– Бу да эмээхсин. Саҥам диэн саҥардаҕын. Хата, эт эрэ, харчыбыт төһөлөөтө? Эһиилгигэ тириэрдибэккэ, төһө баарынан ипотекаҕа киириэххэ. Оччоҕо дьон уорбалыа суох этэ, – диэтэ Байбал сөтөллөн хахсайа-хахсайа.
– Оҕонньор төбөҕүн үлэлэтэн көрүөххүн. Ол уон биэс-сүүрбэ сыл кирэдьииккэ киирэн, хабалаҕа хаптараҕын дуо? Муспут харчыбытынан быйыл сайын уоттаах, гаастаах уһаайба атыылаһыахпыт. Онтон эһиилгиттэн икки этээстээх коттедж дьиэ тутуутун саҕалыыбыт. Ону толкуйдаа, оҕонньор, – Марыына астыммыт киһи быһыытынан кэргэнин саннын таптайбахтаан ылар.
– Ол гаастаах, уоттаах уһаайба атыылаһар харчылаахпыт дуо? – Байбал хараҕа уоттана түһэр.
– Баар буолан этэр буоллаҕым. Быйыл сайын ылыах- пыт. Аны күһүн шлакобетонунан акылаатын түһэриэхпит. Онтон дьэ көрүөхпүт, салгыы туох матырыйаалынан туттарбытын. Кыаллар буоллаҕына үйэлээх гына пенобетонунан тутан дьэндэтэр бэрт буолуо этэ.
– Оо, бу эмээхсин, өйө-санаата сытыытын. Ол эрээри, мин да эйигиттэн улаханнык хаалсыбат оҕонньор буолуохтаахпын. Төһө да баара-суоҕа харабыл диэн намтата көрбүттэрин иһин, хаһаайыстыбаннай, илиибэр дьоҕурдаах, сатабыллаах буоламмын, буларым-таларым хайа да бэйэлээх үрдүк үөрэхтээх учуутал, быраас ыйдааҕы хамнаһынааҕар быдан элбэҕи өлөрөрүм буолуо. Ол да иһин көрөр харахтаах, истэр кулгаахтаах барыта биһиэхэ ордугургуур буоллахтара. Табаарыһым Бүөтүр ылбыт мөлүйүөнүгэр батыллан сытарын көрөрүм буоллар, төһө эрэ бэлэспинэн күлэр этим. Сураҕа, кыстык хотон тутар үһү. Чэ, баҕар, тутуоҕа. Онно түөрт уон сүөһүтэ толугураһан киирэр дуо? Мин курдук нэһилиэк сүөһүлэрин көрөбүн диэн биисинэс-былааныгар суох. Бэйэбит нэһилиэкпит баһылыга Иван Еремеевич уопсастыбаннай өйө-санаата суох диэн сирэн эрэрэ, – Байбал, кэпсээн көбдьөөрөрүн быыһыгар, иҥиэттэн ылар.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.