Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 11

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ Кини, аара ханна да тохтообокко, аҕатын үөлээннээҕэ Уордаах Уоһук оҕонньордооххо быһа тиийэргэ быһаарынна. Уордаах олоҕо мантан үс көс кэриҥэ. Бу диэкинэн кыһыллар суох буолуохтаахтар. Соҕуруу диэки, Майаҕа Павловскайга ордууланар сурахтаахтар. Ол да буоллар Валерий күн сырдыгар түбэһэн хаалан, наҕылыйбакка, суһаллык айаннатан дьигиһиттэ.

      Кини санаатыгар аралдьыйан иһиллээбэккэ истэҕинэ ойуур суолун тоҕойуттан эмискэ иннигэр аттаах киһи баар буола түстэ. Утары кэлбит киһи атын туора тардан тохтотто. Чугастааҕы киһи быһыылаах. Бэрт мөкү ат сэптээх, от-мас тиэйэр мара сыарҕалаах. Валерий, өрүһүйэн атын салайбакка, сыарҕатын анараа киһи киэнин кытта хабырыһыннарда.

      – Кэпсээниҥ? – эргэ нэк бэргэһэни сабыччы кэппит киһи, умса түһэ сылдьар куондарын өрө сыҕайа-сыҕайа, эҕэрдэлиир-ыйытар иккэрдинэн сэлибирээтэ.

      – Суох… Эйиэнэ?.. – Валерий, төһө да сулбуччу ааһа туруон баҕардар, хардарарыгар тиийдэ.

      – Миэхэ да мэлигир. Бу ханналаан иһэҕин?

      – Ээ, бу диэки…

      – Туох соруктанан иһэр киһигиний?

      – Өрөпкүөмнэр сорудахтарынан, – диэтэ Валерий уонна: “Сатана, ыаспыйалаан түһэн. Аны суол ортотугар кини доппуруостуура итэҕэс эбит!” – диэн иһигэр үөҕүстэ. Ситэ сэһэргэспэккэ бара турдаҕына ордук сатаныа суохха айылаах.

      – Тыый, оччоҕо арахсар суолгун ааһа кэлбиккин. Биһиги улахан өрөпкүөммүт бу соҕуруу баар ээ. Эн онно наадалаах инигин?

      – Ээ, суох, бу диэки, – Валерий быһаарыыта суох иннин диэки сапсыйда.

      – Бэйи, бу эн хайалара этиҥ? Хараҕым таптыы көрөр да билбэтим ээ.

      – Ээ… Алтаммын…

      – Алтаннары билэр ахан дьонум. Эн онно…

      Валерий кистээн атын муоһатынан соруйда. Ата түһэн кэбистэ.

      – Туу!.. Туу!.. Хайа, бу сүөһү туох буолла?! – Валерий атын, тохтото сатаан тардыаласпыта буола-буола, эбии күүскэ охсуолаата.

      “Алтаммын диэн айахтатан түбэһэ сыстым. Ыт баара Алтаннары билэр эбит дии! – диэн санаата кини ыраатан, арыый холкутуйан баран. – Урукку эбитэ буоллар, итинник илбириискэ суол ортотугар көрсөн силиэстийэлии оонньуо суох этэ. Билигин аны ааһа көтүтэриҥ да сатаммат, тохтоон ылахтастаххына табыллар. Дьиккэр, атым сиргэммитин итэҕэйбитэ дуу, суоҕа дуу”.

      Валерий табах уурунан тарта. Иэдээни мүччү түстүм диэн холкутуйа санаабыта ити көрсүһүү кини алдьархайын саҕаланыыта эрэ эбит. Хамсатын табаҕа ситэ тардылла илигинэ кэннигэр, ыраах толоон саҕатыгар, алта-сэттэ ыҥыыр аттаах киһи тэбиннэрэн иһэллэрэ көһүннэ. Ол дьон, далбаатаһа-далбаатаһа, тугу эрэ хаһыытаһалларын арааран иһиллии барбакка, Валерий атын быһа биэрдэ. “Ити чахчы сэрии дьоно, кыһыллар”, – диэн ыгылыйда кини, муоһатынан харса суох үрүт-үрдүгэр сабыы-сабыы. Суол хата ойуур иһигэр киирэн абыраата. Тэйбэхтээн баран, иһиллээтэ. Аттаахтар төннүбэтэхтэр, эккирэтэн иһэллэр эбит. Тыастара өссө чугаһаабыттар. Соруйан анаан-минээн СКАЧАТЬ