Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов страница 8

Название: Таптыыбын… Шёпот сердца…

Автор: Коллектив авторов

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5053-6

isbn:

СКАЧАТЬ болҕойон көрөбүт. Болҕойон эрэ буолуо дуо, сыныйан. Булчут курдук. Өскөтүн үһүөн атын-атын кыргыттары кырасаабысса диэтэхпитинэ табыллыбат… Чэ, быһатын эттэххэ, бары биир эрэ кэрэчээнэни талыахтаахпыт уонна кини хайа улуустан сылдьарын ыйыталаһыахпыт. Тиэмэ итинэн сабыллар. Өйдөөтүгүт?

      – Оттон арай нуучча кыыһа буоллун? – Коля оронуттан түһэн иһэн кэтэҕин тарбанар.

      – Оо, акаары, саха кырасаабыссатын быһаарабыт ээ. Хайдах өйдөөбөт дууһаҕыный? – Бүөккэ кыйаханар.

      Уолаттар үһүөн, кырдык-хордьук улахан суолталаах боппуруоһу быһаарар курдук сананан, түннүккэ ыкса чугаһаан, ааһар дьону болҕомтолоохтук одууластылар.

      Бу курдук күйгүөрэ олорон, уолаттар дьэ кэмниэ кэнэҕэс икки кыыс ааһан иһэрин көрдүлэр. Кыргыттар саҥата суох тоҥолохторуттан ылсан баран, тугу эрэ сэлэһэ-сэлэһэ күлсэр саҥалара иһиллэр.

      – Кыргыттаар, сэбэрэҕитин бу диэки хайыһыннарыҥ эрэ. Манна биир олус суолталаах улуу мөккүөр-боппуруос быһаарылла турар.

      Кыргыттар үөһээҥҥи түннүктэн кинилэргэ туһаайыллыбыт ыйытык бэриллибитигэр соһуйан ходьох гына түстүлэр. Кырата, модороон соҕус ласпайбыт быһыылааҕа, сирэйин мылатан түннүк үөһэтин одууласта.

      – Ээ, пахай. Эн биһиги проблемабытын кыайан быһаарбат эбиккин. Бырастыы гын. Ыл, ити бодоруунньаҕын тоҥсуй эрэ. Аны кини көрдүн. Ытырыахпыт суоҕа, – Коля, күлэн мытырыйа-мытырыйа, кыыс аргыһын диэки ыйар.

      – Кыһыл сонноох кыыс, биһиги диэки көр эрэ!

      Уолаттар үһүөн күлэн, быардарын тарбыыллар. Иккис кыыс кинилэр диэки көрөр да санаата суох. Төбөтүн нарын тарбахтарынан имэринэн ылаат, сирэйин кистии туттан, дьүөгэтин тоҥолоҕуттан өссө ыксары тутуһаат, долгун курдук уста турда.

      Миичиккэ, бэйэтэ да билбэтинэн, төбөтүгэр «ити кыыһы ханна эрэ көрбүтүм ээ» диэн санаа охсуллан ааста.

      – Бүттэхпит дии, улахамсык дуу, үөдэн дуу, – Коля сонньуйбут куолаһынан уолаттарын диэки көрөр.

      – Санаарҕаама, Коля, кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх, хата, табахтыахха, – Бүөккэ табаҕын үрдүгэр түһэр.

      Миичик кыргыттары сайыспыттыы батыһыннара көрөн хаалла. Онтон табах сытын ылан, уолаттарын диэки эргиллэн:

      – Дьаабы да дьоҥҥут. Табах буортутун миигиннээҕэр ордук билэҕит да, син биир табахтыыгыт…

      – Миичик, бүт эрэ, эмиэ үөрэтэн эрэҕин дуо? Эн курдук биһиги спортсмен буолбатахпыт уонна …

      Уолаттар үһүөн ах бардылар. Миичик санаатыгар олох тэтимэ эмискэ тохтуурга дылы гынна. Остуоруйа кэрэчээнэтэ, олоҥхобут куота диэн, арааһа, бу иһэр буоллаҕа. Кини хаһан да маннык кэрэ кыыһы бу Орто дойдуга төрөөн баран, көрө илик эбит. Кыыс киһи соһуйуох, ып-ыраас, муус маҥан ньуурдаах сирэйдээх, ыйаастыгас соҕус эрээри саһархайдыҥы харахтаах, уулаах дьэдьэн уостаах, уһун синньигэс курбуу быһыылаах.

      – Эс, маннык кэрэ кыргыттар бу сиргэ төрүүллэр эбит дуу? Дьэ, мөккүөр быһаарыллар буолла, – Коля сибигинэйэ былаастаан саҥа аллайбытыттан бары «өйдөнөн» кэллилэр.

СКАЧАТЬ