Ньоҕой эрэл. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ньоҕой эрэл - Татьяна Находкина страница 5

Название: Ньоҕой эрэл

Автор: Татьяна Находкина

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6348-2

isbn:

СКАЧАТЬ үйэбитигэр буолбата. Онон биһиги дьоллоох кэмҥэ олорон аастыбыт. Дьылҕа Хаан иннибитигэр хас сылы ууран турарын айбыт Таҥара бэйэтэ билэн турдаҕа, – Ариана араатардыы оҥостон этэр-тыынар санаалааҕын дьүөгэлэрэ өттүккэ анньыалаан тохтоттулар.

      – Араатардаабакка да быһаарыаҕыҥ. Сорук-сыал туруоруннахпытына, үйэбит уһуо этэ буоллаҕа. 25 сыл диэтэхпитинэ, оруобуна 100 сааспытыгар тиийиэ этибит, – Анастасия күлэн мычылыйар.

      – Кырдьык, оннук эбит, – Марианна ытыһын ытыһыгар охсон «тэс» гыннараат, аҥаар атаҕар эргийэн ылар.

      – Бу кытта кырдьыбыппыт үҥкүүһүт буолан кырдьыбат, эдэр көрүҥнээх. Оо, бэрт да буолуо эбит да, 100 саас – ыарахан, кутталлаах саас. Сүрэх баҕарыа да, сүһүөх кыайыа суоҕа турдаҕа. Кэммит-кэрдиибит кэлиэ буоллаҕа, – Ариана Марианнаны санныттан имэрийэн ылар. Анастасия дьүөгэлэрин тыйыс баҕайытык көрөн кэбиһэр. Ити кэмҥэ бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбит үөлээннээхтэрэ, күлэн-салан, тиийэн кэллилэр.

      – Хайа, бүгүҥҥү күн дьоруойдара манна саһан олороҕут дуу? Хорчуопкаҕа барыаҕыҥ. Онно биһиги сылга биирдэ биирдиибит сүүстүү тыһыынчаны биэрбэтэрбит да эмиэ биэрэрдээхпит ээ, – кылаастарын ыстаарыстата, кыараҕастык быһыччы көрбүт, билигин да сэнэх көрүҥнээх Анна Семеновна, кырааскаламмыт кыһыл кылгас куудара баттаҕын имэринэ-имэринэ, саҥарбытынан барар.

      – Ээ, кырдьык даҕаны, ону биһиги эмиэ кулгаахпыт уһугунан истибиппит ээ. Эбиитин матырыйаал булууга кыттыгастаах курдук сананабыт, – дьахталлар туран, хоннохторуттан ылсан, остуол тардыллыбыт сирин диэки бардылар.

      «Т» буукуба курдук тардыллыбыт остуолга хотойорунан ас ууруллубут. Кырдьаҕастары барыларын бииргэ бочуоттаах миэстэҕэ олортулар. Нэһилиэк баһылыга Максим Максимович, уйгулаах ыһыаҕынан эҕэрдэлээн баран, 57 сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит кылаас ыстаарыстатыгар Анна Семеновнаҕа тылы биэрдэ.

      – Убаастабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо, ыалдьыттара, уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран, биһиги, үөрэммит оскуолабыт бастакы выпустара, бүгүҥҥү дьоро күҥҥэ элбэхтик ааттаммыт дьүөгэлэрбит Ариана, Анастасия, Марианна биир үөлээннээхтэрэ, ытыспытын соттон мээнэ олорботубут, эмиэ үлэлээтибит. Ол курдук, историкпыт, үөлээннээхпит Дайаана Николаевна салалтатынан нэһилиэкпит олоҕун устуоруйатын суруйан, халыҥ тастаах, 675 страницалаах, 1000 хаартыскалаах, глянцевай илиистээх, 1000 тиражтаах кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыппытын, нэһилиэкпит баһылыгар Максим Максимовичка туттарарбытын көҥүллээҥ. Кинигэ тахсыытыгар бүгүҥҥү күннээхпит дьоруойдара эмиэ кыттыспыттара, – диэн этиитин түмүктүүрүн кытта, ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ.

      – Оттон үөрүүлээх чааска тоҕо туттарбатаххытый? Дьон барыта истиэ этэ буоллаҕа, – Максим Максимович санаатын этэр.

      – Истиэхтэрэ. Бэчээтэ тардыллан, сибилигин тиийэн кэллэ, – Анна Семеновна судургутук эппиэттиир. Дьон сэргэхсийэн, күө-дьаа буола түһэллэр. «Нэһилиэнньэҕэ атыыланар ини», – диэн ыйытыы элбээтэ.

      – Дьэ, СКАЧАТЬ