Хостон кыра уоллара, ахсыска үөрэнэр Кириисэ тыыллаҥнаан тахсан, дьааһыйбахтаан ылар.
– Ийээ, хата, халлааммыт тымныйан, бүгүн үөрэх буолбата дуо? Дьэ, бэрт. Көмпүүтэрдиэм да көмпүүтэрдиэм буоллаҕа. Балачча уһуннук тымныйа түһэрэ буоллар бэрт да буолуо этэ.
– Оо, кэм биһиги буолуохпут, тылым диэн тыллаһа турдаххын. Үөрэҕэ суох киһи хараҕа суох кэриэтэ буоларын хаһан өйдүүр киһигиний? Биһиги курдук үөрэҕэ суох буолаары гынаҕын дуо? – ийэ уолун кэлэйбиттии көрөр. – Үөрэхтэннэххинэ киһи-хара буолуоҥ ээ.
– Чепуха, хайдах эмэ гынан учууталлар харахтарыгар наһаа быраҕыллыбакка ортотук сырыттахха, оскуоланы бүтэрэр буоллаҕыҥ. Үөрэнэрим син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ, – Кириисэ киһиргээн киэҥ, быччайбыт харахтарынан араастаан килээр-мэлээр көрөр.
– Чэ, чэ, бүт. Эмиэ Уйбаныаба киирдэ. Киһиргээн хааһайданан аҕай эрэр. Аһыы охсоот, хотоҥҥор тахсан, сааҕы таһааран балбаахтаа, – ийэтэ уолун соруйар.
– Ээ, чэ, бээ, саах да буоллар тохтуу түстүн. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Аһыы түһэн баран тахсыам ээ, – уол мээнэ саҥарарын тохтоппот.
Аҕалара мааҕын дьиэттэн тахсарыгар өрөйбүтэ-чөрөйбүтэ мэлийэн, арбы-сарбы көрүҥнэнэн киирэн кэлэр.
– Хайа, бу уол саҥа турда дуо? Сааххын дьаһай эрэ. Ыл, эмээхсин, чэйдэ кут эрэ, – Бүөтүр олоппоһун хаачыгыратан ыардык олорор.
– Хонтуораҕа туох сонун? – Альбина бэйэтигэр эмиэ чэй куттан, оҕонньорун утары олорор.
– Биһиги нэһилиэктэн бэйэтэ үс киһи кыттар эбит.
– Бэй, ол кимнээх? – дьахтар соһуйа истэр.
– Байбал Никииппэрэбис уонна саҥа сүөһү ииттэ сатыыр Данил уол.
– Эс, ол кинилэр сүөһүлэрэ-астара биһигиттэн быдан аҕыйах буоллаҕа. Кэм сүөһүлээх, сылгылаах дьон тэринэллэр ини.
– Биисинэс-былаантан тутулуктаах быһыылаах. Счек- кар кырата 150 тыһыынча солкуобай харчылаах буолуохтааххын. Биһиэхэ счетпутугар төһө харчылаахпытый?
– Ээ, кыра, кыра. Эн биэнсийэҕин ылбатахпыт хас ый буолла? Сбербаантан сарсын ыйытан көрүөм, – Альбина сүөм түһэр.
– Оччоҕо Байбаллаах ылар буоллахтара, – Кириисэ сөрү-сөпкө эппит курдук дьонун сирэйдэрин хардары-таары көрөр. – Ийээ, ол граҥҥа кытыннаххытына, төһө харчыны биэрэллэрий?
– Чэ, ол эйиэхэ туохха наадалааҕый? Барытыгар орооһон иһэр. Бэрт киһи тахсан оҕолорго кэпсээ, – ийэтэ уолун дьарыйардыы көрөр.
– Оннук акаары СКАЧАТЬ