– Эйигин эмиэ сүпсүгүрдэрбин баалаама, – диэтэ Ольга. – Никиитэм эмиэ айдаан бөҕө. Өссө төгүл абыраа. Кинини бэйэм хайдах да сатаан уоскуппатым.
– Туох диэтэххиний! – диибин мин.
Кууркабын кэттим уонна таҕыстым. Бэл ааммын аһаҕас хааллардым.
– Дьэ эрэ, манна ким утуйуон баҕарбатый?
Уолчаан дьигис гына түстэ уонна сибиэни көрбүттүү миигин одууласта. Бэл оонньуур кубиктарын мүччү тутта.
– Ким манна ийэтин тылын истибэтий?
Кини миигин көрөр уонна саҥарбат. Арай харахтара бүлүүһэ саҕа буоллулар.
– Чэ, хомун, – диибин мин. – Ийэҥ тылын истибэт буоллаххына, миигин кытта олоруоҥ. Биир эрэ оонньууру ылыаххын сөп.
Уолчаан саҥарбат итиэннэ айаҕын наһаа улаханнык атар.
– Ханныгы илдьэ барабытый? Массыынаны дуу эбэтэр бу киһини дуу? Бу туруусуктаах кимий? Супермен дуо? Чэ, супермеҥҥын илдьэ бар.
Кини Ольга диэки хайыһар уонна сибигинэйэр:
– Мин утуйуом. Ийээ, мин билигин бэйэм утуйа барыам.
Мин этэбин:
– Дьэ, маладьыас. Барытын начаас өйдөөтүҥ. Аны биирдэ эмэ итинник гыныаҥ даҕаны – мин кэлэн эйигин дьиҥнээхтии илдьэ барыаҕым.
Аан таһыгар Ольга миигин тохтотто:
– Чэй иһэҕин дуо? Мин сибилигин аҕай көөнньөрдүм.
Мин этэбин:
– Ааным аһаҕас хаалбыта. Туох барыта буолуон сөп…
Онуоха кини:
– Эн бырастыы гын, мин мэлдьи көрдөһөрбүттэн. Көннөрү кини… эйигиттэн эрэ куттанар… Оттон миигин төрүт истибэт буолла.
Мин сонньуйабын:
– Өйдөнөр. Мин кини оннугар эбитим буоллар өссө күүскэ куттаныам этэ. Сааһа хаһай?
– Биэһэ. Түөрт сыл уонна уон ый.
Мин этэбин:
– Мин өссө итиннээҕэр улаханнык куттаныам эбитэ буолуо.
Оттон кини өссө биирдэ көрдөһөр:
– Бырастыы гын… Бука диэн, кыыһырыма сөөп.
Чочумча саҥата суох турабыт, онтон этэбин:
– Барыта үчүгэй. Наадыйдаххына – өссө киирээр. Мин аны наар дьиэбэр олорор буолуом. Үлэлээн бүттүм. Харчыбын барытын ыллым.
Кини мин диэки көрөн баран этэр:
– Эмиэ үс ый арыгылыыгын дуо?
Мин этэбин:
– Хантан ылан инньэ диигин? Таах дьиэбэр олоробун – тэлэбиисэр көрөбүн.
Кини эмиэ мин диэки көрөр уонна мичээрдиир. Ол эрээри онто олус курустук көстөр.
– Сөп чэ, өссө төгүл миигин бырастыы гын. Бэйэҥ да киирээр – туох эрэ наада буоллаҕына. Кырдьык, чэй иһиэххин баҕарбаккын дуо?
Дьиэбэр сиэркилэ иннигэр тиийэн өр турабын. Миигиттэн туох тахсыбытый диэн көрөбүн.
Өскөтүн оччолорго Серега алҕаһаабатаҕа уонна миигин умайбыт БТР-га бүтэһигинэн хаалларбатаҕа буоллар. Ол эрээри кини миигин бүппүт дии санаабыт этэ. Онон бастаан атыттары хостообут. Ким өссө хамсыыры.
Онон, билигин оҕолору эрэ куттуубун. Ольга маннык ыаллаах буолан абыранар.
Тутуу техникумугар киирбитим кэннэ, биһигини барыбытын таһырдьа биир кэккэҕэ туруорбуттара уонна үөрэх сэбиэдиссэйэ эппитэ: «Эһиги аны – тутуу салаатын сирэйэ буолаҕыт. Аҕаларгыт аатын түһэн биэримэҥ». Ол эрээри – биһиги кими түһэн биэриэхпитий? Үөрэх сэбиэдиссэйэ тугу да билбэт этэ. Аҕаларбыт оннугар дьиэбитигэр ханнык эрэ Эдиктэр кэлэллэрэ-бараллара. Биллэн турар, соҕотох буолааччылар. Онно, төһө да ардах түһэн бардар уонна мастар сэбирдэхтэрэ суйданнар, үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ барыбытыгар, киниэхэ утары турааччыларга, туһаайан саҥарбыта. Ол иһин хомуур ахсааҥҥа эппитэ. Оттон биһиги кини иннигэр туран тымныыттан титирэстэспиппит – ким даҕаны линейка маннык уһун буолуо диэн сэрэппэтэҕэ. Ол иһин кууркаларбытын үөрэнэр кылааспытыгар хаалларбыппыт. Уонна, биллэн турар, ким даҕаны табах ылбатах этэ. Ол гынан баран, кини барыбытыгар бииргэ туһаайан эппитэ, баҕар, сөп да буолуо ээ. Ким билиэй – ол кэмҥэ хас биирдиибит куукунатыгар номнуо дьээдьэ Эдик олороро буолуо дии.
Ийэм этэрэ: «Сирэйгин адьас мырдыҥнатыма, Эдуард Михайлович биһиэхэ көмөлөһөр. Кини суоҕа буоллар, эн биһикки ханна баар буолуохпутун билэҕин дуо? Эн аҕаҕыттан син биир туох да туһа суох. Арахсыахпыт да иннинэ, арахсан да баран – кини биһиэхэ силлиир эрэ. Билэҕин, биһиги ханна тиийбит буолуохпут этэй?»
Оттон СКАЧАТЬ