Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таас Хайа. Бастакы версия - Эрнест Яхонт страница 5

Название: Таас Хайа. Бастакы версия

Автор: Эрнест Яхонт

Издательство: Издательские решения

Жанр:

Серия:

isbn: 9785006429963

isbn:

СКАЧАТЬ сылдьаллара, ол эрэн үгүс оҕо бары биир дьиэ-кэргэн курдуктар этэ. Остолобуойга олус да минньигэстик астыыр Яна Афанасьевна оҕолортон элбэх хайҕабыл ылара.

      Киэсиктээх Мирина баһаатай буолалларын быһыытынан, 1-кы биригээдэ оҕолорун мунньан биэрэккэ тахсаннар, ыраах турар Таас Хайаны уруһуйдатаннар, үлэлэрин биир-биир бэрэбиэркэлииллэрэ. Онтон Баарамайдаах Мария иккис биригээдэни кытта тыаҕа тахсаннар сири-дойдуну чинчийэллэрэ, мас мастыыллар, оҕунан сыал ыталлар уонна даҕаны араас оонньуу көрүҥүн боруобалыыллара. Оннук сылдьан Мичил уонна Ньургуйаана, иккис биригээдэ оҕолорун буолалларын быһыытынан, бэйэ икки ардыларыгар сэлэһэн ылааччылар, арыт сиэттиһэннэр оҕолору соһутан, баспытааталлартан сэрэтии ылааччылар.

      Киэһэлик бары уот төгүрүччү олороннор араас буолбут-буолбатах түбэлтэри арай кэпсэтэ олордохторуна, аттынааҕы улуустан сылдьар Сэргэй уол – МИН МААҔЫЫН ХАРА КИҺИНИ КӨРБҮТҮМ – дии түстэ. Бары кэриэтэ истэрин хайа түстүлэр, ким эрэ хараҕыттан уу кэлиэр дылы күлүү элэк гынна – Насмешил дурачок, а теперь иди, подтирайся – диэтэ аттыгар олорбут эмис уол. Ол эрэн Киэсик эрэ күлбэтэ, олох отой күлбэтэҕэ, ол оннугар куттаныах санаата кэлбитэ – СТОП! ХВАТАТИТ! ВСЕ! – диэбитин кытары бары тохтуу биэрдилэр, санаатыгар Киэсик бу Таас Хайа туһунан буолбут түбэлтэлэри кэпсиэн баҕарбыта даҕаны туттуна биэрбитэ, аны итиччэ кэлбит дьону куттаан кэбиһиэм диэн. Онтон кэлин оҕолору сэрэппэтэҕиттэн, олоҕун тухары бэйэтэ кэмсинэр буолар, онтукатыттан сылтаан…

      Иккис нэдиэлэ. Арыт сорох оҕолор иитиилэрэ букатын мөлтөх буолан, лааҕырга арааһы барытын гынан турардаахтар. Биир кэм биир уолу атаҕастыыр этилэр, ону Мичил олохтоох уол буоларын быһыытынан дугда-хахха буолааччы. Мичилтэн элбэх оҕо толлоро, кини уҥуоҕунан улахан, эттээх-ыйааһыннаах буолан кими баҕарар «хум-хам» тутан кэбиһиэх кыахтааҕа, ол даҕаны буоллар бэйэтэ боростуой уол буолан күүһүн мээнэ көрдөрбөт майгылаах этэ.

      – Иһит эрэ да, өссө биирдэ Яшаны тыытыаҥ, тиискин хампы охсон кэбиһиэм, өйдөннө да? – Мичил кыыһырбычча бастакы биригээдэ уолун саҕатыттан ылан олоххо-дьаһахха үөрэтэ турда.

      – Сөп, Мич-Мичил. Аны Яш-Яшаны сордуом суоҕа – диэтэ уһун баттахтаах, күөх харахтаах уол.

      – Киэр бар, сүөһү бл* – диэн баран эмэһэҕэ тэптэ, онтуката остолобуой диэки сүүрэ турда.

      Яша бэйэтэ хатыҥыр, кыра уҥуохтаах уол буоларын быһыытынан баһыйтарара, оскуолаҕа сылдьан өскөтүн биир атаҕастабыла суох күн аастаҕына Таҥараҕа махтана саныыра. Ол да буоллар бэйэтэ уруһуйу баһылаабыт киһи, конкурска кыттан бастакы миэстэттэн аллараа түспэт идэлээҕэ.

      – Мич, мин эйиэхэ иэстээх курдук сананным – махтаммычча Мичил диэки көрдө.

      – Туох даҕаны иэһиҥ суох, Яша. Өскөтүн ким эмит эйигин сордуур түгэнигэр миэхэ эт.

      – Мич – Яша хайдах эрэ уолуйбуттуу көрдө.

      – Тугуй? – Мичил тугу эрэ сэрэйдэ.

      – Бэҕэһээ түүн туалетка тахсан иһэммин киирии суол диэкиттэн туох эрэ улахан, хара шуубалаах киһини көрбүтүм.

      – Оо СКАЧАТЬ