Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6136-5
isbn:
Мин Платон Алексеевич Ойуунускай тус бэйэтэ тэрийбит уонна кыттыыны ылбыт икки улахан ыһыаҕар сылдьыбытым. Маҥнайгы ыһыах 1920 с. бэс ыйыгар Тохтобул диэн улахан алааска буолбута. Чурапчы, Амма уонна Өймөкөөн улуустарын ревкомнарын представителлэрэ кэлэннэр эҕэрдэ тылы эппиттэрэ. Платон Алексеевич Советскай Россия ис-тас олоҕун политикатын туһунан кэрэхсэбиллээх дакылааты оҥорбута. Кини дакылаатын бүтүүтүгэр Саха губерниятын уонна улуустар уочараттаах соруктарын тустарынан иҥэн-тоҥон кэпсээбитэ. Ыһыахха олус элбэх киһи мустубута. Ыччаттар бэрт элбэх этибит. Мин быыс булан Платон Алексеевиһы көрсөн кэпсэппитим. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбитим туһунан үөрэ-көтө истибитэ. «Дьэ, маладьыаскын, – Платон Алексеевич бэркэ астынан эппитэ. – Салгыы үөрэниэххин наада». Аҕабын кытта үгэһинэн бэрт өр үөрэ-көтө кэпсэппитэ. Бу санаатахха, кинини кытта кэпсэтиэх баҕалаах киһи элбэх быһыылааҕа. Таатта, Чурапчы интеллигенцията уонна кыаммат-түгэммэт дьадаҥы дьоно бары кини тула үмүөрүһэллэрэ. Бэл баайдар тоҥхоҥнос буолбут этилэр. Хаһан да абааһы көрбөтөх курдук уруйдуу-айхаллыы сатыыллара. Бу ыһыахха аан бастаан «Интернационалы» уонна «Марсельезаны» сахалыы ыллаабыппыт. Түһүлгэҕэ оонньуу-көр бөҕө тардыллыбыта. Харах ыларын тухары элбэх плакаттар көстөллөрө. Хас да үрдүк ааркалар кыһыл былаахтарынан, лозуннарынан киэргэтиллэн, киһини барытын ыраахтан угуйа кыыһаллара. Ыһыах ис хоһооно саҥа былаас туругурарын иһин туһуламмыт буолан, дьону-сэргэни улаханнык үмүрү тардыбыта. Платон Алексеевич 1920–1921 үөрэх дьылыгар Тааттаҕа тахсан ревкомнар мунньахтарын оҥорбута. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбиттэртэн мин, Николай Егорович Мординов, Николай Майданов Чөркөөх пансионугар ылыллан үөрэнэ сылдьар этибит. Үөһэ ахтан аһарбытым курдук, 1924 с. Платон Алексеевич Ойуунускай кыттыбыт иккис ыһыаҕар эмиэ сылдьар дьолго тиксибитим. Бу сырыыга Чөркөөххө улахан түмсүүлээх ыһыах буолбута. Платон Алексеевич доҕорунаан Иван Николаевич Винокуровтыын оччотооҕуга куораттан эмиэ атынан тахсыбыттара. Билигин өйдөөтөхпүнэ, Ойуунускай байыаннай таҥастаах этэ. Ыһыахха эмиэ сүүһүнэн дьон мустубуттара. Платон Алексеевич улаханнык көтөҕүллэн туран эйэлээх социалистическай олоҕу тутуу саҕаламмытын кэпсээбитэ. Бу ыһыахха учительница Вера Давыдова салалталаах улахан ырыа-тойук буолбута. Учуутал элбэх ыччаттары, аныгылыы санаалаах кыргыттары уонна дьахталлары мунньан революционнай ырыалары ыһыахха ыллаппытын иһин Платон Алексеевич Ойуунускайтан улахан махталы ылбыта. Платон Алексеевич ити киэһэ Табаахырап олоҥхоһуту булларан кылгастык олоҥхолоппут сурахтааҕа. Сарсыныгар оскуола оҕолорун ыҥыран ылан, күөх кырыска олорон эрэн сэһэргэспитэ. Кини онно ыччаттар балайда үөрэнэн эрэллэрин, араас идэлээх дьоннор тахсыахтарын туһунан мичээрдии-мичээрдии СКАЧАТЬ