Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6136-5
isbn:
Сити сайын мин кинини үгүстүк көрбүтүм. Бу бэрт сайаҕас, элбэҕи билэр-көрөр, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, аламаҕай эдэр киһи сайылык оҕолорун бэйэтин тула биллибэтинэн-көстүбэтинэн түмэ тардыбыта. Амма эбэ хотун кылбаһыйар сүүрүгэр көтөхтөрбүт күн уота сандаара оонньуур кэмигэр сөтүөлүү киирэрэ. Биһиги кыра оҕолор, куораттан сылдьар киһини көрөөрү, биэрэккэ мустарбыт. Кини өрүс үөһүгэр тиийэ бэрт сыыдамнык харбаан киирэрин умсугуйа көрөрбүт. Биир сайыҥҥы күнү умнубаттык өйдүүбүн. Биһиги үгэспитинэн сарсыарда эрдэ биэрэккэ киирбиппит. Платон эмиэ биэрэк үрдүгэр киирэн олороро. Кини муннун анныгар ыллыы-ыллыы суруйара. Бу санаатахха, кини хоһоон суруйар быһыылааҕа. Кумаар элбэҕэ. Онон биһиги түптэ оҥорбуппут. Ол түптэ аттыгар олорон, кини балачча өр суруйбута. «Хайа оҕолоор, эһигиттэн хайаҕыт абааһыны итэҕэйэрий?» – «Сорохпут итэҕэйэрэ буолуо», – «Чуолаан, кимий?».
Биһиги сирэй-сирэйбитин көрсөн кэбиспиппит. Платон күлэ түһэн баран, биһиэхэ абааһы суоҕун, таҥараны итэҕэйии ньүдьү балайын туһунан оҥостон олорон кэпсээбитэ. Аҕабыыттар, ойууттар уонна баайдар дьадаҥы киһини көлөһүннүүр сыалтан ситинник итэҕэли тарҕаталларын, албынныылларын кини кэпсээниттэн билбиппит. Сити уһун кэпсэтии этэ. Биһиги түптэни быыстала суох оҥорбуппут. Платон күн ахсын биһиэхэ сонунтан сонун остуоруйалары кэпсиирэ. Мин онно аан бастаан «Улуу Кудаҥса», «Соломуон», «Дойду иччитэ» уо.д.а. остуоруйалары олус умсугуйан истибитим. Кини элбэх кинигэни ааҕара. Кинигэ аахпат кэмигэр бөлкөй талах кэтэҕэр олорон, өөр-өр суруйара. Платон эмискэ ойон турара уонна биэрэк устун сүүрэн элэстэнэрэ. Билигин санаатахпына, кини быһый быһыылааҕа. Сүүрэн кэлэн баран, эмиэ аахпытынан эбэтэр суруйбутунан барара. Ити биһиги сөтүөлүүр кытылбыт уҥуоргу өттүгэр Тэйэр Хайа ыраахтан дьэндэйэн көстөрө. Платон Слепцов ити хайа туһунан бэрт кэрэхсэбиллээҕи кэпсиирин өйдүүбүн. «Оҕолоор, ити хайаҕыт үрдүттэн ойууттар Чочур Мурааҥҥа тиийэ ыстанан кэбиһэбит диэн кыырааччылар, – кини ойууттары элэктээн итинник кэпсиирэ. – Киэҥ хардыылаах ойууттар диэбэккит дуо? Айылҕа үтүө-кэрэ сирин бэл дьадаҥы дьону албынныылларыгар туһана сатыыллар. Ол курдук кинилэр сирэйэ-хараҕа суох быһыыланаллар». Биһиги төрөппүттэрбит, аймахтарбыт уонна чугастааҕы ыалларбыт сэллик ыарыыттан ыалдьан өлөн-сүтэн, эстэн эрэр кэмнэрэ этэ. Онон биһиги диэки ойуун, удаҕан уонна аҕабыыттар өрүүтүн тиэстэллэрэ. Былыр-былыргыттан Тэрээки Арыыта диэн тыа бөдөҥ салаалаах тииттэригэр кэрэх бөҕөнү ыйыыллара. Платон Слепцов ити ойууттары күлэ-оонньуу кэриэтэ СКАЧАТЬ