Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атырдьах сэргэ - Данил Макеев страница 14

Название: Атырдьах сэргэ

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-4521-1

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      Хаанымсах фашистартан Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыт II Байаҕантай нэһилиэгин уолаттара дойдуларыттан туруммуттара ый аҥаарыттан ордон баран, Иркутскай уобалас Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиийбиттэрэ. Кэлээттэрин кытары баанньыкка сырытыннарбыттара, байыаннай таҥас кэтэрдибиттэрэ. Бу иннинэ ынах этэрбэһинэн сылдьыбыт дьон куһаат кур курдук субуллубут, бачыыҥка үрдүнэн саппыкы оһун солбуйан сотоҕо эриллэр «обмотка» диэн таҥаһы сатаан эриммэккэ эрэй бөҕө буолбута. Сорохтор хааман истэхтэринэ обмоткалара субуллан хаалан хамандыырдартан мөҕүллүү-этиллии да баара. Сарсыҥҥытыгар сири хаһан землянка оҥостуутугар туруммуттара. Отчут-масчыт саха уолаттара хара үлэҕэ баҕас сирдэрбэтэхтэрэ. Сотору бэйэлэрэ олоруохтаах землянкаларын тутан, үрүт үрдүгэр иккилии наара оронноон бүтэрбиттэрэ. Үлэлииллэригэр нууччалыы билбэттэрэ улаханнык мэһэйдээбитэ. Онтукалара байыаннай үөрэххэ ордук эрэйдээбитэ. Командирдара туох диирин өйдөөбөккө түҥ-таҥ хамсаныы элбэх этэ. Күнү быһа хаамарга, ыстыыгынан киирсэргэ, сыылларга, бинтиэпкэнэн ытарга, гранатанан быраҕарга үөрэтэллэрэ. Ону таһынан сотору-сотору атаакаҕа киллэрэн сүүрүү-көтүү бөҕө буолбута. Аҕыйах хонугунан бары да сэниэлэрэ-сылбалара эстибитэ. Астара быстар мөлтөх буолан иэдэппитэ. Күнүһүн уу судураан хаппыыста миинин иһэрдэллэрэ, биирдии быһыы хара килиэп биэрэллэрэ.

      Бүөтүр убайынаан атын-атын роталарга түбэспиттэрэ. Лэгэнтэй уон алтатын туолаат көмүстээх Алдаҥҥа, Томмокко, тиийэн үлэлээбит, нууччаны-саханы кытары алтыспыт, сытыы-хотуу буолан манна да дьонтон итэҕэһэ суох сылдьара. Бүөтүр кэм түөрт кылаас үөрэхтээх, сэбиэт сэкирэтээринэн эҥин үлэлээбит киһи быһыытынан нууччалыы саҥаны син өйдүүрэ. Онтон алаастарыттан арахпатах, үрэхтэриттэн тэйбэтэх дьон улахан эрэйи көрсүбүтэ.

      Биир түүн ардах курулаччы кута турдаҕына, Лэгэнтэй тимир суол станциятын тас өттүгэр харабылга сылдьан, хараҥаҕа барыйан турар бараак дьиэ түннүгэр уот кыламныырын көрөн иттэ түһэргэ санаммыта. Ааны тоҥсуйбутугар эдэр дьахтар арыйбыта. Уу чоккурас буолбут саллааты аһына көрдө быһыылааҕа. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн итии чэй кутан биэрбитэ, кэпсэтэ түспүттэрэ. Лэгэнтэй сылаас дьиэҕэ төһө да олоро түһүөн баҕардар, аны хамандыырым түбэһэ кэлиэ диэн дьаарханан, эмиэ таһырдьа тахсарыгар тиийбитэ. Тахсарыгар дьахтар аатым Екатерина диэн диэбитэ, киирэ сылдьарыгар ыҥырбыта. Кэлин быыс булан хаста да Екатеринаҕа киирэн тахсыбыта.

      Балаҕан ыйын бүтүүтэ, Лэгэнтэйдээх роталарын икки нэдиэлэттэн эрэ ордук үөрэтээт, арҕаа атаарбыттара. Биир дойдулаахтара кинилэри тимир суол станциятыгар тиийэн атаарбыттара. Бүөтүр убайын таһыгар турдаҕына:

      – Кеша! Кеша, ты где? – дии-дии биир нуучча дьахтара саллааттары силэйэн дьулуруйан кэлэн Лэгэнтэй таһыгар кэлэн тохтуу түспүтэ. Онтон өрбөххө сууламмыт тугу эрэ туттараат:

      – Ну, дорогой, наверно больше не встретимся. Берегите себя, – СКАЧАТЬ