Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи биирдэ олорор - Софрон Данилов страница 12

Название: Киһи биирдэ олорор

Автор: Софрон Данилов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2349-7

isbn:

СКАЧАТЬ сабаата. Онуоха ата, уруккутун курдук, хардыытын түргэтэппэтэ. Хата ордук бытаарарга дылы гынна. Валерий, нууччалыы маатырылаан үөхсэн бардьыгынаат, кымньыытын далайан самыыга түһэрэн эрдэҕинэ, ата итирик киһилии уҥа-хаҥас байааттаҥнаан ылла уонна сүүрбүтэ сүүрбүтүнэн иһэн суол кытыытыгар, хаарга, умса баран түстэ. Валерий, соһуйбучча дуу, көбүөхтүү сытар ат самыытын иккитэ-үстэ кууһуннарда. Туох-ханнык буолбутун ол эрэ кэнниттэн өйдөөтө быһыылаах: суолу туора тардыллыбыт сыарҕатыттан чигдигэ ыстанна.

      Ат хаҥас түөһүттэн итии хаан өрө тыган буруолуур. Уҥа быттыгын анныгар хаар эмиэ өһөҕүрэ хараарбыт. Кырыарбыт ойоҕоһо түүрүллэ-түүрүллэ дьигиҥниир. Валерий, туруоруон баҕарбыттыы, ат төбөтүн эргилиннэри тарта уонна, кыһыҥҥы буһурук халлаан күлүгүн түһэрбит, умуллан эрэр мэндээркэй хараҕы көрөөт, ыһыктан кэбистэ. Итиэннэ, суолга ойон тахсан, иннин диэки тэбинэ турда. Ат туох-баар күүһүн мунньунан төбөтүн өндөтөн иччитин көхсүн ааттаспыттыы батыһа көрдө. “Истээрэй…” диэбиттии, иһин түгэҕиттэн аҕала сатаан иҥэрсийбитэ буолла да, биир да дорҕоон айаҕыттан тахсыбата. Тураары гыммыттыы, тыынын былдьаһан үнүөхтээтэ уонна, аа-дьуо нуоҕайан, төбөтө хаарга батары түһэн барда…

      Сыарҕалаах ата көстүбэт буолбутун эрэ кэннэ Валерий саатын сыарҕатыгар хаалларбытын өйдөөтө. Абатыттан кыланан ыллар да, төннүөн дьулайда. Икки хараҕын саба түһэр көлөһүнүн туора соттон кэбиһэ-кэбиһэ, тохтоло суох иннин диэки сүүрэн истэ. Сотору суол ойоҕоһугар кыракый алаас көһүннэ. Анараа саҕахха быыкайкаан кыстык угун саҕа балаҕан үөлэһинэн күөх буруо унаарыйар. Бэттэх, суол чугаһын диэки, күөл баар быһыылаах: сүөһүлэр тоҕуоруспуттар. Валерий өйүгэр суол устун бардахпына субу сотору ситэ баттаан ылыахтара диэн санаа кылам гынна. Соччо тугу да быһаарына илигинэ атахтара бэйэлэрэ күөл диэки барар ыллыгынан туораан таҕыстылар.

      Үтүрүһэ-үтүрүһэ уулуу турбут ынахтар сиргэнэн үрэл гына түстүлэр. Валерий манна тохтоон тыынын ылан эрэ баран биллэ: саҕынньахтаах иһэрин, ол иһин олус көймөстүбүтүн, тириппитин. Кини саҕынньаҕын устан элитэн иһэн кэннигэр кыраһа хаарга кэлбит суола дьэргэйэ сытарын көрөн, уолуйан, хайыан да билбэккэ турда. Ол туран уулаан бүтэн ойбон аттыгар салбанан сыраана сынньылыйбыт чурумчулаах оҕуска хараҕа иҥнэ түстэ. Көрүөх бэтэрээ өттүнэ кини оҕус үрдүгэр ыстанан таҕыста, муоһугар эриллибит быатын өһүлэ тарта уонна балаҕан кэннигэр сэндэҥэ тииттэр быыстарыгар көстөр дал диэки сүөһү орох суолунан салайан тиҥилэхтээн кэбистэ. Оҕус улгумнук ходьоҥолообутунан барда.

      Валерий кыбыыга ыкса кэлэн, оҕуһун быатын муоһугар эрийэн баайаат, оҕус самыытыттан күрүө үрдүгэр ойон таҕыста, онтон соторутааҕыта сүөкэммит окко ыстанан кэбистэ. Итиэннэ ол оту дьөлө хаһан иһирдьэ киирэн, кыракый дьөлөҕөһүнэн таһырдьаны одуулаһан, бэстилиэтин угун бобо тутан кирийэн олордо.

      Өр-өтөр буолбата: үс аттаах киһи кинини суоллаан күөлгэ киирдилэр. Саҕынньаҕын ылан сахсыйбахтаатылар. Суолун көрдөөн эргичийдилэр. СКАЧАТЬ