Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 16

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      Саха норуотун ити барҕа махталын, баараҕай баһыыбатын Саха сирин Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета Москваҕа БРКСК Председателигэр Михаил Иванович Калиниҥҥа, РСФСР Народнай Комиссардарын Советын Председателигэр Владимир Ильич Лениҥҥэ ыыппыт суруктарыгар бу курдук эппиттэрэ:

      “Автономнай республикалар Россиятааҕы Федерацияларыгар тэҥ бырааптаах чилиэнинэн киирэн туран, Саха сирин үлэһит кылаастарын ааттарыттан, Саха Автономнай Республикатын Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета биһиги кыраайбытыгар автономнай быраабы бэлэхтээбиккит иһин истиҥник махтанар.

      Гражданскай сэрии уотун үөһүгэр уһаарыллыбыт саха үлэһит норуота аан дойду үрдүнэн социалистическай идеаллар өрөгөйдүүллэрин туһугар атын бырааттыы республикалары кытта бииргэ бары күүһүн көхтөөх үлэҕэ холбуур кэмэ бэрт чугас диэн бигэтик итэҕэйэбит”.

      Саҥа сэбиэскэй олоҕу тутар көҥүл, көхтөөх үлэҕэ туруна охсуохха! Саха отчут-масчыт дьонун баҕарар баҕата, дьулуһар дьулуура ити этэ.

      Ол кэрэ баҕа, ол сырдык дьулуур туоларын аны туох даҕаны мэһэйдиэ суохха айылааҕа.

      Түөрт унньуктаах уһун сыл устата дьон-сэргэ олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыт, үгүс үлүгэри аҕалбыт Гражданскай сэрии Кыһыл Армия регулярнай чаастарын, саха дьадаҥыларын кыһыл партизанскай этэрээттэрин килбиэннээх кыайыыларынан түмүктэммитэ. Ыраахтааҕы офицердара, саха тойотторо тэрийбит үрүҥ этэрээттэрэ 1922 сыллаах саас, сайын Киллэмҥэ, Төхтүргэ, Ньукуолускайга буолбут хааннаах кыргыһыыларга үнтү сынньыллыбыттара. Бүлүү, Өлүөхүмэ уокуруктара бандьыыттартан ыраастаммыттара.

      Саха норуота өрө тыына түспүтэ, эйэлээх олоххо эргиллибитэ. Саҥа көҥүл олоҕу тутар, саҥа советскай автономия тулхадыйбат бөҕө акылаатын уурар айымньылаах үлэҕэ туруммута.

      Ол эрээри…

      Ол эрээри Октябрьскай революция уот холорук буурҕата түҥнэрбит, баттаммыт аймах кырыктаах кыргыһыыларга урусхаллаабыт өстөөхтөрө – баайдар, тойоттор, араас биистээх контрреволюционердар – өлөр-сүтэр дьылҕаларын кытта сөбүлэһиэхтэрин баҕарбатахтара. Кинилэр, өссө биирдэ күүстэрин түмүнэн, өрө туран, сэбиэскэй былааһы кытта күөн көрсөр санааламмыттара.

      Революция иннинэ Дьокуускайга сыылкаҕа сылдьан “нуучча кырдьаҕас революционерабын” диэн түөһүн тоҥсуммут, оччотооҕу эсеримсийээччи ыччат “үҥэр үрдүк таҥарата” аатырбыт П.А.Куликовскай сэбиэскэй былаас хаан өстөөхтөрө бу үсүһүн төхтүрүйэн өрө турууларын сүрүн көҕүлээччи буолбута. Кини “Холбос” диэн Саха сирин потребительскай кооперациятын правлениетын уполномоченнайа уонна Нелькан – Эйкан суолун тутуу начальнига аатыран илин, Охотскайга, тиийбитэ.

      Бу күүстээх тыал үрдэҕинэ охтон түһүөххэ айылаах дьүдьэх, хатыҥыр көрүҥнээх, суптугур сэҥийэтигэр уһун бытыктаах, уҥуох сирэйигэр киэҥ таныылаах хонтоҕор муруннаах, СКАЧАТЬ