Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина страница 11

Название: Ньоҕой эрэл

Автор: Татьяна Находкина

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6348-2

isbn:

СКАЧАТЬ тыатын хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ тахсыталаан, бөһүөлэктэригэр барардыы оҥостон, таһырдьа тахсан үөмэхтэстилэр.

      – Бүөтүр, бардыбыт, кэлэн олор, – Данил «УАЗ» массыынатыгар олорон, ыҥырар саҥата иһилиннэ.

      – Сөп, сөп. Уолбут тахсар ини, – Бүөтүр массыына аанын тэлэччи аһан, киирэн олорунан кэбистэ.

      – Хайа, уолаттар, бааргыт дуо? Бэртээхэй мунньах буолан ааста, – Ньургун Александрович сэгэччи туттан киирэн, суоппары кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.

      – Айанныаҕыҥ. Таарыйа «Айан» маҕаһыынтан килиэп ылан ааһабыт дуо? – Данил кэннин хайыһан ыйытардыы көрөр.

      – Ылан, ылан, – уолаттар, оҕолор курдук тэҥҥэ түһэрэн эппиэттээбиттэриттэн, күлсэн ылаллар.

      – Дьэ, Бүөтүр, улуус хамыыһыйатын этэҥҥэ аастыҥ. Аны бу күннэргэ куоракка киириэҥ. Хамыыһыйа чилиэннэрин итэҕэтэр гына сүрдээх үчүгэйдик биисинэс-былааҥҥын кэпсээтиҥ. Маладьыас! – Ньургун Александрович кэннин хайыһан, илиитин биэрэр.

      – Бүөтүр биисинэс-былаана олоххо баарынан сурулуннаҕа. Онон итэҕэтиилээхтик иһиллэр буоллаҕа. Оттон Байбал биһиги киэммит сэрэйэн кэриэтэ оҥоһулуннаҕа дии. Ис хоһоонун ситэ өйдөөбөккө эрэ айан оҥоһуллубут биисинэс-былаан хайа аанньа буолуой? Ол иһин кыайан көмүскээбэтибит. Чэ, быйыл үлэлээн баран, эһиил эмиэ киирсиэхпит, – Данил лэһигирэччи күлэр. – Байбалбыт иннин-кэннин билбэт буолуор диэри кыыһыран барда. Сураҕа, улуус баһылыга быраата быйыл көмөлөспөппүн, үлэлээ, эһиил көрүөхпүт диэбит үһү.

      – Буолуо. Хас улуус ахсыттан биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар грант ылан баран сатаан дьаһанан үлэлээбэккэлэр, сүөһүлэрин сыл таһаарбакка охтортоон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн айдаан бөҕө буоларын истэ сылдьан дьаарханара чуолкай. Федеральнай бырагыраамаҕа, улахан дуоһунаска олорон, мээнэ киирэн сыыһа туттуон баҕарбат буоллаҕа, – Ньургун Александрович сөбүлэһэр.

      Айан суолун устун суһаллык айаннаан сыыйылыннардылар. Хаары бүрүммүт тиит, бэс мастар суол икки өттүгэр кэккэлээн арыллан биэрэн истилэр. Суоппардара Данил – хара будьурхай баттаҕын өрө тарааммыт, киэҥ арылхай харахтаах кыаһаан киһи – эрэллээхтик массыынатын уруулун эрийэ тута олордо. Массыына биир кэм тэҥник ньирилиир тыаһыгар бигэтэн, Ньургун Александрович төбөтө босхо баран, тоҥхооройдуу олордо.

      Бүөтүр хараҕар араас санаалар ситимнэрэ киинэ каадырын курдук элэҥнээн ааһан истилэр. Данил маладьыас. Санаатын түһэрбэт. Үлэлиир баҕалаах. Оттон Байбал Никииппэрэбис ньиэрбэтэ барыта бүтэн, кыыһыран аҕай барда. Кинини, кыайардыы, сылы быһа хомпуустаан, тутуһан аҕай биэрэрэ буолуо. Сураҕа: «Эһиил кыттыбаппын, сылдьыаххыт эбээт», – диэбит үһү. Аата, кыра оҕоҕо дылы буолан. Биһигини ааттаһа оонньооботторо буолуо ээ. Оттон кини хайдах эмэ гынан граҥҥа тиксэрэ буоллар, үлэлээн көрүө этэ. Киһини билэр буолуоҕуттан үлэҕэ эриллибитэ, төрөппүттэригэр көмөлөһөн сүүрэн-көтөн аҕай биэрэрэ. Дьоно уонтан тахса сүөһүлээхтэрэ. Сайын ахсын сарсыарда СКАЧАТЬ