Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 2

Название: Утатыы

Автор: Андрей Геласимов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6090-0

isbn:

СКАЧАТЬ биллэн турар, истиэнэни лүҥсүйэр сатаммат. Онуоха эбии өссө – ыалларбыт бааллар. Ол эрээри бу этээскэ миигиттэн уонна Ольгаттан ураты биир оҕонньор эрэ олорор. Кини дьүлэй. Ол да буоллар оттон – Никита. Онон, сарсыарда ыйыыр ордук. Билигин сиэркилэни көннөрү ханна эрэ ууруохха наада.

      Кини саҥата суох миигин көрбүтэ уонна муннук диэки ыйбыта. Таҥас ыйыыр сир аннын. Оттон атын истиэнэҕэ номнуо сиэркилэ ыйанан турара. Үкчү маннык төп-төгүрүк. Ол эрээри миэнинээҕэр арыый улахан этэ.

      Мин сиэркилэни ууран баран, эппитим:

      – Ити ийэбиттэн хаалбыта. Кинилэр көспүттэрэ ыраатта да, сорох-сорох малларын умнубуттара… Ити акаары холодильнигы эҥин. Арааһа, эн Никитаҥ утуйарыгар мэһэйдиир быһыылаах.

      Кини эппитэ:

      – Суох, мэһэйдээбэт.

      Мин аан хоһу эргиччи көрбүтүм уонна өрөмүөннэнэр кэмэ кэлбит диэбитим. Онуоха кини мүчүк гыммыта уонна ону сиэбим уйуммат диэн хардарбыта.

      – Эн төһөнү көрдүүгүнүй?

      Мин этэбин:

      – Мин аныгылыы өрөмүөнү оҥоробун. Баай дьоҥҥо. Саҥа бакыат түннүктэр, хосторго тиирэ тардыллар үрүт – араас ол-бу.

      Кини син биир ыйытар:

      – Дьэ ол да буоллар – төһөнүй?

      Мин этэбин:

      – Чэ оттон, аҕыс уон, сүүс тыһыынча. Сороҕор сүүс сүүрбэ да буолар.

      Кини сөҕөр:

      – Буолар да эбит!

      Оттон мин этэбин:

      – Харчылара баһаам. Бэйэ-бэйэлэригэр киһиргээн тарбахтарын баттаныахтарын наада.

      Кини эмиэ мичээрдиир:

      – Уустук олохтоох дьон диэтэҕиҥ.

      Мин эмиэ мүчүк гынабын:

      – Дьэ, кырдьык, судургута суох.

* * *

      Мин ол курдук – ким кими албыннаабытын кыайан быһаарбатаҕым. Генка Пашканы дуу, эбэтэр төттөрү эбитэ дуу. Биллэн турар, кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин «албыннаата» дииллэр этэ. Миэхэ биир-биир джибинэн кэлэллэрэ уонна этэллэрэ: мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕа, эн ону билэҕин. Этиий – эн ону билэҕин буолбаат.

      Оттон мин билэбин диирим, тоҕо диэтэххэ, мин кинилэргэ «суох» диир кыаҕым суоҕа. Бииригэр даҕаны, иккиһигэр даҕаны. Ол эрээри, кырдьыга хайдаҕын билбэт этим. Дьиҥэр – кырдьыгын билиэхпин да баҕарбат этим. Аата, наадалаах этэ? Эн кимниин эрэ биир БТР-га умайдаххына – сорох-сорох түгэннэри адьас атыннык көрөр буолаҕын. Кинилэр көннөрү олус табыллыбыттара. Серега кинилэри арыый эрдэ хостотолообута. Бастаан кинилэри, онтон дивизия ыстаабыттан тоҕо кэлбитэ өйдөммөт капитаны, кини кэнниттэн БТР-ы ыытар Михалиһы, онтон прапорщик Демидовы уонна саамай бүтэһик миигин.

      Баҕар, кинилэр наһаа табылланнар, кэлин бэйэ-бэйэлэрин албыннаспыттара буолуо ээ. Билбэппин. Харчы – ынырыктаах мал. Мин кинилэр оннуларыгар буолуохпун төрүт баҕарбаппын. Саатар, бу сырыыга.

      Арай арыый эрдэ эбитэ буоллар, син даҕаны. Серега умайбыт БТР-га киирэр кэмигэр.

      Оттон СКАЧАТЬ