Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 14

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ муннун арыычча таарыйбакка тыбыс-тымныы өнчөх курдары көтөн ааста. Саабыла уһуга тиэйиилээх оту үөһэнэн-алларанан батарыта түстэ.

      – Сирэйэ-хараҕа адьас контра, – били сэтэрээбит саҥа өһүөннээхтик эттэ. – Ырҕайа сытыйан, хонноҕун анныгар быһаҕын уктан иһэрэ буолуо.

      – Эс, эмиэ тугум быһаҕай. Бу да оҕо тылын, – Уордаах ботугураата.

      – Ну, огоннёр, бардаа…

      Аттар ааһа турдулар.

      – Таппатылар дуо? – Уордаах тэйэ түһэн баран ыйытта.

      – Арыычча…

      – Баранаактар… Олус да үрдүбүтүгэр үҥкүүлээн эрэллэр. Хаһан иэстэһиэхпит баарай, – Уордаах абатыйбытын омунугар ынчыктаан ылла. – Оо, кыахтааҕым буоллар, төһө эрэ элэ-была тылларын этитэ оонньуур этим.

      – Биһиги да күммүт күөрэйэрэ чугаһаата, Уоһук. Оччоҕо бу сырыыбыт барыта аахсыллыа… Үтүө-өҥө барыта өйдөнүллүө…

      – Эн эппэтэҕиҥ, таҥара эппитэ буоллун.

      Сыарҕа килэҥ суол устун сыыйыллан истэ.

      – Уоһук! Истэҕин дуо, Уоһук?

      – Саҥарыма, Дьокуускай…

      Сыарҕа куорат сыырын өрө дабайан кыычыгыраата.

3

      Өлүөнэ өрүскэ туруору таас истиэнэ буолан үтэн киирбит соҕуруу Табаҕа Ытык хайатыттан хоту Хаҥалас Ытык хайатыгар диэри сэттэ көс устатыгар Улуу Туймаада хочото харах ыларын тухары көҕөрө туманныран нэлэ- һийэр. Манна соҕуруу Охотскай муораттан Хоту Муустаах байҕалга диэри, Арҕаа Хатанга өрүһүттэн илин Чукоткаҕа диэри тайыыр Саха кыраайын киин куората Дьокуускай кырса уорҕатыныы туналы маҥан сыһыы ортотугар, Сайсары уонна Таалай күөллэр иккэрдилэригэр хараара бачымахтанар.

      Куораты уһаты-туора быһыта сүүртэлээбит уулуссалары икки өттүнэн онон-манан дьөлүтэ үүттэммит аал былаахытынан соппулуоттаммыт мас дьиэлэр кэккэлииллэр. Куорат киинигэр чуоҕуспут кырааскалаах ыстаабаннаах, килэркэй киэҥ таас түннүктээх дьиэлэр кытыы диэки тиийэн муус чуолҕан сыыстаах, туруору эркиннээх самнархай балаҕаннарынан солбуллаллар. Мас дьиэлэр субурҕаларын быыстарыгар онон-манан таас дьиэлэр дьэндэһэллэр. Аппа чугаһыгар хайдаары куттаан кураанахсыйбыт Реальнай училище дьиэтэ багдайар. Улахан уулуссаҕа музей кыһыл кирпииччэ дьиэтэ сиэдэрэй ойуутунан өҥнөрдүү өрөһөлөнөр. Онтон арыый олдьу уруккута уобаластааҕы суут, билиҥҥитэ ревком дьиэтэ кылбаһыйар. Куорат саамай хабыллар хаба ортотугар былыр-былыргыттан элбэх киһини ытаппыт-ыллаппыт, атыы-тутуу бөҕө дэлэйбит сирэ – Таас Көстүүнэй эргийдэххэ дьоҕойон биэрэстэ аҥаара сири сабардаан ньалҕайар. Ол чугаһыгар урут аар-саарга аҥаардастыы аатырбыт, түүлээх бөҕөнөн иирэ байбыт Кушнарев, Никифоров атыыһыттар саҥа былаас илиитигэр киирбит уоруктара, лааппылара кэккэлииллэр. Анараатах хоту киин ыскылааттар, арыгы монополиятын дьиэлэрэ көстөллөр. Куорат араас өттүлэригэр дьон уҥуохтарынан төгүрүктэммит Преображенскай, Богородицкай, Ньукуола, Собуор таҥараларын дьиэлэрин солотуулаах куупаллара күлүмүрдэһэллэр.

      Урут Россия халлаанын хара кынатынан саба хаппахтаабыт баҕыырдаах тумустаах икки бастаах өксөкү кыыл биир саамай хотугу СКАЧАТЬ