Утатыы. Андрей Геласимов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Утатыы - Андрей Геласимов страница 4

Название: Утатыы

Автор: Андрей Геласимов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6090-0

isbn:

СКАЧАТЬ иккиэйэҕин эрэ хаалаҕын, – утары көрөн олорон, оо дьэ, мин туох да үөрүйэҕим суох ээ дии саныыгын.

      Оннук, эн, кырдьык, олус өр күүтэҕин. Ол иһин үчүгэйдик сатаммат. Онуоха эбии кини эмиэ оннук буолуо буоллаҕа дии. Эбэтэр кыргыттар адьас атыны саныыллара дуу?

      Онон хайыаххыный, уруһуйдуургар эрэ тиийэҕин. Бастаан моонньун, онтон саннын. Оннук тахсан иһэр. Олороҕун, кинилэргэ кыйытта саныыгын уонна уруһуйдуугун. Онтон атын тэтэрээти ылаҕын. Онтон эмиэ.

      Дьэ, онон мин ийэбэр – үөрэҕим кэнниттэн ханна тэлбэҥнии сылдьыбыппын кыайан быһаарбатаҕым. Киниэхэ уруһуйдарым туһунан уонна училище дириэктэрэ ол уруһуйдартан сылтаан миигин үлэлиир хоһугар үс чаас туппутун, онтон өссө ханна да ыыппакка дьиэтигэр илдьэ барбытын хайаан кэпсиэхпиний? Баран иһэн уулуссаҕа көрбүт хаамаайыларыгар барыларыгар харчы биэрбитэ, бүтэһигин дьиэтин таһыгар бүтүн бөлөҕүнэн турааччыларга түҥэппитэ. Чэ, наһаа да бөлөҕүнэн буолбатар, үс хас киһи чахчы баара. Онтон үһүс этээскэ киниэхэ тахсыбыппыт, кирилиэскэ ханнык эрэ эмээхсин олороро, онуоха дириэктэр – биллэн турар, биллэн турар, киир, мин эйигин күүппүтүм ыраатта, итиннэ куукунаҕа олус элбэх мунньулунна диэбитэ. Эмээхсин куукунаҕа бэрт өр иһити-хомуоһу тыаһаппыта. Тахсарыгар көхсүгэр улахан баҕайы үрүсээхтээх этэ, дириэктэр – ыарахан буолбатах дуо, соҕотоҕун хайдах илдьэҕин, тиэрдиэҥ дуо диэбитэ. Онуоха эмээхсин тиэрдиэм диэн хардарбыта. Онтон кини миэхэ биир ханнык эрэ кинигэни көрдөрбүтэ уонна ыйыппыта: уруһуйдаргын мантан устубутуҥ дуо? Мин суох диэбитим. Тоҕо диэтэххэ, мин хантан да үтүгүннэрбэтэҕим. Көннөрү өйбүттэн уруһуйдаабытым. Мин туохтан эрэ санаам алдьаннаҕына уруһуйдааччыбын. Онуоха кини ыйыппыта: кырдьык, мантан буолбатах дуо? Онно мин эмиэ суох диэтэҕим дии. Дьэ, онно кини ол кинигэни миэхэ биэрбитэ уонна дьиэҕэр көрөөр диэбитэ. Уонна сарсын уон биир саҕана кэлэрбэр эппитэ. Онуоха мин сарсын хонтуруоллуур үлэлээхпин, үөрэх сэбиэдиссэйэ өлөрүө диэбитим. Дириэктэр эппитэ – өлөрүө суоҕа. Дьиэлээ уонна кинигэни көр диэбитэ.

      Ол да буоллар мин дьиэбэр син биир хойут кэлбитим, ийэм ол да иһин мөхпүтүнэн барбыта. Онтон мин кинини көрө-көрө хайдах да быһаарар кыаҕым суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, суумкабар били кинигэ баара. Ол кинигэни хайаан ийэбэр көрдөрүөхпүнүй! Онно баар уруһуйдары кини, биллэн турар, сөбүлээбэтэ чахчы.

      Оттон Эдуард Михайлович сөбүлээбитэ. Эбэтэр сөбүлээбэтэҕэ дуу. Ону мин билбэппин. Ол эрээри киниэхэ интэриэһинэй этэ. Кини хоско киирээт, кинигэни остуолтан сулбу тардан ылан арыйталаабытынан барбыта. Сирэйэ хайдах эрэ буолан хаалбыта… Дьикти баҕайы. Онтон бэйэтэ этэр: эн тоҕо ийэҕин эрэйдиигин? Уруһуйданар аҕай, наһаа кыһаллар саҥа аҕа үһү. Кинигэни арыйталыыр уонна этэр: эн кэлэргин кэтэһэн өйүттэн тахса сыста дии. Милииссэйэҕэ эрийээри гыммыта. Бу туох кинигэтэй? Мин этэбин: оттон эн көрө тураҕын дии. Таһын көр. Онно барыта суруллубут. Кини этэр: Гойя, Капричос. Кини тугуй, худуоһунньук дуо? Мин этэбин: ону мин билбэппин. Миэхэ ити кинигэни дириэктэр биэрбитэ. Онуоха кини этэр: дьэ, сирэй-харах бөҕө дии. Эн, аны ийэҕин эрэйдээн бүт.

      Мин кинини көрөбүн уонна саныыбын: хата бэйэҥ дьүһүҥҥүн көрөрүҥ буоллар. Эн суоҕуҥ буоллар, мин ити дьахталлары, баҕар, адьас атыннык уруһуйдуом этэ. Итинник мөкүтүк буолбатах.

СКАЧАТЬ