Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 20

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ кытыытыгар көрдөөх мичээр саспыкка дылы. Буспут сэлиэһинэй умнаһыныы сап-саһархай ньалака баттаҕа салгын хамнаатаҕын аайы аргыый ибирдиир. “Ээ, доҕоттоор, кэбис, түксүҥ…” – диэбитинэн сытарыгар имиллибит гимнастеркатын көннөрүнэн аллара тардыалаамахтаабытынан сибилигин сулбу ыстанан туран кэлиэххэ айылаах… Суох, төһө да өйүнэн өйдөөбүт иһин, итиччэ эдэркээн бэйэлээхтэри билигин бу тоҥ иин мэҥиэстиэҕэ диэни киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Олохторун саҥардыы саҕалаан эрэр ити үтүөкэн уолаттар уонна өлөр өлүү… Суох, суох, суох!.. Томмот эдэр туҥуй сүрэҕэ бу иннигэр көрөр ынырык чахчытын ылыммакка, ону уларытыан баҕаран, санаатыгар, түөһүн муҥунан кыланарга дылы гынна. Кини халтаһатын сабыан иккэрдигэр бу барыта уларыйа охсуо, түүл буолан сүтэн хаалыа диэбиттии хараҕын симэн ылла. Суох, барыта чахчы. Барыта… Уолаттар… Иин… Ханнык хара санаалаах хааннаах илиитин көтөхпүтэ буолуой бу барахсаттарга?.. Көрсүбүт киһи уун-утары ол сидьиҥниин кыргыһыы хонуутугар!.. Үйэттэн үйэ тухары мөлтөөбөт-ахсаабат сүлүһүннээх өс-саас буоллун киниэхэ, кини курдуктарга бүүс-бүтүннүүлэригэр!..

      – Табаарыстар…

      Томмот уу чуумпуга дуорайбыт бүтэҥи саҥа диэки көрө түстэ. Саха сирин Ревкомун бэрэссэдээтэлэ Платон Алексеевич Ойуунускай, боростуой тимир кылдьыылаах ачыкы нөҥүө санаарҕабыллаахтык, уйаҕастык көрбүт, кубархай иҥнээх, суптугур сэҥийэлээх, намчы, куйа көрүҥнээх хатыҥыр киһи, иин чугаһыгар чөмөхтөһөн турар дьонтон инники тахсыбыта. Кини, ити тылы этэн баран, хоруоптарга сэргэстэһэ сытар сахалаах нуучча уолун диэки умса көрөн чочумча саҥата суох турбахтаата.

      – Табаарыстар… – диэтэ кини иккиһин иһиллэр-иһиллибэттик, бүтэҥитик, онтон кыратык сөтөллөн баран, төбөтүн өрө көтөхтө, знамяларын санньыппыт дьон кэккэлэрин эргиччи көрдө. Уонна, куолаһа улам чөллөрүйэн, саҥаран барда: – Доҕоттор! Кыһыл Аармыйа байыастара! Гражданнар итиэннэ гражданкалар! Бүгүн биһиги манна уһуктубат уһун ууларын утуйбут икки бойобуой доҕорбутун аны хаһан да төннүбэт тиһэх айаннарыгар атаарар кутурҕаннаах миитиҥҥэ муһуннубут. Саха хамначчытын уола Хабырыыс Хаптааһап сэбиэскэй былааһы сүрэҕинэн-быарынан ылынан, өйдөөн, бу былааһы көмүскээри илиитигэр саа-саадах туппута. Ол сылдьан уодаһыннаах өстөөх сибиньиэс буулдьатын аһылыга буолла. Оттон кини доҕоро – Петроград оробуочайын уола Миша Иванов Нева өрүс кытылыттан Сибиири устатын тухары өрөбөлүүссүйэ өстөөхтөрүн урусхаллаһан ыраах Саха сиригэр кэлэн олоҕо быһынна. Бу саха дьадаҥытын самныбат саргытын, кэрэ кэскилин туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбит кыһыл хотойдор хоруоптарын иннигэр туран, мин өрөспүүбүлүкэ өрөпкүөмүн, саха норуотун бүтүннүүтүн аатыттан үйэ-саас тухары умнуллубат улуу махталынан сүгүрүйэбин…

      Ойуунускай төбөтүн тоҥхотто. Бу түгэҥҥэ тула турар дьон бүтүннүү кинини кытта бииргэ сүһүөхтээх бэйэлэрэ сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэлэрэ хоҥкуйан турдулар.

      – Бу сытаахтыыллар сахалаах нуучча уолаттара СКАЧАТЬ