Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таас Хайа. Бастакы версия - Эрнест Яхонт страница 3

Название: Таас Хайа. Бастакы версия

Автор: Эрнест Яхонт

Издательство: Издательские решения

Жанр:

Серия:

isbn: 9785006429963

isbn:

СКАЧАТЬ Ньургуйаана күөх куруусканы ылан, кофе кутан биэрдэ. Мичил аа дьуо кофетын иһэн саҕалаата.

      – чэ кэпсээ Мич, куорат олоҕо хайдаҕый?

      – Ээ, үчүгэй бөҕө буоллаҕа, интэрниэт түргэнэ, манна курдук буолбатах

      – Оннук ээ – диэбитин кытары аан эмискэччи аһылла түстэ, арай Уйгун киирэн кэллэ. Мичил Уйгуну көрбөтөҕө сылтан оттоҕо, Уйгун улааппыт, кэтирээбит эбит.

      – Айуу, Мич – Уйгун табаарыһын көрөн күлүмүрдээн ылла.

      – Ооо, Уйгубор – Мичил эмиэ астынна.

      – Иэскин хаһан төнүннэрэҕин? – диэтэ Уйгун уонна дьиибэлээх баҕайытык Мичил диэки көрөн кэбистэ.

      – Туох иэһин? Хаһааҥҥы иэспин?

      – Былырыын миигиттэн иэс ылан бараҥҥын, маҕаһыынтан утах ылбыккын өйдөөбөккүн дуо? – Уйгун тииһэ сырдаан ылла.

      – Ээ сөп, субу кэлэммин дьэ саҥа өйдөөтүм – диэн баран Мичил хармааныттан мөһөөх солкуобайы хостоон истэҕинэ

      – Э суох, бротишка. Бэйэҕэр хааллар, бачча кэлбит ыалдьыты, аны хармаанын ырааһыраммын ол иэдээнэ – Уйгун остуолугар килиэп уурда, холодильнигын аанын аһан баран продукталарын сааһылыы турда.

      Ньургуйаана куораттан кэлбит уол хараҕын одулуу көрдө, Мич төһө даҕаны кыбыһыннар, эр киһи буоларын быһыытынан, бэйэтин утары көрөн кэбистэ – бу да кыыс кэрэтин – диэтэ санаатыгар.

      – Чэ аһыаххайыҥ, килиэби кырбаа эрэ Ньургу – Ньургуйаана түргэн-түргэнник килиэби кырбаат да убайыгар кофе кутта уонна ыалдьыт сонунун истэ таарыйа аттыларыгар олордо.

      – Кэпсээ эрэ, какие новости? – Уйгун Мичил диэки килэччи көрөн кэбистэ.

      – Ээ суох, үчүгэйдик айаннаан кэлбитим, дьоммор Миитэрэйдээххэ тохтообутум.

      – Үөрэҕин төһө үчүгэйдик түмүктэннэ?

      – Этэҥҥэ – Мичил уол, Ньургуйаана моонньугар хараҕын бырахта.

      Оннук гынан үһүөн көрсүбүччэ, ахтыспычча атах тэпсэн олороннор кэпсэтэ олордохторуна, эһээлэрэ Чегенов Василий Тимофеевич киирэн кэллэ. Эһээлэрин көрсөн чэй кутан биэрдилэр, Тимофеевич оҕонньор Мичили көрөн үөрдэ, ким хайдах, төһө бэрткэ олорорун ыйыталаста, ол эрэн Мичил быйыл сайын художниктар лааҕырдарыгар сылдьыан баҕарбытын оҕонньор соччо сөбүлээбэтэҕэ.

      – Ити Таастаах хайа диэн куттал-суһал дойдута.

      – Дьээдьэм Миитэрэй эмиэ ити сири тоҕо эрэ сөбүлээбэтэҕэ.

      – Сөпкө этэр, ити сиргэ чучунаа баар дииллэр.

      – Чучунаа? – Мичил айаҕын ата биэрдэ

      – Чэ иһит…

      1922-с сыл, күһүҥҥү Балаҕан ыйа

      Толбоҥҥо үрүҥнэр этэрээттэрэ кыһылларга кыайтаран, биэһэнчэкэ киһиттэн уонча киһи тыыннаах хаалар, ол хаалбыт дьоннор аҥар гына хайдыһаннар, араас-араас сиринэн куоталлар. Биир уоллара Степанов Болат Александрович, оччолорго эдэр сүүрбэ үстээх эрээри, биир дьыл хорсун быһыытын иһин, хамандыыра Георгиевскай кириэскэ наҕараадаҕа түһэрбитэ. Болат бэйэтэ кыра уҥуохтаах, саха боростуой киһитэ, төрөппүттэрэ СКАЧАТЬ