Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 17

Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6136-5

isbn:

СКАЧАТЬ эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай уонна тэрийэр үлэни ыытара, «Социал-демократ» диэн Саха сиригэр маҥнайгы большевистскай хаһыаты таһаарсан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыһарбыт. Маныаха ситиһиилээхтик Платон уонна Максим сылдьыбыт буолаллар. Агитационнай, тэрийэр-салайар үлэҕэ кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы биллибитэ».

      Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллөр эбит. 1917 с. күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, «Якут» диэн Глотовтар борохуоттарыгар Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.

      Максимныын үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Ойуунускай эрдэттэн айар үлэҕэ тардыстар буолан, саха литературатын, норуот айымньытын өлбөт-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран, Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар: «Ок-сиэ, кэрэ да хартыына! Саамай сөптөөх тоҕооско көһүннэ ээ… – уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна, – саха поэзиятыгар биир туйгун хоһоон айыллыаҕа дьэ бу таах хааллаҕа…» «Ол хайдах?» – Дора Жиркова, Максимы ситэри этитээри быһыылааҕа, өйдөөбөтөхтүү тутунна. «Платон манна суох диэн хомойобун. Куоракка кини оннугар мин хаалбытым буоллар…» Аҕа табаарыстарбыт Саха сириттэн барбыттарын туһананнар, эсердэр, федералистар, меньшевиктар ону-маны оҥоруохтара диэн сэрэҥкэдийэн, Платон Алексеевичтаах хаһыа да буоланнар, куоракка хаалбыттара. Максим ол иһин ити курдук эппитэ.

      Д.П. Лазарев ахтыыта: «Саха АССР автономиятын ылбыта 15 сыла туолбутун 1937 с. от ыйын саҥатыгар Дьокуускайга да уонна Москватааҕы да, Ленинградтааҕы землячестволарга да биир кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол Москватааҕы бастакы улахан көрсүһүүгэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр представителлэрэ, Саха сирин Москваҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга үөрэнэр устудьуоннара, урукку политсыылынайдар, Саха сирин Москваҕа баар үлэһиттэрэ уо.д.а. сылдьыбыттара. Бу улахан үөрүүлээх мунньахха Ем. Ярославскай, М.К. Аммосов уо.д.а. табаарыстар уоттаах-төлөннөөх, сүлүһүннээх сытыы тыллары эппиттэрэ. Ем. Ярославскай Саха сиригэр революция туругурарыгар тирэх буолбут, көмөлөспүт дьоннор бу бааллар диэн М.К. Аммосовтаах, П.А. Слепцовтаах диэки ыйа-ыйа, ордук истиҥ, амарах тылынан ахтан тыл эппитэ.

      М.К. Аммосов кыра соҕус уҥуохтаах буолан баран, кырдьык даҕаны, чуор куоластаах этэ. Кини тыл этэрин хаста да истибитим. Хаһан даҕаны суруллубуту аахпат буолара. Уһун соҕустук, тыынын ыла-ыла, субуруччу хааһахтан хостообут курдук сүрдээх чуолкайдык ыраастык нууччалыы этэрэ, араас түгэннэри даҕатан сүлүһүннээх тыллары эттэҕинэ, киһи этин сааһынан киирэрэ, онон болҕомтону ордук тардара. Платон Алексеевич сахалыы уустуктаан-ураннаан этэринэн ордук курдук буолара Максим Кировичтааҕар. Сынньалаҥҥа Максим Кирович СКАЧАТЬ