Дьиэлээх хаһаайын Байбал биэс уон биэс сааһын лаппа аастар да, билигин да «тэп» курдук, киһи сылайар-элэйэр үлэтигэр үлэлээбэт, үлэтэ да чэпчэки: дьыссаакка харабыллыыр. Икки күн өрөөн баран, үһүс күнүгэр дьыссаатыгар баран хонон кэлэр. Саҥа тутуллубут дьыссаат дьиэтэ истиин-тастыын аныгылыы матырыйаалынан тутуллан, сыттыын-сымардыын үчүгэй. Улахан, тирии дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытан, өҥнөөх тэлэбиисэри көрөр. Утуйан хаалан, сарсыарда сэттэ чааска биирдэ уһуктан, тэлэбиисэрин араарар. Үлэтэ диэн онон бүтэр. Оттон кэргэнэ Марыына кулууп буҕаалтыра. Үйэтин тухары буҕаалтырдаабыт киһи, кулууп кыра бүддьүөтүн таһаҕас оҥостубат. Ааһан иһэн оҥорор быһыылаах. Уоллаах кыыстара иккиэн куоракка орто анал үөрэххэ үөрэнэллэр. «Харчы көрдүүллэрин эрэ билэллэр. Хаһаайыстыбаҕа туох да көмөтө суох дьон», – диэн аҕалара кыыһырар. «Бу үлэ суох кэмигэр, тэрилтэлэргэ сарбыйыы бара турдаҕына, кинилэри, орто үөрэхтээх дьону, хайа тэрилтэ үлэҕэ ылыай? Бүтэрдэхтэринэ, тыаҕа таһаарыахпыт, сүөһү-ас иитиитигэр көмөлөһүөхтэрэ, бэлэм ас-таҥас мээнэ халлаантан түспэт», – диэн оҕолорун дьылҕатын быһаарбыттара ыраатта.
Билигин Байбаллаах Марыына өйдөрө-санаалара наар байбыт киһи диэн: кырдьар саастарыгар куоракка дьиэ туттан, сынньалаҥнык олоруохтарын саныыллар. Ол быыһыгар ипотеканан үс хостоох таас дьиэ ылыахтарын эмиэ баҕараллар. Аны ханнык да бааны итэҕэйбэттэр, тэллэхтэрин анна эрэллээх.
Байбаллаах Марыына утары көрсөн олорон, сарсыардааҥҥы чэйдэрин иһэллэр. Дьиэлээхтэр күннээҕи кыһалҕаларын, инники дьылҕаларын кэпсэтэ-кэпсэтэ уһуннук чэйдииллэрин сөбүлүүллэр.
– Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрбит «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга» диэн граҥҥа кыайан хапсыбатыбыт да, тохтуур санаам суох. Ити уол үлэлиир кэмигэр хаан таайыгар көмөлөспөтөҕүнэ сирэйэ саатыа. Устудьуоннуур кэмигэр көмөлөспүппүн умнубут быһыылаах. Бу дьиэҕэ элбэхтэ хоммут буолуохтаах этэ, – Байбал сөбүлээбэтэх куолаһынан көөҕүнүүр. Сырдык, маҥан хааннаах киһи, ыгыллыбытыттан, сирэйэ кытаран-наҕаран көстөр.
– Быраатым диэн быыбарга өлөргүнэн мөхсүбүтүҥ дии. Үп-харчы да харыыта суох барбыта. Ону умна охсубут дуо? Үлэлээтигит диэн биир соххор солкуобайы төлөөбөтөххө дылы этэ дии, – Марыына оҕонньоругар чэй кута туран, кылбар-халбар көрөр.
– Аныгы сайдыылаах сахалары СКАЧАТЬ