Название: Таас Хайа. Бастакы версия
Автор: Эрнест Яхонт
Издательство: Издательские решения
isbn: 9785006429963
isbn:
Мичил уол бачча кэлбиччэ дьээдьэбэр көмөлөһөбүн диэн кытаанах санаалааҕа, иннэ гынан оҕуруот үлэтигэр Миитэрэйгэ көмө киһитэ буола сылдьыбыта. Миитэрэй кэлин атаҕа ыалдьар буолан, бырааска көрдөрүнүөм этэ диирэ даҕаны, бэйэтэ уруккаттан көрдөрүммэт киһи этэ. Ону Мичил бэрткэ диэн өйдүүрэ, ол иһин Миитэрэйгэ «бу сырыыска хайаан даҕаны оройуон киинигэр Хаптаҕайҕа тахсыахтааххын, бырааска барытын туох-ханна ыалдьарын эт, мин эйигин манна солбуйуом» диэн туран, дьээдьэтигэр олус да улахан көмөнү оҥорон турардаах.
Биир үтүө күн Мичил таҥас сууйа олордоҕуна, Чегенова Ньургуйаана тиийэн кэллэ. Мичил тугу гыныан булбата, тымныы уунан ыстарбыт киһи курдук хараҕын эмискэ аһа биэрдэ.
– Мич, привет!
– Пып, пыр, пирибиэт!
– Мин эмиэ эйигин кытта лааҕырҕа барар буоллум.
– Оп, хмм… хмм, ол тоҕо?
– Эйигин кытта просто нескучно.
– Эсс, мин-мин жооско ускуучунайбын ээ.
– Хи хи хи, этэн көр өссө.
– Ол эрэн баары эттэххэ, дьолбун дьол оҥордуҥ- диэбитигэр Ньургуйаана кэлэн Мичили кууһан ылла, арай эдьиийэ Маайа маҕаһыынтан соһуччу тиийэн кэллэ. Ньургуйаана хайыһа биэрбитигэр Маайа кини диэки кырыктаах хараҕынан көрөн турар эбит.
– Тугу гына кэллиҥ эн? – Маайа кыырт курдук туттан, саба түһээри соруммутун курдук туттан турар. Ол да буоллар Ньургуйаана даҕаны иннин биэрбэтэ.
– Ол тугуй? Баар-суох доҕорбор Мичилгэ кэлиэ суохтаах үһүбүн дуо?
Мичил ойон турда, уонна саҥата суох Ньургуйаананы илиититтэн сиэтэн ылан дьиэтигэр дылы атааран биэрдэ. Ньургуйаана Мичили кытта покаалаһан баран, олбуорун аанын аһан киирэн истэҕинэ Мичил сүүһүттэн сыллаан ылла. Ньургуйаана бастакы уонна бүтэһик таптала, кэлин оҕолорун аҕата, эрэнэр киһитэ буолар. Ол күнү ити кыыс олоҕун тухары субу диэн өйдүү-саныы сылдьыа.
5. Киэһээлик Мичил дьиэтигэр аһаан баран Оленовтарга таҕыста. Баарамай Егорович Оленов аҕата суох, соҕотох уол, бэйэтэ ийэтигэр иитиллибит. Быйыл Дьокуускайдааҕы Государственнай Университет филология факультетын устудьуона, үөрэҕин кыайар-кыайбат икки ардыгар үөрэнэр, ол эрэн бу сайыҥҥы каникулугар лааҕырҕа баһаатайдыы практикатыгар диэн дойдутугар кэлбит. Толбон олохтооҕо буолан Мичили уруккаттан билэрэ, ол иһин Мичили саха киһитэ буолан туран, маанытык СКАЧАТЬ