. Һуу-һаа буолбуттара. Саҥаран-иҥэрэн көбүөхтэспиттэрэ. Кыыча туох-ханнык буолбутун онно эрэ өйдөөбүтэ: Томмот, хаһыыны истэн, сууллан эрэр тиит анныгар кыыс турарын көрбүт уонна ыстанан кэлэн бүтүн бэйэтин ыараханынан кыыһы киэр түҥнэри анньыбытынан охтон түспүт. Инньэ гынан Кыыча тыыннаах ордубут, бэл биир да мутукка таарыйтарбатах этэ. Ону өйдөөн, бүтэр бүппүтүн, алдьархай этэҥҥэ тумнубутун кэннэ кыыс дьэ куттаммыта: оо, өлө да сыспыт эбит. Томмот быыһаабатаҕа буоллар, билигин кини ити мас анныгар илдьи баттатан сытыах эбит. СКАЧАТЬ