Өссө кини хаһыаттарга сурук суруйара. Ханнык хаһыаты атыылаһар да, барытыгар суруйара. Телевидениеҕэ эмиэ. Оттон биһиги кинини истиэхтээх этибит. Биирдэ тыаҕа тэллэйдии барыахтаах этибит, оттон кини телевизорынан тугу эрэ көрбүт этэ уонна тута суруйан барбыта. Биһиги тула хаама сылдьыбыппыт уонна хомуммуппут. Тоҕо диэтэххэ, эбиэккэ диэри биир эрэ автобус сылдьара. Онтон аныгыскы автобуһу үс буолуо уон биэскэ диэри күүтүөххэ наада этэ. Онтон кини айдааран барбыта, онно ийэм эппитэ: чэ, Костя, истиэххэ. Онон биһиги кууркалаах, саппыкылаах кини иннигэр олорбуппут.
Оттон кини этэрэ: суох, эн өйдүүгүн, Светлана, онно хайдахтаах курдук акаарылар олороллорун? Эн өйдүүгүн?
Халадыынньык, Ольгаҕа сиэркилэни илпитим кэннэ, сэттэ хонон баран кураанахтаммыта. Эбэтэр аҕыс эбитэ дуу. Итини быһаарар уустук.
Мин туох баар күүспүн мунньан, сиргэ уонна түннүккэ турары барытын онно укпутум. Арыгы сылааһын сөбүлээбэппин.
Итиччэ элбэх арыгыны мин аан бастаан дириэктэрим Александр Степановичка көрбүтүм. Кини хаһан даҕаны биирдии бытыылканан атыыласпат этэ. Дьону кытта дуогабардаһара, оччоҕо дьааһыгынан аҕалаллара. Төттөрү-таары сүүрбэт туһуттан.
– Мин утатан, суоһаан эрэйдэнэбин, – диирэ кини. – Хаһан даҕаны хамматтыы утатабын, Константин. Мин этим-хааным убаҕаһы эрэйэр. Эбэтэр атын тугу эрэ. Өйдүүгүн, мин улааппыт сирбэр, уу төрүт суох. Үрэх даҕаны, күөл даҕаны. Оннооҕор чалбах да баарын өйдөөбөппүн. Ардах хаһан даҕаны түспэт этэ. Ол иһин билиҥҥэ диэри иһиэхпин эрэ баҕарабын. Куруук суоһуу сылдьабын. Аҕал миэхэ, ол ыстакааны.
Кини мин иннибэр кураанах бытыылкалары, иһити, ханнык эрэ атах таҥаһын уурара, мин ону уруһуйдуурум. Оттон кини арыгытын иһэрэ.
Мин киниэхэ сылдьарбын сөбүлүүр этим. Училищеҕа миигин умнубуттара, кэлин тиһэҕэр үөрэх сэбиэдиссэйэ мин көтүтүүлэрбин бэлиэтээбэт да буолбута. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум хаста да миэхэ кэлэ сылдьыбыттара – дьыала хайдаҕый дииллэрэ. Онно мин мэлдьи барыта үчүгэй, дириэктэри кытта дипломнай үлэм буолуохтаах бырайыагы оҥоробут диирим.
Мин кини арыгыны адьас атыннык, дьонтон барытыттан уратытык иһэрин сөбүлүүрүм. Аҕам куруутун аҥаар илиитигэр үрүүмкэлээх, атыныгар уулаах ыстакааннаах өр турааччы. Бэлэмнэнээччи, тыынын ылааччы. Онтон уоһун чорбоччу туттан, хараҕын быһыччы көрөн, арыгыны бытааннык сыпсырыйан эрэрдии иһээччи. Эдуард Михайлович буоллаҕына, хоонньугар баҕаны укпуттарыныы, дьигиһийээччи.
Оттон диэриэктэр хаһан даҕаны үрүүмкэттэн испэт этэ. Кини арыгыны халыҥ таастаах ыстакааҥҥа кутан баран, онтон уу курдук иһээччи. Хайдах эрэ утаҕын ханнараары гыммыт курдук иһэрэ. Бэлэһэ куурбут киһилии.
Кини бииртэн биир ыстакааны иһэрэ, ол кэмҥэ хаһан даҕаны уһуутаабата, уруһуйдарбын көрөрө уонна төрүт итирбэт этэ. Мин иннибэр кириэһилэтигэр көннөрү олороро СКАЧАТЬ