СКАЧАТЬ
балаҕаммыт таһыгар ытыс саҕа соҕотох түннүктээх, оһоҕо суох кыараҕас хороҕор дьиэҕэ Горбунова диэн улахан үлэҕэ сылдьар секретарь кыыс олороллоро. Ол дьиэҕэ уонна Платоҥҥа баскыһыанньаҕа Аммосов Раятынаан тахсар быһыылаахтара. Аммосов киэһэ-сарсыарда тимир атынан тырылатар. Оччотооҕу Сэргэлээҕи үс төгүл велосипедынан эргийэрэ, олус түргэнник тэбэрэ. Миигин Винокуров уонна Сокольников билэллэрэ, билсэрбит да диэххэ сөп. Арыт Костя «Баабылап» диэн кыҥсыйан ыҥыран, тэлиэгэтигэр олордоро. Биир суукка – Наркомпросздравсобеска үлэлиирбит. Аммосов даҕаны, Ойуунускай даҕаны биһигини Павлов, Слепцов, Говоров диэн ыҥыраллар, арай биир уолу – Степановы Илюша дииллэр. Субуота киэһэ, арыт баскыһыанньа киэһэ даҕаны биһигини кытта кэлэн, маарка оонньууллар. Кинилэртэн саамай бэртэрэ сүүрэринэн даҕаны, доруопканы охсорунан даҕаны, хабарынан даҕаны, гуттаперча мээчигинэн табарынан даҕаны Аммосов этэ. Кини таппыт сирэ кытаран тахсар, иһэр даҕаны буолара. Сүүрэн кэдэрийэр, күлэр-салар. Олус көҕүйэн, уһуннук оонньуур. Кини саамай «бултаһар» киһитэ Костя Сокольников. Костя сүүрэн ыдалыйар. Мээчиги даҕаны хаппат, туттаҕына даҕаны мүччү ыһыктан кэбиһэр. Элбэхтик табыллар эрээри кэһэйбэт, өсөһө бэрт: «Бэйикэй, биирдэ эмэ», – диэн кыҥсыйар. Биһиги уолаттар кинини соччо «бултаспаппыт» да, син табабыт, кыратык сэрэнэн, Аммосовы бултаһа сатыыбыт, үксүн таптарбат. Биһигини арыт-арыт кэһэтэлиир. Платон Алексеевич эмиэ олус көхтөөх, биһиги кинини күүскэ сүүрдүөхпүтүн баҕарбаппыт даа, сүүрэн арахсар. Ким да кинини бырахпат, быраҕар да түбэлтэҕэ «сыыһан кэбиһэбит». Ыарыһаҕын билэбит. Иван Николаевич мааркаҕа кыттыбат. Биһиги кинини харыстыа суох этибит, доҕорбут буоллаҕа дии. Бу элэккэй, улаатымсыйбат убайдарбытын күндүтүк саныырбыт, кинилэр суохтарына оонньуубут тахсыбат этэ. Биһиги оонньуу сырыттахпытына, аттыбытынан, уолаттарын илдьэ, Иннокентий Говоров сөтүөлүү чынайан ааһааччы. Барыбытын кынчарыйан ааһарга дылы. «Бу дьон бу уолаттары кытта… Оок-сиэ!» – диир быһыылаах. «Уроняют авторитет». Оннооҕор тохтоон көрө түспэт. Платоннаах киниэхэ кыһаллыбаттар, кинини билэллэрэ бэрт буоллаҕа. Ити Говоров үтүө киһи, бэрт үлэһит, революционер этэ. Киһи-киһи тус-туспа майгылаах-сигилилээх эбээт.
Биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын. Киэһэлик мааркалыы сылдьабыт. Сэргэлээххэ, чочуобуна (билигин маҕаһыын) арҕаа хотоолугар, билигин да баар көлүйэ хотугу кытыытынан, сөтүөлүүр күөл үрдүнэн икки-үс балаҕан уонна Москвиннар хаарбах сайыымкалара бааллара. Онон оонньуурга бүөм.
Ол оонньуу сылдьан, Максим Кирович олус үрдүк доруопканы хабаары, кэннинэн чинэрийэн иһэн, ынах сааҕар олоро түстэ. Биһиги сырсан тиийдибит. Хаар маҥан бүрүүкэтин кэннин сутуйбут. Платонунаан сиэттиһэн, сөтүөлүүр сиргэ киирдилэр. Чочумча буолан баран, биһиги уора-көстө киирэн көрдүбүт. Ыстааны икки өттүттэн тутан сайҕаан, сууйа тураллар эбит. Маайкаларын устубуттар. Кинилэр доҕордоһууларын ымпыгын-чымпыгын сиһилии истибэт этибит, ол эрээри доҕордуулара буолуо дии саныырбыт.
СКАЧАТЬ