Ньукулай Уоһукабыс кураан, сут сылларга нэһилиэгин дьоно ынахтара, ардыгар бэйэлэрэ да сутаатахтарына босхо отунан да, аһынан-таҥаһынан да булгу көмөлөһөр биир үтүө үгэстээҕэ.
Өймөкөөҥҥө саас иһэр сибикитэ күнүс-түүн биллэр буолан истэ. Олохтоохтор биир саамай ытык күннэринэн Былаҕачыанньыйап таҥара буолар. Бу күнү Кырбаhааҥкын олус итэҕэйэн үлэтин-хамнаһын былаанныыр, хайдах саас, сайын буолуохтааҕын билгэлиир таҥара күнэ буолар. Дьон-сэргэ да Былаҕачыанньыйабы улахан бэлиэ күнүнэн билинэллэр. Оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат күнэ диэн ааттыыллар. Таҥара күн хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри айылҕа хайдах сигилилээн хаамарын кэтээн көрөллөр уонна онон сирдэтэн хайдах сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. Эмиэ баччаҕа эhэ, моҕотой айылҕаҕа тахсаллар. Мотуруона күн муус устар ортото, тураах кэлиитэ, чалбах сүүрүгүрүүтэ, Дьөгүөрэйэпкэ ыам ыйа саҕаланыыта, үрэх уута киирэр, чыркымай кус кэлэн «чалк» гына тµһэрэ бэлиэтэнэллэр. Сааскы Ньукуолун ыам ыйын 22 күнэ сайын барахсан тиийэн кэлбитин кэрэ бэлиэ күнэ. Аны Ньукуолунунан сиэттэрэн кэҕэ этиитин кэтээн истэллэр. Кэҕэ 5—6 хонук эбэтэр өссө эрдэ эттэҕинэ бөрүкүтэ суох сайын буолуохтааҕын билгэлииллэр. 1–2 күн эрдэ эбэтэр оруобуна ол күн эттэҕинэ өІ-быйаҥ сайыны кэтэһэллэр. Хойутаан эттэҕинэ соччото суох сайын буолууһу диэн буолар.
Дьэ маннык тоҥмот-хаппат, аччыктаабат, сүөһүнү быстарбат кыстык улуу мөккүөрүн кэнниттэн сайылыкка көһүү диэн кэрэ-бэлиэ кэм кэлэр. Дьон-сэргэ сайылыкка көһөн тахсан бараннар айылҕаларыгар сүгүрүйэн, бары түмсэн буолбакка, биирдиилээн ыаллар хайа кыалларынан аһатан-сиэтэн уруйдууллар, дьылы этэҥҥэ туораабыттарыгар махтаналлар. Салама ыйыыллар, уоту аһаталлар уонна дьыл тэрээһинин бэрээдэгинэн Аан Алахчынтан өҥү-быйаҥы көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Кымыс диэн хантан кэлиэй?! Сайылыкка тахсыы Саар Көстөкүүн кэннэ буолар. Ол аата бэс ыйын саҥатыттан саҕалаан. Тоҕо ыксаабаттар этэ диэтэргит, Саар Көстөкүүнү баттаһа өрүү улахан тыаллар, сорох дьыл тоҥоруулар түһэллэр. Күөллэргэ өрүстэн анды тахсар күннэрэ буолаллар. Улахан тыалга өрүс балкыырыттан анды хайыытыгар уу киирэн, өрүскэ сүгүн олорбокко тыа күөллэринэн тарҕанан көтөр, аһыыр-сиир, сынньанар дииллэр. Дьэ ити кэнниттэн окко киирии бэлэмэ саҕаланар. Сайылык күрүөтүн саҥардыы, үүйүү-хаайыы, уулаах дьыл хоруу СКАЧАТЬ