Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таас Хайа. Бастакы версия - Эрнест Яхонт страница 2

Название: Таас Хайа. Бастакы версия

Автор: Эрнест Яхонт

Издательство: Издательские решения

Жанр:

Серия:

isbn: 9785006429963

isbn:

СКАЧАТЬ ууммута дуо?

      Миитэрэй хайдах эрэ муода баҕайытык кэргэнин диэки көрөн баран -Бүт эрэ, ол кэм Нарыйа биирин ааспыта, өссө ол иннинээҕи дьыл.

      – Ээ сөп, дьэ өйдөөтүм- диэн Кэтириис нэһиилэ ол ааспыты сэгэтэн көрөн, дьэ кэлэн өйдөөтө -Онно эн вахтаттан кэлбит кэмиҥ этэ ди?

      – Вахтаттан кэлэн бараммын ити билиҥээҥҥигэ диэри сүүрэр массыынаны ылбытым.

      – Оччолорго Нарико эһээхэй оҕо буоллаҕа, онно мин баттахпын кугас гына кырааскалаппытым, ону көрөн баран Дьулус «аны хаһан даҕаны баттаххын кырааскалаама, эйиэхэ ити өҥ барсыбат» диэн киһини соһуппута.

      – Кырдьыгы эппит, эйиэхэ кугас өҥ дьиҥ чахчы барсыбат этэ.

      – Оо дьэ, Миитээ! Бэйэм билэр буоллаҕым эбитэ, ханнык өҥү хайдах кырааскалыырбын.

      Кыра уоллара Ньургун аһыы олорон утуйан хаалбыт, Мичил түргэн-түргэнник аһаат даҕаны быраатын Ньургунчугу аа-дьуо хонноҕуттан ылан хос диэки илтэ. Ороҥҥо сытыаран, суорҕанынан сабан баран төттөрү остуолга кэлэн чэй куттан баран бичиэнньэ уонна кэмпиэт сии олордо.

      – Дьээдьэ Миитээ, эдьиий Кэтириис. Манна сотору уруһуйдьуттар лааҕырдара аһыллар үһү диэн, Маайа киһини соһутта ээ, ол төһө кырдьыгый?

      – Аһыллар-аһыллар, онно суруттарыаххын баҕардыҥ дуо – диэтэ Миитэрэй уонна чэй кутуна барда.

      – Оччоҕо ийэбиттэн арай көҥүл ыллахпына, манна хаалан лааҕыр толоонугар тахсан, оҕолору кытта билсэн-алтыһан, дьэ бэртээхэй да буолуо эбит.

      – Сөпкө этэҕин, оҕо саас кэрэтэ, тоҕо бэрдэй – диэн баран остуолтан турда Кэтириис, уонна аргыый аҕай иһитин хомуйан саҕалаата

      Чэйин туппутунан Миитэрэй кэлэн олоппоско олоруна биэрдэ, уонна чуолаан кэпсээн барда.

      – Ол эрэн ити лааҕырдара Таас хайа диэки аһыллар үһү диэн сурах тарҕаммыта, ол диэки кутталлаах соҕус буолсуһу диибин ээ.

      – Ол тоҕо? Туох куттала баарый? Мичил хайдах эрэ дьиктиргии биэрдэ.

      – Чэ иһит. Былыр сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ, Толбон нэһилиэнньэтэ бастыҥ аакка сылдьар этэ. Эн эһээлээҕин уонна кини көлүөнэтэ күүскэ үлэлээн-хамсаан, бары дьон колхозка, совхозка үлэлээн кэлии – барыы элбэх кэмэ эбитэ үһү. Биир үтүө күн эһээҥ Хабырыыс оҕонньор, оччолорго эдэр киһи, өрөбүллэригэр табаарыстарын кытта Таас хайа диэки, түбүктээх-ыарахан үлэ кэнниттэн сынньана тахсыбыттар. Оччолорго күһүөрү эбитэ үһү, балааккаларын туруоран, уот уматан, күөс өрүнэн, дьэ костёр тула эргиччи олорон эрэ кэпсэтэ олордохторуна, арай Таас хайа диэкиттэн хайдах эрэ киһиэхэ майгынныыр диэххэ киһи хаһыыта буолбатах, тыатааҕы диэххэ тыатааҕы да хаһыыта буолбатах, улахан баҕайы ой-дуораана иһиллибит. Ону истэн бары уолуйбуттар.

      – Ол туох хаһыыта үһүнүй? Мичил соһуйбуттуу көрөн кэбистэ.

      – Дьэ билбэтим. Онтон ыла эһээҥ ол диэки үктэммэт буолбута, оскуолаҕа сылдьан биирдэ Дьулустуун уонна атын уолаттары кытта ол диэки пикнииктыы тахсаары гыммыппытыгар, эһээҥ биһигини туох даҕаны иһин ыыппатаҕа.

      Кэтириис иһитин хомуоһун сууйан бүтэрээт, аа-дьуо хоһун диэки бара турда.

      – Чэ Мичил, ол иһин ити сир диэки үктэнимиэххин СКАЧАТЬ